Чингиз Айтматов
Чинги́з (Шынгы́с, Шынгы́з) Тореку́лович Айтма́тов (кырг. Чыңгыз Төрөкулович Айтматов; 1928 сыл ахсынньы 12, Шекер, Таласс кантона, Кыргыыс АССР, РСФСР, ССРС — 2008 сыл бэс ыйын 10, Нюрнберг, Германия) — кыргыыс уонна нуучча биллиилээх суруйааччыта[1]; өр сылларга үлэлээбит дипломат.
Кыргыстаан сэбиэскэй сойуус өрөспүүбүлкэтин норуодунай суруйааччыта (1968), Кыргыыс Өрөспүүбүлүкэтин Дьоруойа (1997), Кыргыыс ССР Наукаларын академиятын академига (1974), Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1978); Ленин бириэмиэйтин лауреата (1963), ССРС Судаарыстыбаннай бириэмиэтин үс төгүллээх лауреата (1968, 1977, 1983).
Биографията
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Чингиз Айтматов 1928 сыллаахха Кыргыстаан сойуустаах өрөспүүбүлүкэтигэр Таласс кантоҥҥа Шекер диэн бөһүөлэккэ ахсынньы 12 күнүгэр төрөөбүтэ (билиҥҥинэн Кыргыстаан Таласстааҕы уобалаһа). Төрөппүт аҕата, Торекул Айтматов (1903—1938), бастаан бааһынай, актыбыыс киһи этэ. Кэлин сэбиэскэй былаас уонна баартыйа көхтөөх үлэһитэ, Кыргыыс сэбиэскэй өрөпүүбүлүкэтин биллэр судаарыстыбаннай диэйэтэлэ буолбута. Ол гынан баран, 1937 сыллаахха сымыйанан балыллан хаайыллыбыта (эрэпириэссийэлэммитэ) уонна 1938 сыллаахха ытыллыбыта. Төрөппүт ийэтэ, Нагима Хамзиевна Абдувалиева (1904—1971), омугунан татаар этэ. Оччотооҕу аармыйаҕа бэлиитикэ үлэһитэ, кэлин биллэр уопсастыбаннай диэйэтэл буолбута. Чингиз бииргэ төрөөбүттэрин кытта Шекергэ улааппыта. Онно кинилэри аҕалара күүһүнэн кэриэтэ хаайыллыан эрэ иннинэ аҕалбыта. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Чингиз 14 эрэ саастааҕар аилга сэбиэт сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. .
Оскуола сэттэ кылааһын бүтэрэн баран, Чингиз Айтматов Джамбуллааҕы зоотехникумҥа туттарсан киирбит, үөрэҕин туйгуннук бүтэрбитэ. 1948 сыллаахха Фрунзе куоракка баар Кыргыстааннааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар киирбитэ уонна онтун 1959 сыллаахха бүтэрбитэ.
Айар үлэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Аан бастакы айымньытын 1952 сыллаахха нуучча тылынан суруйбута. «Газетчик Дзюйдо» кэпсээнэ ити сыл «Комсомолец Киргизии» хаһыакка муус устар 6 күнүгэр тахсыбыта. Ол кэннэ кыргыыстыы эмиэ суруйар буолбута. 1956 с. Москубаҕа Үрдүкү литэрэтиирэ куурустарыгар үөрэммитэ.. 1957 сыллаахха "Ала-тоо" сурунаалыга "Джамиля" сэһэнин суруйан таһаарбыта. Сэһэни Луи Арагон француз тылынан тылбаастаан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта. Ол кэннэ Чингиз Айматов аата аан дойдуга биллибитэ. Үгүс омук тылыгар тылбаастаммыта. ССКП 1959 сыллаахтан чилиэнэ.
«Джамиля» кэннэ «Верблюжий глаз» (1960), «Первый учитель» (1961), «Материнское поле» (1963) сэһэннэрэ уонна Ленин бириэмийэтин ылбыт «Повести гор и степей» (1963) хомуурунньуга бэчээттэммиттэр. 1965 сыллаахха "Первый учитель" киинэни Андрей Кончаловскай киинэ оҥорон экраҥҥа таһаарбыта.
Судаарыстыбаннай үлэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1990 сылтан саҕалаан (1992 сылтан Арассыыйа Федерациятын Посольствота) Люксембург Улуу Герцогствотыгар ССРС Посольствотын салайбыта. 1994 сылтан 2006 сыллаахха диэри Кыргыстаан Бенилюк дойдуларыгар посала — Бельгияҕа, Люксембурга уонна Нидерланнарга, Франциҕа, Хотугу Атлантик Үлэх Тэрилэтигэр уонна ЮНЕСКОҕа.
