Иһинээҕитигэр көс

Хоролор

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

XX үйэ саҕаланыытыгар Хоро нэһилиэктэрэ Бороҕон, Үөһээ Бүлүү, Арҕаа Хаҥалас, Сунтаар улуустарыгар бааллара. Хоро ууһа Мэҥэҕэ, Намҥа, Орто Бүлүүгэ уонна Байаҕантай, Өлүөхүмэ улуустарыгар бааллара. XVII үйэҕэ хоролор Аммаҕа, Тааттаҕа уонна Алдаҥҥа олорбуттара. Алдаҥҥа 80 киһилээх Хоро буолаһа баара. Кинилэри кытта биир сэмиэбийэҕэ бөтүҥнэр уонна боотулулар дьааһах төлүүллэрэ. Алдаҥҥа Маҕас буолаһыгар, Томпо өрүһүн тардыытыгар уонна Таатта аллараа сүүрүгэр Хоро буолаһа диэн баар этэ.
Саха номоҕор хоролор хойукка диэри туспа тыллаахтара бэлиэтэнэр. Онон монгол тыллаах хоролор саха ортотугар олохсуйбут буолуохтарын сөп. Сахаҕа хоролор тустарынан хас да өйдөбүл баар. Хоро хатата диэн, кырдьык хорилар уот ылааччы дьон быһыытынан бэлиэтэлэнэллэр. Хоро тэбиэнэ диэн өйдөбүлү хоролор тус соҕурууттан төрүттээхтэрин көрдөрөр диэҕи баҕарыллар. Хоро Кытат диэн саха номоҕор көтөр кыстыыр сирэ ааттанар. Хоринецтар ырыаларыгар ылланар мэлдьи күөх сайын турар Наян Наваа диэн өбүгэлэрин дойдутун туһунан өйдөбүлү кытта биир.

Мүрү күөлүн тула олохсуйбут хоролору Тыгын уолаттара хаҥаластар кыргыбыттара диэн сэһэн баар. Бу сэһэн архыып докумуоннарынан бигэргэтиллэр. Ол аата бу Саха сирин историятын быһаарбыт биир сүрүн быһылаан нуучча кэлбитин кэннэ дьиҥэр буолбут буолуон сөп эбит. Ол курдук хаһаахтар суруктара көрдөрөрүнэн, Откурай (Тыгын уола Өлькөрөй) 600 боотурдаах Бөтүҥ кинээһэ Логуй Сынаков (Лөгөй) дьонугар саба түһэн, кыргыс кэмин үгэһинэн, оҕолуун-дьахтардыын бүүс-бүтүннүү имири кыргыбыттар. Манна бу Бөтүҥ дьоно дэнэр уус нуучча остуруогун чугаһыгар олохсуйбуттарын, нууччалары кытта доҕордуу сыһыан олохтообуттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол аата бу Лөгөй кинээс кистэлэҥинэн нууччалары кытта бииргэ, хаҥаластары утары эбит, ол аата биһиги өйдүүрбүтүнэн Лөгөй дьонугар түһэн сахалар утары туруу онорбуттар диэххэ сөп.
Ол эрээри нуучча докумуоннара бу бөтүҥнэр диэн ааттыыр дьоно, биһиги өйдүүрбүтүнэн хоролор, балайда элбэх ахсааннаах буолуохтарын сөп эбит. Ол курдук бу кыргыы кэнниттэн кинилэр олох да эстибэтэхтэр, арай атын саха уустарыгар баһылыыр оруолларын сүтэрбиттэр, сахатыйарга барбыттар. Ол курдук саха сэһэнэ этэринэн, «Аата били хоро таҥаратыгар дылы буолан?» диэн өс хоһооно баара.
Сыҥаах Абыйакаан Тарбыах Тиис баһылыктаах хоролор Бэрт Хараны кытта ыаллыы олорбуттара диэн буолар. Сорох номоххо Бэрт Хара хоролору кыргыбыттарын ситиһээччи буолар. Бэрт Хара Сыҥаах Абыйакаан иитиэх уола диэн этэ диэн эмиэ баар. Хата Лөгөй тойон Сыҥаах Абыйакаан уола буолуон сөп курдук, архыып докумуонугар «Логуй Сигаков» диэн киирэ сылдьар (Материалы по истории Якутии XVII века, ч.1., 1970, с. 13), Парфен Ходырев суруйуутугар «Логуй Амуканов» кинээс уола буолан көрдөрүллүбүт.
Маҥнай кэлбит хаһаах атамааннара бэлиэтээбиттэринэн, Алдаҥҥа, Аммаҕа уонна Тааттаҕа «хоринецтар» (хоролор) диэннэр бааллара. Өссө Өлүөнэҕэ яколлар, якуттар уонна братскайдар олороллор диэн, Yс суол араас омук олорбутун курдук көрдөрүү баар. Дьэ бу көрдөрүүлэр олус интириэһинэйдэр! Өссө туран, Бороҕон курдук улахан буолас баара, архыып докумуонугар 1640 сылга диэри олох бэлиэтэммэт эбит. Онон бороҕоннор кэлин били кыргыллыбыт хоролор тобохторуттан үөскээбит буоллахтарына көҥүл. Аны туран кинилэри бөтүҥнэр диэн ааттыы сылдьыбыттара, бөрө төрүттээх буряттар диэн өйдөбүлү кытта сибээстээх буолуон син. Бороҕоннор ааттарын бордьигин (боржигин) диэн Чыҥыс хаан төрүт ууһун аатын кытары тэҥнии тутуохха сөп. Кэлин Чыҥыс хаан удьуора наһаа элбээн, Монголия нэһилиэнньэтэ үксэ Боржигин диэн фамилияны ылбыт.
Урут хаҥаластар уонна намнар салаалара буолар аҕа уустара (дүпсүннэр, үөдэйдэр) кэлин, нуучча кэлбитин кэннэ эрэ Алдаҥҥа, Аммаҕа уонна Тааттаҕа тахсан олохсуйбуттарын көрөбүт. Ол курдук Кээрэкээн баһылыктаах боотулулар (дьохсоҕоннор) Тааттаҕа тиийэн байаҕантайдары үтүрүйэллэр. Бөтүҥнэр да маҥнай Дьокуускай остуруогун (ол саҕана Нам сиригэр турдаҕына) таһыгар бэлиэтэнэллэр. Онтон сорохторо дьэ арахсан, нуучча казактара эккирэтиилэриттэн Амманы булбуттар. Онон көрдөххө, дьиҥ саха уустара нуучча кэлбитин эрэ кэннэ Yс хочоттон киин Саха сирин үрэхтэринэн тарҕаммыт курдуктар.