1995
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1991 1992 1993 1994 — 1995 — 1996 1997 1998 1999 |
Уоннуу сыллар |
1960-с 1970-с 1980-с — 1990-с — 2000-с 2010-с 2020-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1995 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 1 — Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтэ төрүттэммит.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 26 — Ник Лисон диэн түөкүн брокер биржаҕа оонньоон 1,4 миллиард доллар сүтэрбитин иһин Британия саамай былыргы бааннарыттан биирдэстэрэ Barings Bank эстибит.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 8 — Британия «Глаксо» хампаанньата «Уэллком фаундейшн» хампаанньаны хонтуруоллуур буолбут, онон аан дойдуга саамай улахан фармацевтика тэрилтэтэ буолбут.
- Кулун тутар 16 — Миссисипи штаат АХШ Төрүт сокуонун 13-с көннөрүүтүн ратификациялаабыт, онон кулуттааһыны сокуонунан суох гыммыт бүтэһик штаат буолбут.
- Кулун тутар 26 — ЕС сэттэ дойдутугар Шенген сөбүлэҥэ олоххо киирэн, пааспары кыраныыссаны туоруурга көрбөт буолбуттар.
- Кулун тутар 29 — Бүлүү куоратын дьаһалтатын быһаарыытынан куорат уруккута Калинин аатынан уулуссатын уларытан, Гавриил Чиряев аатын биэрбиттэр. Бу уулуссаҕа Гавриил Чиряев урут олоро сылдьыбыт эбит.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 12 — «Yahoo!» каталог баар буолбут, сотору кэминэн аан дойдуга биир саамай туһаныллар сиэрбис буолбута.
- Муус устар 23 — ЮНЕСКО Аан дойдутааҕы кинигэ уонна ааптар быраабын күнүн олохтообут.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 23 — Java диэн көмпүүтэр тылын бастакы барыла тахсыбыт.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 9 — Украина бэрэсидьиэнэ Леонид Кучма уонна Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Черноморскай флоту араарар туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
- Бэс ыйын 29 — "Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былаастарын уорганнарын ыккардыгар дьаһайар предметтэрин уонна боломуочуйаларын араартыыр туһунан сөбүлэҥҥэ" илии баттаммыт. Маны таһынан бырабыыталыстыбалар ыккардыларыгар бу сөбүлэҥҥэ олоҕурар араас хайысхалаах (экэниэмикэҕэ, бүддьүөккэ, айылҕа хостонор баайыгар, тас ситимнэргэ, айылҕа харыстабылыгар уо.д.а.) 15 сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Бу сөбүлэҥнэри бэлэмниир үлэни Василий Власов салайбыт.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 12 — Кытай сейсмологтара Мьянмаҕа уонна Кытайга буолуохтаах сир хамсааһынын эрдэттэн билэн сэрэппиттэр. Онон бөдөҥ саахалга 11 эрэ киһи өлбүт.
- От ыйын 14-15 — Саха сиригэр Арассыыйа бырабыытылалыстыбатын бэрэстээтэлэ Виктор Черномырдин сылдьыбыт. Бу сылдьан Михаил Николаев АЛРОСА-ны приватизациялыыр эрдэтин туһунан санаатын өйөөбүт.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 22 — Арассыыйаҕа бааннар ыккардыларынааҕы кирэдьиит тиһигин кириисиһэ саҕаламмыт. Икки хонон баран атырдьах ыйын 24 күнүгэр улахан дьалхаан — "хара чэппиэр" буолбут.
- Атырдьах ыйын 25 — Кириэмилгэ Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсөн алмаас бырамыысыланнаһын салгыы сайыннарыы туһунан кэпсэппит. Бу кэмҥэ дойдуга Чубайс уонна Сосковец салалталарынан бөдөҥ тэрилтэлэри атыылыыр (приватизация) залоговай аукционнар саҕаланан эрэллэрэ. Михаил Николаев АЛРОСА-ны приватизациялыыртан көмүскүүр соруктааҕа.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 18 — Украина Европа Сэбиэтигэр киирбит.
- Алтынньы 30 — Канаадаҕа Квебек провинциятыгар тутулуга суох буолуу туһунан иккис референдум ааспыт. Куоластааччы 50,58% Канаада састаабыгар хаалар диэки буолбут, 49,42% туспа барабыт диэбиттэр, онон Квебек Канаадаҕа хаалбыт.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 3 — Улуу Британия ыраахтааҕыта Елизавета II маори омугуттан бырастыы гынарыгар көрдөспүт.
