От ыйын 1
Тас көрүҥэ
От ыйын 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 182-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 183-c күнэ). Сыл бүтүө 183 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Олохтоох бэчээт күнэ. 1907 сыллаахха бэчээттэммит "От ыйын 1 күнэ" диэн бастаах билиҥҥи чинчийээччилэр "Сахатытыы манифеһа"[1] диэн ааттыыр ыстатыйаларыттан силис тардар (билиҥҥи ааҕыынан 1907 сыл от ыйын 14 күнүгэр тахсыбыт).
- Арассыыйа — Реставратор күнэ [2] [3] [4]
- Армения — Прокуратура үлэһиттэрин күнэ[5].
- Болгария — Джулай, ыччат байҕал кытылыгар мустар күнэ
- Бурунди — Тутулуга суох буолуу күнэ (Бельгияттан 1962 сыллаахха)
- Улуу Британия, Виргин арыылара — Арыылар күннэрэ
- Венгрия — Чунуобунньук уонна судаарыстыба сулууспалааҕын күнэ
- Гана — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Ииндийэ — Быраас күнэ
- Казахстаан — Домбра күнэ
- Канаада — Канаада күнэ (урукку аата Доминион күнэ). 1867 сыллаахха Канаада Британия Импиэрийэтиттэн тахсыбакка эрэ бэйэтин бырабыыталыстыбатын бэйэтэ талар буолбут.
- Канаада, Ньюфаундленд — Өйдөбүнньүк күнэ
- Кыргыстаан — Нолуок үлэһитин күнэ[6]
- Кытай — Хомуньуус баартыйа олохтоммут күнэ
- Лесото — Ыал күнэ
- Миэксикэ — Инженер күнэ
- Молдавия — Нолуок сулууспатын күнэ
- Пакистаан — Оҕо көмүскэлин күнэ
- Руанда — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Сингапур — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Сомали — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Суринам — Кети Коти (Көҥүл күнэ)
- Турция — Байыаннай байҕал флотун күнэ
- Украина — Архитектура күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1569 — Люблиннааҕы уния: Польша хоруоллуга уонна Литва улуу княжествота уния түһэрсэн холбоспуттар; дойду аата Речь Посполита диэн ааттаммыт.
- 1770 — Лексель кометата Сиргэ чугаһаан, Ыйдааҕар 6 эрэ төгүл ыраахха кэлбит (2,180,000 км). Комета комата (иитэ, саҕата) халлааҥҥа Ыйдааҕар 4 төгүл улахан буолан көстүбүт.
- 1862 — Арассыыйа судаарыстыбатын бибилэтиэкэтэ олохтоммут, ол саҕана Москубатааҕы публика түмэлин бибилэтиэкэтин быһыытынан.
- 1867 — Британия Хотугу Америкатын туһунан сокуон олоххо киирбит, Канаада провинция, Нью-Брансуик уонна Саҥа Шотландия конфедерация буолбуттар, билигин баар Канаада үөскээбит. Бу күн Канаада күнүн быһыытанан сыл ахсын бэлиэтэнэр.
- 1874 — Шоулз уонна Глидден бэчээттиир масыыҥкалара атыыга тахсыбыт, бу бастакы урбаан өттүнэн ситиһиилээх масыыҥка этэ.
- 1899 — Аан дойду гостиницаларыгар Библияны босхо тарҕатар «Гидеон» диэн тэрилтэ үөскээбит.
- 1903 — Бастакы Tour de France («Франция бэлисипиэт туура») саҕаламмыт. Бу аан дойдуга саамай ааттаах-суоллаах бэлисипиэт күрэһэ буолар.
- 1907 (уруккуннан бэс ыйын 18) — Николай Афанасьев диэн саха учууталын аатыгар нууччалыы уонна сахалыы тахсар «Якутский край» — «Саха дойдута» хаһыакка көҥүл бэриллибит. Бу хаһыат Саха сирин аан бастакы легальнай демокрааттыы хаһыата этэ. Бастакы нүөмэрэ от ыйын 14 күнүгэр (уруккунан 1 күнүгэр) тахсыбыта. Сүрүн таһаарааччылар Афанасьев, көскө сылдьар болдьоҕо түмүктэммит эсер Михаил Сабунаев уонна гимназия учуутала В.В. Жаров этилэр. Бастакы эрэдээктэринэн Бүлүүттэн төрүттээх Семен Корякин буолбута. Хаһыаты бэчээттиир массыынаны атыылаһарга үбү атыыһыт Петр Кушнарев уонна Баһылай Никифоров (Күлүмнүүр) биэрбиттэрэ[7].
- 1908 — SOS алдьархай буолуутун туһунан аан дойду билиммит биллэриитэ буолбут.
- 1916 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Сомма кыргыһыытын бастакы күнүгэр Британия 19 000 саллаата өлбүт, 40 000 бааһырбыт. Бу Сомма өрүс кытылыгар биир өттүттэн Британия уонна Франция, иккис өттүттэн Германия аармыйалара 18 күн сэриилэспит кыргыһыыларыгар 3 мөлүйүөн киһи кыттыбыта, 1 мөлүйүөн киһи өлбүтэ эбэтэр эмсэҕэлээбитэ.
