Иһинээҕитигэр көс

2008

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
2004 2005 2006 200720082009 2010 2011 2012
Уоннуу сыллар
1970-с 1980-с 1990-с2000-с2010-с 2020-с 2030-с
Үйэлэр
XX үйэXXI үйэ — XXII үйэ

2008 сыл.

  • Тохсунньу 10 — СӨ бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров Джуно куорат судаарыстыбаннай бибилэтиэкэтигэр (Аляска, АХШ) харалла сытар М.З. Винокуров докумуоннарын уонна архыыбын куопуйатын өрөспүүбүлүкэҕэ ылар туһунан дьаһалга илии баттаабыт. Хамыыһыйа тэриллибит.
  • Тохсунньу 10 — Дьокускай куоратын Уокуругун Сэбиэтэ Дьокуускай куоратын дуумата диэн ааттаммыт. Маннык ааттаах тэрилтэ 1856 сыллаахха бастаан тэриилибитэ, 61 сыл үлэлээбитэ, 1917 сыллаахха суох буолбута. 2002 сыллаахха сөргүтүллүбүтэ.
  • Тохсунньу 18 — Евфрониос кратера (иһиэх иннинэ арыгыны ууну кытта булкуйарга аналлаах иһит) диэн Былыргы Грецияҕа оҥоһуллубут туой иһит Римҥэ көрдөрүүгэ тахсыбыт. Бу иннинэ АХШ Метрополитен түмэлигэр көрдөрүүгэ турбута, Италияҕа уоруллубут оҥоһуктары төннөрүү бырагырааматынан төннөрүллүбүтэ.
  • Тохсунньу 19 — Дьокуускайга Опера уонна балет тыйаатырыгар Ыал сыла үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыытын туома оҥоһуллубут.
  • Тохсунньу 26-27 күннэрэ — Өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан Волейбол күннэрэ ытыллыбыттар. Мэҥэ-Хаҥаласка икки хонукка 4 тыһыынча кэриҥэ киһи волейболлаабыт, Аммаҕа — тыһыынчаттан тахса, Бүлүүгэ уонна Горнайга — тыһыынчаны эрэ кыайбат дьон. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 20 тыһыынчаттан тахса киһи оонньообут.
  • Олунньу 1Мандар Уус "Саха ойуута-бичигэ" диэн кинигэтэ 5000 ахсаанынан атыыга тахсыбыт. Ааптар матырыйаалы 40 сыл тухары хомуйбута.
  • Олунньу 6 — Мииринэйгэ Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бастакы вице-премьера Дмитрий Медведев кэлэ сылдьыбыт.
  • Олунньу 13Австралия премьер-миниистирэ Кевин Радд Австралия төрүт олохтоохторун уонна "уоруллубут көлүөнэлэр" иннилэригэр судаарыстыба буруйдааҕын билиммит уонна алы буолалларыгар көрдөспүт.
  • Олунньу 17Косово Сербияттан тутулуга суоҕун биллэрбит. ХНТ Аан дойдутааҕы суута 2010 сыл от ыйын 22 күнүгэр Косово Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин тутулуга суоҕунан биллэриитин аан дойду быраабын кэспэтин билиммитэ. 2017 сыллаахха бу өрөспүүбүлүкэни билиммит дойдулар ахсааннара 114 буолбута. Сербия билигин да Косово сирдэрин бэйэтин сиринэн ааҕар, ол эрээри хонтуруоллуур кыаҕа суох.
  • Олунньу 19Кууба баһылыга Фидель Кастро улахан бэлиитикэттэн барарын туһунан биллэрбит.
  • Олунньу 24 — Фидель Кастро доруобуйата мөлтөөн Кууба салалтатын үрдүкү сололоруттан туораабыт. Кини Куубаны 1959 сыллаахтан ыла салайбыта. Ол тухары кинини 100-тэн тахса төгүл өлөрө сатаабыттар, бу чахчы Гиннесс рекордтарын кинигэтигэр киирбит.
  • Кулун тутар 1 — Читинскай уобалас уонна Агинскай-Бурятскай автономнай уокурук холбоһоннор Забайкальскай кыраай үөскээбит.
