Муус устар 19
Тас көрүҥэ
Муус устар 19 диэн Григориан халандаарыгар сыл 109-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 110-c күнэ). Сыл бүтүө 256 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Англия — Примула күнэ. 1881 сыллаахха бу күн Британия чулуу бэлиитигэ Бенджамин Дизраэли өлбүт. Примула сибэккини сөбүлүүрүн билэр буолан, Виктория ыраахтааҕы уруккуттан да киниэхэ сибэкки дьөрбөлөрүн ыытар эбит, бу сырыыга примула веногун ыыппыт. Кэлин бу күнү бэлиэтээһин Британияҕа үгэс буолбут
- Венесуэла — Тутулуга суох буолуу күнэ (1810)
- Сьерра Леоне — Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1971)
- Уругвай — Отут үс Ориенталес күнэ. Ориенталес диэн "илиҥҥилэр" диэн тылбаастанар, Бразилия илин өттүн арааран ыларга дьулуспут дьон. 1825 сыллаахха Аргентинаттан устан кэлбит Хуан Лавальеха диэн киһи баһылыктаах этэрээт оччотооҕуга Бразилия бас билэр сирдэригэр Уругубаай өрүс кытылыгар түспүт. Бу дьон олохтоохтору өрө туруорбуттарын түмүгэр Уругубаай диэн тутулуга суох дойду үөскээбитэ
- Арассыыйа — Арассыыйа полиграфиятын күнэ. 2013 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Нууччалыы бастакы кинигэ бэчээттэниитин кытта ситимнээх
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 531 — Каллиникум аттынааҕы кыргыһыы: Рааккаҕа (Хотугу Сиирийэ) Пиэрсийэ аармыйата Велисарий баһылыктаах Византия аармыйатын кыайбыт.
- 1563 сыллаахха Москубаҕа Иван Фёдоров уонна Петр Мстиславец типографиялара үлэтин саҕалаабыт.
- 1775 — Америка колонистара Британия сэриилэрин кытта бастакы кыргыһыылара буолбут. Тутулуга суох буолуу иһин сэрии саҕаламмыт.
- 1780 — Екатерина II полиция реформатын саҕалаан Управа благочиния диэн тэрилтэни олохтообут. Быраабалар Арассыыйаҕа сүүсчэ сыл үлэлээбиттэрэ.
- 1852 сыл тохсунньу 1 күнүгэр (саҥа истиилинэн тохсунньу 13 күнэ) Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэттэн араарыллан күбүөрүнэ бырааптаах туспа уобалас буоларыгар дуоһунаска киирбит Саха уобалаһын бастакы күбүрүнээтэрэ Константин Григорьев муус устар 19 күнүгэр Дьокуускайга кэлбит.
- 1925 — ССРС-ка «Пионерская зорька» диэн оҕолорго аналлаах араадьыйа биэриитэ аан бастаан тахсыбыт.
- 1928 — Ааҥыл тылын Оксфордааҕы тылдьытын бастакы таһаарыыта түмүктэммит.
- 1943 — ССРС-ка СМЕРШ (нууччалыы "Смерть шпионам" диэн тыллары кылгатыы) олохтоммут. Биир ааттаах үс туһунан тэрилтэ баара: оборона наркомаатын, флот уонна ис дьыала наркомаатын истэригэр. Бу тэрилтэлэр фронт аттыгар диверсааннары, үспүйүөннэри, таҥнарыахсыттары буларынан дьарыктаналлара, билиэнтэн босхоломмуттары чинчийэллэрэ. Байыаннай кэм сокуонунан суута суох ытар бырааптаахтара.
- 1947 — «Ииндийэ национальнай кэҥгириэһэ» Ииндийэни икки дойдуга араарарга сөбүлэҥин биэрбит: Ииндийэ уонна Пакистаан.
- 1970 — Аан бастакы "Жигули" массыына конвейертан тахсыбыт (ВАЗ-2101).
- 1971 — «Салют» диэн бастакы орбитаҕа куруук көтө сылдьар ыстаансыйа куйаарга көппүт.
- 1972 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреаттарынан ырыаһыт Анегина Ильина уонна үҥкүүһүт Геннадий Баишев буолбуттар.
- 1987 — «Симпсоннар» (The Simpsons) ойуулук-сэрийээл бастакы сиэрийэтэ тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1772 — Давид Рикардо, Британия экэнэмииһэ.
- 1922 — Арҕаа Хаҥалас улууһугар Мытаах нэһилиэгэр Саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов төрөөбүт.
- 1935 — Жанна Лебедева (04.07.2002 өлб.) — эбээн уос номоҕун чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата, Арассыыйа билимин Академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ.
- 1935 — Сунтаар оройуонун Тойбохой нэһилиэгэр «Сахателеком» генеральнай дириэктэрэ Николай Николаев төрөөбүт.
- 1936 — Горнай улууһун Маҥаны нэһилиэгэр Василий Павлов (03.02.1982 өлб.) — социолог-бөлүһүөк, бөлүһүөпүйэ билимин хандьыдаата.
- 1946 — Дуйгу Асена (туур. Duygu Asena, 1946 сыл, муус устар 19 күнэ, Стамбул — 2006 сыл от ыйын 30 күнэ, Стамбул) — туурак суруналыыһа, суруйааччыта, дьахтар быраабын көмүскээччи түмэт диэйэтэл.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1824 — Европа улуу бэйиэтэ Байрон.
- 1922 — Хохочой тоһуурун тэрийбит бастаанньыстары сойуолаһыыга сэриилэһэ сылдьан Дмитрий Григорьев (Мотуруос) өлбүт, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх кыһыл байыас.
|