- 1918 — Апполинарий Рыдзинскай баһылыктаах экспедиционнай этэрээт Дьокуускайы ылан Сэбиэскэй былааһы олохтообут. Үрүҥнэр куорат караулларыгар уонна Преображенскай сыаркапка хорҕойон утарыласпыттар. Кыргыһыыга үрүҥнэртэн 30 киһи, кыһыллартан 7 киһи өлбүт, контрреволюционнай Уобаластааҕы Сэбиэт уонна эсер этэрээттэрэ тыаҕа куоппуттар. Сотору кыһыллар куорат баайдарыгар контрибуция түһэрбиттэр.
- 1921 — Арассыыйа Уһук Илинин бассабыыктарын көмөтүнэн Чэнь Дусю уонна Ли Дачжао диэн дьон Кытай хомуньуус баартыйатын олохтообуттар.
- 1939 — Саха сирин суруйааччыларын I сийиэстэрэ саҕаламмыт. 5 хонук мунньахтаабыттар.
- 1948 — Түөрт хонук үлэлээн баран Саха сирин суруйааччыларын II сийиэстэрэ түмүктэммит.
- 1968 — Атомнай сэрии сэбин тарҕаппат буоларга дуогабар түһэрсиллибит. Вашингтоҥҥа, Лондоҥҥа уонна Москубаҕа мустубут 62 дойду бэрэстэбиитэллэрэ илии баттаабыттар.
- 1968 — Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт, Сунтаар Тойбохойугар үйэтин тухары үлэлээбит аатырбыт учууталга Георгий Бессоновка (18.08.1915 — 04.10.2005) Социалистыы Үлэ Дьоруойа ытык аат иҥэриллибит.
- 1991 — Тымныы сэриигэ Европаҕа НАТО блогун утары тэриллибит Варшава Дуогабарын тэрилтэтэ суох буолбут.
- 2008 — Монголияҕа быыбар түмүгүн итэҕэйбэккэ айдаан саҕаламмыт. Ол түмүгэр бэрэсидьиэн Намбарын Энхбаяр дойду устуоруйатыгар бастакы ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньатын киллэрбит, түөрт хонук буолан баран аймалҕан тохтообут. Сорох кэтээн көрөөччүлэр аймалҕаны баайдар уонна дьадаҥылар ыккардыларыгар арыт аһара улааппытынан быһаарбыттара, сорохтор — быыбар хаамыытын сиһилии кэпсээбэтэхтэн өйдөөбөт быһыы-майгы тахсыбытын бэлиэтэбиттэрэ.
- 2009 — Арассыыйаҕа сүүйсүүлээх оонньуулары боппуттар.
- 2013 — Хорватия Европа Сойууһун 28-с чилиэнэ буолбут.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1865 — Прокопий Сокольников, саха бастакы идэтийбит быраастарыттан биирдэстэрэ.
- 1873 — Илья Башарин (1928 өлб.) — суруксут, нэһилиэк кинээһэ. Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллигенциятыгар» диэн улахан үлэтигэр сирэй аадырыстаабыт биэс киһититтэн биирдэстэрэ буолар..
- 1923 — Бүлүү Баппаҕаайытыгар Иван Николаев, биллиилээх булчут.
- 1929 — Гурий Турантаев, норуот эмчитэ, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Уус Алдан улууһун уонна Бээрийэ нэҺиэлиэгин Ытык киһитэ.
- 1934 — Василий Протодьяконов, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, литературовед, литэрэтиирэ кириитигэ. Аатырбыт "Хара сир устун..." диэн тыллартан саҕаланар "Ньургуһуннар" ырыа ааптара. Устудьуоннуу сылдьан суруйбута.
- 1936 — Егор Егоров, РФ уонна СӨ наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ НА чилиэнэ, СӨ Илин бириэмийэтин наукаҕа уонна техникаҕа лауреата, экономика дуоктара, профессор.
- 1941 — Елизавета Попова, хуор тэрийээччи, ССРС култууратын туйгуна
- 1943 — Михаил Семенов, П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
- 1951 — Полина Иванова, саха дьахталларыттан бастакы композитор.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1242 — Чаҕатай хаан, монгол баһылыга (1183 төр.). Чыҥыс Хаан уонна Бөртө иккис уоллара. Орто Азия билиҥҥи 5 судаарыстыбатын сирдэрин салайбыта.
- 1977 — Виктор Тихонов (21.12.1908 төр.) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 2021 — Муттуххай Бороҥ — суруйааччы, бэйиэт, суруналыыс, Үөһээ Бүлүү улууһун "Үөдүгэй нэһилиэгэ" муниципальнай тэриллии баһылыга.
|
- ↑ Олег Сидоров, "От ыйын 1 күнэ": Сахатытыы манифеһа. Чолбон, 2020-8, 77-78 сир.
- ↑ События. Тургутулунна 1 Кулун тутар 2021.
- ↑ В России отмечают День реставратора. Тургутулунна 1 Кулун тутар 2021.
- ↑ Всероссийский День реставратора в Музее под открытым небом (ru-RU) (1 От ыйын 2020). Тургутулунна 1 Кулун тутар 2021.
- ↑ День работника прокуратуры Армении — 1 июля. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010
- ↑ День налогового работника Кыргызстана.
- ↑ Н.Е. Афанасьев. О дореволюционных газетах, в которых я принимал участие. — Рукописный фонд ЯФ СО АН СССР. Отдел истории, оп. 40, д. 1. — С. 1 — 2