  • Кулун тутар 2 — Арассыыйаҕа бэрэсидьиэн быыбара буолбут. Түөрт хандьыдаат кыттыбытыттан Дмитрий Медведев куолас 70,28 бырыһыанын ылан кыайыылаах тахсыбыт. Иккси миэстэҕэ 17,72 бырыһыаннаах Геннадий Зюганов тахсыбыт.
    • Саха сиригэр ону таһынан Ил Түмэҥҥэ дьокутаатары (төрдүс ыҥырыы), 17 муниципалитет баһылыгын уонна хас да улуус сэбиэтигэр дьокутааттары талбыттар. Ил Түмэҥҥэ баартыйалар испииһэктэринэн 35 киһи талыллыбыт ("едиинэйдэр" быыбардааччылар 51,8% куоластарын ылан - 20 мандааты, "сиэрдээхтэр" уонна КПРФ алталыы, аграрнай баартыйа — 3 дьокутааты), өссө 35 дьокутаат биир мандааттаах уокуруктан талылллыбыт. Манна саҥа булкаас систиэмэ киллэриллибитэ: дьокутааттар куорпустарын аҥаара (35 киһи) урукку курдук биирдии мандааттаах уокуруктартан талыллыбыттара, оттон иккис аҥаара — баартыйалар испииһэктэринэн.
  • Кулун тутар 14Лхасаҕа дьалхаан саҕаламмыт, кэлин Тибиэт атын оройуоннарыгар тарҕаммыт.
  • Кулун тутар 20 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрдүс ыҥырыылаах Ил Түмэнин бэрэстээтэлинэн Виталий Басыгысов талыллыбыт. Бу дуоһунаска 2013 сыл күһүнүгэр диэри үлэлээбитэ.
  • Кулун тутар 24Бутан аан бастаан дойду үрдүнэн быыбар ыытан дэмэкирээттии судаарыстыба буолбут.
  • Кулун тутар 25Адыаччы орто оскуолатыгар СӨ үтүөлээх учуутала, ССРС үөрэҕириитин туйгуна, Саха сиригэр черчение хамсааһына сайдарыгар сүҥкэн оруоллаах киһи, Дьааҥы улууһун ытык киһитэ Василий Чириков аатын иҥэрбиттэр.
  • Муус устар 2-3 күннэрэ — Вячеслав Штыров салайааччылаах СӨ официальнай дэлэгээссийэтэ ФРГ-га бөдөҥ хампаанньаларга сылдьыталаабыт: туннель хаһар Herrenknecht FG, хайа ыарахан техникатын оҥорор Komatsu Mining Germany GmBH уонна Сименс хампаанньа чинчийэр институтугар.
  • Муус устар 3 — СӨ суруналыыстары сойууһун XV сийиэһэ буолбут. Дэлэгээттэр саҥа устаабы ылыммыттар. Бу кэмҥэ сойуус 1090 чилиэннээҕэ, сийиэскэ 80 дэлэгээт кыттыбыт. Бырабылыанньа бэрэстээтэлинэн бу иннинэ "Якутия" хаһыат сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччытынан үлэлээбит Галина Бочкарева талыллыбыт.
  • Муус устар 8-12 күннэрэ — СӨ муниципальнай тэриллиилэрин II сийиэһэ буолбут.
  • Муус устар 8 — Москубаҕа постпредство тойоно Александр Акимов салайааччылаах официальнай дэлэгээссийэ Пекиҥҥэ КНР үөрэҕин министиэристибэтин Национальнай спорт федерациятын салалтатын кытта көрсүбүт. Дьокуускайга буолуохтаах IV "Азия оҕолоро" оонньууларга Кытай кыттарын туһунан кэпсэппиттэр.
  • Муус устар 16 — Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕынан Чайандатааҕы гаас үөскээбит сиригэр үлэлиир лиссиэнсийэни Газпром ылбыта.
  • Ыам ыйын 7Дмитрий Медведев Арассыыйа бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар киирбит.
  • Ыам ыйын 12Кытайга Сычуань провинцияҕа 8,0 магнитудалаах сир хамсааһынын түмүгэр 69 000 тахса киһи өлбүт. Кырата 4,8 мөлүйүөн киһи дьиэтэ суох хаалбыт.
