Улуу Британия
Улуу Британия уонна Хотугу Ирландия Холбоhуктаах Хоруоллуга |
||||||
---|---|---|---|---|---|---|
Ыҥырыыта: "Dieu et mon droit" (French) "God and my right" |
||||||
Өрөгөй ырыата: "God Save the King" |
||||||
Location of the Улуу Британия (dark green) – on the European continent (light green & dark grey) |
||||||
Киин куората (уонна саамай улахан куорат) | Лондон | |||||
Ил тыла | Ааҥл тыла | |||||
Региональнай тыллар | Уэльстыы, Айрдыы, Ольстер скоттуу, Скоттуу, Скотт гэллыы, Корннуу | |||||
Омуктар (2011) | 87.1% Үрүҥнэр, 2.3% Соҕуруу азиаттар, 3.0% Харалар, 2.0% Бааhынайдар, 0.9% Илин азиаттар уонна да атыттар[1] |
|||||
Олохтоохтор ааттара | Британнар | |||||
Дьаhалтата | Парламент системата уонна Конституция монархията | |||||
- | Монарх | Карл III | ||||
- | Премьер-министр | Keir Starmer | ||||
Legislature | Парламент | |||||
- | Upper House | Лордар дьиэлэрэ | ||||
- | Lower House | Түөлбэлэр дьиэлэрэ | ||||
Formation | ||||||
- | Acts of Union | Ыам ыйын 1 к. 1707 | ||||
- | Act of Union | Тохсунньу 1 к. 1801 | ||||
- | Anglo-Irish Treaty | Муус устар 12 к. 1922 | ||||
ЭУ кыттыыта | Тохсунньу 1 к. 1973 | |||||
Иэнэ | ||||||
- | Бүтүн | 244 820 km² (79th) 94 526 sq mi |
||||
- | Уу (%) | 1.34 | ||||
Олохтоохторо | ||||||
- | 2016 estimate | 65,102,385[2] (22) | ||||
- | 2011 census | 63,258,918[3] | ||||
- | Олохтоох чиҥэ | 271/km² (50) 701/sq mi |
||||
БИО (АКП) | 2006 estimate | |||||
- | Total | US$2.270 trillion (6th) | ||||
- | Per capita | US$37,328 (13th) | ||||
БИО (номинал) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $2.772 trillion (5th) | ||||
- | Per capita | US$45,845 (9th) | ||||
Дьини (2012) | 32.4[4] | |||||
КСИ (2005) | ▲ 0.946 (high) (16th) | |||||
Валюта | Pound sterling (£) 1 (GBP ) |
|||||
Кэм зоната | GMT (UTC+0) | |||||
- | Сайыҥҥы кэм | BST (UTC+1) | ||||
Ил домен | .uk | |||||
Телефон кода | +44 | |||||
Footnotes |
Улуу Британия уонна Хотугу Ирландия Холбоhуктаах Хоруоллуга (United Kingdom of Great Britain and Northern Ireland) диэн хотугулуу-арҕаа Европа дойдута. Британия арыыларыгар баар. Атлантика далайын кытылыгар Европа арҕаа өттүгэр сытар.
Сомоҕо хоруоллук 1707 сыллаахха Шотландия уонна Англия хоруоллуктара холбоһууларын түмүгэр олохтоммута; ол эрээри, мантан эрдэ 1603 сыллаахха, Шотландии хоруола Яков VI Англия уонна Ирландия бөрөстүөллэрин утумнаабыта (Яков I). 1800 сыллаахха Улуу Британия Хоруоллуга уонна Ирландия Хоруоллуга холбоһон, Улуу Британия уонна Ирландия холбоһуктаах хоруоллуктара буолбуттара. 1922 сыллаахха Ирландия көҥүл дойдута арахсыаҕыттан Холбоһуктаах Улуу Британия уонна Хотугу Ирландия хоруоллуктара диэн ааттаммыта.
Улуу Британия — Европа бөдөҥ дойдуларыттан биирдэстэрэ, 1952 сыллаахтан ядернай сэрии сэптээх дойдулар ахсааннарыгар киирэр (1968 сыллаахха ядернай сэрии сэбин тарҕаппат туһунан дуогабарга билиниллибитэ), ХНТ Куттал суох буолуутун куруук баар чилиэнэ, урукку Британия империятын метрополията (киинэ); британия ыраахтааҕыта 15 тутулуга суох судаарыстыба уонна Содружество баһылыгынан билиниллэр.
Ааҥыл тыла элбэх дойдуга иккис тыл быһыытынан тарҕанна, интэриниэккэ уонна да атын ситимнэргэ баһылыыр оруолу оонньуур. Улуу Британия экэниэмикэтэ — аан дойдуга тохсус миэстэни ылар; дойду байыаннай бүддьүөтэ — аан дойдуга үрдүктэртэн биирдэстэрэ.
Салайыытын тутула — парламеннаах монархия. Судаарыстыбатын тутула — квази-унитарнай судаарыстыба, XX үйэ бүтэһигиттэн судаарыстыбаҕа киирэр түөрт дойдуттан үһэ (Шотландия, Хотугу Ирландия, Уэльс) хааччахтаах автономия бырааптаахтар.
Киин куората — Лондон, Европа бөдөҥ куораттарыттан биирдэстэрэ, аан дойду үбүн-экэниэмикэтин кииннэриттэн биирдэстэрэ.
Официал тыллара: дойдуга — ааҥыл тыла; ону таһынан Уэльска валлийскай; Шотландияҕа гэльскай (шотландия кельтарын тыллара) уонна скотс (шотландия ниэмэстэрин тыла); Корнуоллга (Англия) - корнскай; Хотугу Ирландияҕа - ирландскай.
Дьоно сэргэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Биэрэпис (Census in the United Kingdom) хас уон сыл аайы буолар http://www.statistics.gov.uk/geography/census_geog.asp Архыыптаммыт 2011, Бэс ыйын 4 күнүгэр.
2011 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн Улуу Британия олохтоохторун ахсаана 63181775 буолбута[5]. Бу көрдөрүүтүнэн Европа Сойууһугар 3-с миэстэлээх, Наассыйалар Содружестволарыгар — 5-суонна аан дойдуга — 21-с.
Устуоруйаттан
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1917 — Аан дойду бастакы сэриитин кэмигэр Улуу Британия хоруола Георг V бэйэтин кэргэттэрин ааттарыттан ниэмэстии титуллары суох гынарга ыйаах таһаарбыт. Инньэ гынан хоруол династиятын аата Саксен-Кобург-Гота оннугар Виндзор буолбута.
Экономиката
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Аан дойду үрдүнэн Улуу Британия экономикатынан алтыс миэстэҕэ турар уонна Европаҕа Германияҕа эрэ баһыйтарар.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ 2011 Census: Ethnic group, local authorities in the United Kingdom Office for National Statistics
- ↑ Population estimates. Office for National Statistics U.K.
- ↑ 2011 UK censuses". Office for National Statistics. (17 Ахсынньы 2012).
- ↑ CIA World Factbook[Gini rankings]
- ↑ 2011 Census, Population and Household Estimates for the United Kingdom: Release
Бу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
|