- Сэтинньи 10 — Муусука Үрдүкү оскуолатын төрүттээччи Василий Босиков, суруйааччы Иван Федосеев - Доосо уонна артыыс Гаврил Колесов Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыттар.
- Сэтинньи 11 — Иван Спиридонов, Климент Корякин, Михаил Габышев, Иван Павлов Ойуунускай аатынан Судаарыстыба бириэмийэтин ылбыттар.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 7 — "Галилео" диэн космос аппарата аан дойду устуоруйатыгар бастакынан Юпитер орбитатыгар тахсыбыт. Мантан ыла 2003 сыллаахха диэри "Галилео" планетаны чинчийбитэ, ол иһигэр атмосфераҕа түһэриллэр зонд ыыппыта.
- Ахсынньы 14 — Югославия сэриитэ: Парижка Дейтоннааҕы сөбүлэҥҥэ биир өттүттэн Югославия, иккис өттүттэн Хорватия, үһүс өттүттэн Босния уонна Герцеговина илии баттаабыттар.
- Ахсынньы 20 — НАТО сэриилэрэ Боснияҕа сэриини тохтотор соруктаах киирбиттэр.
- Ахсынньы 23 — Чурапчы улууһун гимназията арыллыытын туһунан бирикээс тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алексеев Семен Григорьевич (1900—1995) — Уустарабыс, олоҥхоһут, алгысчыт, улуу муҥхаһыт, отоһут, мас ууһа.
- Васильев Семен Митрофанович (1917—1995) — Социалистическай Үлэ Геройа, суруналыыс, экскаваторщик.
- Потапов Федот Федотович (1929—1995), драматург, режиссер, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- Олунньу 14 — Огдуо Аксенова — дулгаан бэйиэтэ, дулгаан литэрэтиирэтин төрүттээччитэ.
- Муус устар 8 — Иван Данилов (29.02.1916, Хадан нэһилиэгэ, Сунтаар улууһа) — сэһэнньит, очеркист, публицист, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1965).
- Муус устар 8 — Николай Рыкунов (1936.11.23 төр.) — бэйиэт, Нам улууһун бибилэтиэкэтэ кини аатын сүгэр.
- Муус устар 14 — Алексеев Иван Гаврильевич, поэт, драматург.
- Бэс ыйын 14 — Роджер Желязны (1937 төр.), поляк төрүттээх АХШ фантаст суруйааччыта.
- Бэс ыйын 23 — Джонас Солк (1914 төр.), полиомиелиты утары быһыыны айбыт дьонтон биирдэстэрэ, вирусолог. Дьоно Польшаттан Нью-Йорка көспүт дьэбириэйдэр. Аҕата Даниил дьахтар бортунуойа буолан оҕолоро үчүгэй үөрэхтэнэллэрин хааччыйбыт.
- Атырдьах ыйын 31 — Егорова Анна Ивановна (1915—1995), саха ырыаһыта, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссера.
- Балаҕан ыйын 6 — Жорницкая Мария Яковлевна (1921—1995), история билимнэрин кандидата, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- Балаҕан ыйын 18 — Алексеев Михаил Андреевич (1917—1995), педагог, методист, ССРС норуодунай учуутала, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.
- Алтынньы 1 — Максимов Дмитрий Кузьмич (1933—1995), искусствоведение кандидата.
- Алтынньы 3 — Федот Потапов — драматург, режиссер. 1961—1983 сылларга Саха судаарыстыбаннай муусука уонна дыраама, кэлин дыраама тыйаатырын сүрүн режиссера, 1985 сыл ыам ыйыттан Нүөрүҥгүрү куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи куукула тыйаатырын режиссера. РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- Сэтинньи 4 — Жиль Делёз (1925 төр.), француз бөлөһүөгэ.
- Ахсынньы 11 — Николай Якутскай — Саха норуодунай суруйааччыта, 1946 сылтан ССРС сурууйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар сүрүн эрэдээктэрдэрэ.
- Ахсынньы 22 — Федот Сафронов (1914 с.төр.) — Азия хотугулуу-илин эҥээрин чинчиһитэ, учуонай, РСФСР уонна Саха АССР билимнэрин үтүөлээх диэйэтэлэ, РАН Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, устуоруйа билимин дуоктара.