  • Ыам ыйын 19 — Сахалыы Бикипиэдьийэ Викимедиа пуондатын Тылын кэмитиэтин бигэргэтиитин ылбыт. Бу иннинэ 2006 сыл ахсынньытыттан инкубаатарга тургутар бырайыак быһыытынан үлэлээбитэ.
  • Ыам ыйын 21 — Дьокуускайга култуура эгэлгэтин күнэ киэҥник бэлиэтэммит. Саха тыйаатырыгар үөрүлээх тэрээһин ыытыллыбыт. Бастакы түһүмэҕэ Олоҥхоҕо анаммыт, 4 тыйаатыр олоҥхоттон быһа тардыылары көрдөрбүттэр, иккис түһүмэх Саха сирин устуоруйатыгар анаммыт, манна сахалар, аҕыйах ахсааннаах омуктар, былыргыттан олорор нууччалар култууралара көрдөрүллүбүт. Үһүс түһүмэххэ ЮНЕСКО Саха сиригэр үлэтин көрдөрүү буолбут.
  • Ыам ыйын 24 — «Евровидение» ырыа күрэһигэр Арассыыйа аан бастаан кыайбыт (Дима Билан).
  • Ыам ыйын 26Кытай илин уонна соҕуруу сирдэригэр күүстээх халаан буолбутун түмүгэр 148 киһи өлбүт, 1,3 мөлүйүөн киһи эвакуацияламмыт.
  • Ыам ыйын 30 — Кассеталаах буомбаны бобор туһунан конвенция ылыныллыбыт. 2010 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр 30 дойду илии батаабытын кэннэ олоххо киирбитэ.
  • От ыйын 4 — Дьокуускайга "Туймаада" стадиоҥҥа IV "Азия Оҕолоро" оонньуулар аһыллыбыттар. Үс олимпиец Роман Дмитриев, Павел Пинигин уонна Александр Иванов дүҥүрү охсубуттар.
  • От ыйын 12 — IV "Азия Оҕолоро" оонньуулар үөрүүлээх сабыылара буолбут. Онньууларга 16 дойду, Арассыыйа 27 субъега кыттыны ылбыттар. Барыта үс тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыт, онтон спортменнара 1854, 710-на тас дойдулартан. Күрэхтэһиилэри 705 судьуйа, ол иһигэр 35 кыраныысса таһыттан, 245 атын регионнартан, көрбүт-истибит. Эдэр спортсменнар 19 көрүҥҥэ күрэхтэспиттэр.
  • Атырдьах ыйын 22
    • XXIX Олимпиадаҕа Ньурбаттан төрүттээх боксер Георгий Балакшин боруонса мэтээли ылбыт.
    • Анголаҕа АЛРОСА Сауриму куорат аттыгар гидроэлектростанцияны арыйбыт. Бу ГЭС "Катокаҕа" алмаас хостонуутун түргэтэппитэ.
  • Алтынньы 5Кыргыстааҥҥа сир хамсааһын түмүгэр 75 киһи өлбүт.
  • Алтынньы 7Саха сирин суруйааччыларын сойууһун XV сийиэһэ буолбут. Бэрэстээтэлинэн норуодунай бэйиэт, "Саха сирэ" хаһыат тутаах эрэдээктэрэ Наталья Харлампьева саҥа болдьоххо талыллыбыт. Отчуоттуур биэс сылга сойууска 13 саҥа чилиэн киирбит, отчуокка этиллибитинэн суруйааччылар орто саастара 58 сыл буолбут, сойууска киирэр суруйааччылар 205 кинигэлэрин "Бичик" кинигэ кыһата таһаарбыт, саха тылынан 11 арамаан суруллубут.
  • Алтынньы 22 — «Быыһыырга уонна чөл хаалларарга» («Спасти и сохранить») диэн экологтар акциялара бу күн Юграттан Саха сиригэр эстафетаннан көһөрүллүбүт.
  • Ахсынньы 29 — Дьокуускайга 2 поликлиника саҥа дьиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыттар. Бу Кальвица уулуссатыгар тутуллубут дьиэҕэ 5 нүөмэрдээх куорат балыыһата үлэлээбитэ, билигин Дьокуускай куорат мэдиссиинэҕэ киинэ диэн ааттанар.