1944 сыл: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты
Тас көрүҥэ
Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
15 устуруока: | 15 устуруока: | ||
* [[Алтынньы 5]] — [[Франция]]ҕа дьахталлар быыбарга кыттар кыахтаммыттар. [[Аан дойду иккис сэриитэ]] бүтүүтүгэр дьахталларга маннык быраап [[Европа]] дойдуларыттан [[Швейцария]]ҕа уонна [[Лихтенштейн|Лихтенштейҥҥэ]] эрэ бэриллибэккэ хаалбыта. |
* [[Алтынньы 5]] — [[Франция]]ҕа дьахталлар быыбарга кыттар кыахтаммыттар. [[Аан дойду иккис сэриитэ]] бүтүүтүгэр дьахталларга маннык быраап [[Европа]] дойдуларыттан [[Швейцария]]ҕа уонна [[Лихтенштейн|Лихтенштейҥҥэ]] эрэ бэриллибэккэ хаалбыта. |
||
* [[Алтынньы 13]] — [[Аан дойду иккис сэриитэ]]: Сэбиэскэй аармыйа [[Рига]]ны ылбыт. |
* [[Алтынньы 13]] — [[Аан дойду иккис сэриитэ]]: Сэбиэскэй аармыйа [[Рига]]ны ылбыт. |
||
* [[Алтынньы 15]] — Иккис аан дойду сэриитэ: Сэбиэскэй Сойууһу кытта эйэлэспитин иһин Германия былаастара Венгрия бырабыыталыстыбатын уларыппыттар. |
|||
=== Сэтинньи === |
=== Сэтинньи === |
02:46, 19 Кулун тутар 2022 барыл
Сыллар |
---|
1940 1941 1942 1943 — 1944 — 1945 1946 1947 1948 |
Уоннуу сыллар |
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1944 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 1 — Александр Александров муузыкатыгар аан бастаан ССРС өрөгөйүн ырыата (гиимнэ) тыаһаабыт.
- Тохсунньу 17 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Италияҕа түөрт ыйдаах Монте-Кассино кыргыһыыта саҕаламмыт.
- Тохсунньу 22 — Аан дойду иккис сэриитэ: Союзниктар «Шингл» эпэрээһийэни саҕалаабыттар — Анцио уонна Неттуно (Италия) куораттарга саба түспүттэр.
- Тохсунньу 24 — Корсунь-Шевченковскай эпэрээһийэ саҕаламмыт. Бу олунньу 17 күнүгэр диэри буолбут кыргыһыыга Кыһыл аармыйа чаастара 140 тыһыынча киһилээх ньиэмэс чаастарын Украина Корсунь-Шевченсковскай куоратыгар төгүрүйбүттэрэ уонна урусхаллаабыттара.
- Тохсунньу 27 — Ленинград 872 хонуктаах блокаадата толору уһуллубут.
Алтынньы
- Алтынньы 2 — Аан дойду иккис сэриитэ: Ньиэмэстэр Варшаватааҕы өрө турууну хам баттаабыттар.
- Алтынньы 5 — Францияҕа дьахталлар быыбарга кыттар кыахтаммыттар. Аан дойду иккис сэриитэ бүтүүтүгэр дьахталларга маннык быраап Европа дойдуларыттан Швейцарияҕа уонна Лихтенштейҥҥэ эрэ бэриллибэккэ хаалбыта.
- Алтынньы 13 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй аармыйа Риганы ылбыт.
- Алтынньы 15 — Иккис аан дойду сэриитэ: Сэбиэскэй Сойууһу кытта эйэлэспитин иһин Германия былаастара Венгрия бырабыыталыстыбатын уларыппыттар.
Сэтинньи
- Сэтинньи 1 — Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ куукулатын театра үлэтин саҕалаабыт.
- Сэтинньи 7 — Рихард Зорге диэн сэбиэскэй разведчигы (нуучча-ньиэмэс булкаастаах киһи) дьоппуоннар өлөрбүттэр.
- Сэтинньи 11 — Грецияҕа саҥа драхма киирбит.
- Сэтинньи 12 — Аан дойду иккис сэриитэ: Британия салгын сэбилэниилээх күүстэрэ 29 "Авро Ланкастер" (Avro Lancaster) бомбардировщигы ыытан, "Тирпиц" (Tirpitz) диэн ньиэмэс сүүнэ линкорун Тромсё (Норвегия) аттыгар тимирдибиттэр.
- Сэтинньи 13 — Бельгия бырабыыталыстыбата Утарсыы тэрилтэлэрин сааларын-саадахтарын былдьыыр туһунан быһаарыныы ылыммыт.
- Сэтинньи 14 — Германия диэкки буолбут генерал Андрей Власов Прагаҕа "Арассыыйа норуоттарын босхолуур кэмитиэт" манифеһын ааҕан иһитиннэрбит, бу кэмитиэт бэрэстээтэлинэн талыллыбыт.
- Ахсынньы 22 — Вьетнам норуодунай аармыйата тэриллибит.
Төрөөбүттэр
- Тарбахов Иннокентий Иннокентьевич — биллиилээх асчыт, «Тыгын Дархан» ресторан шеф-повара.
- Тохсунньу 21 — Василий Скрябин — Саха АССР бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, талааннаах салайааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ.
- Олунньу 9 — Захарова Агафья Еремеевна — филология билимин хандьыдаата.
- Олунньу 23 — Попов Семен Андреевич (Тумат) — бэйиэт, суруйааччы, литератураны ырытааччы.
- Бэс ыйын 28 — П. Г. Петрова, CӨ науукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, медицина науукатын дуоктара, профессор
- От ыйын 3 — Соколов Эдуард Дмитриевич (Тулусхан) (03.07.1944—05.08.1996) — суруйааччы
- Атырдьах ыйын 29 — Оконешников Семен Петрович, Арассыыйа үтүөлээх, Саха сирин норуот артыыһа
- Сэтинньи 12 — Нестерова Люция Дмитриевна — бэйиэт, литературовед
- Сэтинньи 25 — Владимир Яковлев — 1996-2003 сылларга Санкт-Петербург губернатора, 2004-2007 сылларга Арассыыйа Экэниэмикэ сайдыытын миниистирэ. Ийэтэ, фиинн дьахтара, Өлүөхүмэҕэ көскө кэлэн олордоҕуна төрөөбүт.
- Ахсынньы 6 — Валентина Николаевна Гаврильева – прозаик суруйааччы
- Ахсынньы 23 — Пестряков Петр Петрович, Саха үтүөлээх артыыһа
Өлбүттэр
- Андреев Ананий Кононович, 1929 - 1931 сыллардаахха Саха АССР Совнаркомын бэрэсэдээтэлэ.
- Достовалов Семён Васильевич (1919—1944) — кыһыл армеец, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1945)
- Жадейкин Максим Степанович (1914—1944) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1944).
- Тохсунньу 30 — Тепляков Мартын Пантелеймонович (10.01.1918—30.01.1944) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа.
- Атырдьах ыйын 23 — Шавкунов Георгий Иванович Сэбиэскэй Союз Геройа.
- Балаҕан ыйын 2 — Шараборин-Кумаров Михаил Терентьевич (1866 - 1944), олоҥхоһут.
- Ахсынньы 23 — Космачёв Михаил Михайлович (1920—23.12.1944) — гвардия старшай сержана, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1945).