Чингиз Айтматов диабетынан ыалдьара.[2] 2008 сыллаахха бэс ыйын 10 күнүгэр ньиэмэс Нюрнберг куоратын балыыһатыгар эмтэнэ сытан өлбүтэ. Чигиз Айтматов өлбүтүгэр Кыргыыс Өрөспүүбүлүкэтигэр кутурҕан күнүн биллэрбиттэрэ.
Бэс ыйын 14 күнүгэр "Ата-Бейит" мемориал комплексыгар, Бишкек куорат кытыытыгар, көмүллүбүтэ.
Өйдөбүл
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бэлиэтээһиннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Айтматов Чингиз. www.vedu.ru. Тургутулунна 20 Бэс ыйын 2016.
- ↑ Administrator. Ширин Айтматова: Самое большое достояние – жизнь, проведённая рядом с отцом(нууч.). aytmatov.com. Тургутулунна 18 Муус устар 2017.
Литэрэтиирэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Айтматов, Чингиз Торекулович // Казахстан. Национальная энциклопедия. — Алматы: Қазақ энциклопедиясы, 2004. — Т. I. — ISBN 9965-9389-9-7.
- Буббайер Ф. Совесть, диссидентство и реформы в Советской России = Conscience, Dissent and Reform in Soviet Russia. — М.: Российская политическая энциклопедия (РОССПЭН); Фонд Первого Президента России Б. Н. Ельцина, 2010. — 368 с. — (История сталинизма). — 2000 экз. — ISBN 978-5-8243-1334-5
- Гачев Г. Д., Чингиз Айтматов: В свете мировой культуры, Фрунзе, 1989.
- Казак В. Лексикон русской литературы XX века = Lexikon der russischen Literatur ab 1917 / [пер. с нем.]. — М. : РИК «Культура», 1996. — XVIII, 491, [1] с. — 5000 экз. — ISBN 5-8334-0019-8.
- Кто есть кто в мировой политике / Отв. ред. Л. П. Кравченко. — М.: Политиздат, 1990. — С. 5.
- Исонов А., Психологизм современной прозы: На материале творчества Чингиза Айтматова, А.- А,, 1985.
- Рыскулова Ж., Восприятие творчества Чингиза Айтматова в англоязычных странах, Фрунзе, 1987.
- Туманов, В. «Mythic Cycles in Chingiz Aitmatov’s Spotted Dog Running Along the Seashore.» Canadian Slavonic Papers 38(1-2): 135—154. 1996.
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Скончался Чингиз Айтматов, похороны состоятся в субботу
- Чингиз Айтматов «Беседа с одним бахаи»
- Фото Чингиза Айтматова
- Айтматов, Чингиз Торекулович в библиотеке Максима Мошкова
- Книги Чингиза Айтматова в интернет-магазинах Архыыптаммыт 2020, Бэс ыйын 27 күнүгэр.
- Интервью Архыыптаммыт 2012, Алтынньы 25 күнүгэр.
- Чингиз Айтматов снят с посольских должностей
- Чингиз Айтматов рассказывает о своей повести «Пегий пес, бегущий краем моря»
- Видео Чингиза Айтматова о понятиях «Свобода», «Совесть» и «Взаимопонимание»
- Магический соцреалист. Умер Чингиз Айтматов (Коммерсантъ)
- Сборная биография Чингиза Айтматова
- Чингиз Айтматов: «Немецкий читатель наиболее активен и предан мне»
- Чингиз Айтматов: Основу жизни составляет любовь. Одно из последних интервью («Чайка»)
- Федерико Майор: Я не забуду Иссык-Куль (Azattyk)
- М. Ухмылина. Вторая жизнь // Советская Культура. — 1970. — 16 июня. — С. 4.
- «Үлэҕэ уһулуччутун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- Норуоттар Доҕордоһууларын уордьанын кавалердара
- Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанын кавалердара
- Октябрьскай Революция уордьанын кавалердара
- Ленин уордьанын кавалердара
- Доҕордоһуу уордьанын кавалердара (Россия)
- Социалистическай Үлэ Геройдара
- Дьон алпаабытынан
- Сэбиэскэй Сойуус суруйааччылара
- Суруйааччылар алпабыытынан
- 2008 сыллаахха өлбүттэр
- Бэс ыйын 10 күнүгэр өлбүттэр
- 1928 сыллаахха төрөөбүттэр
- Ахсынньы 12 күнүгэр төрөөбүттэр
- Түүрдэр