Иһинээҕитигэр көс

Сметанин Тимофей Егорович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сметанин Тимофей Егорович
Төрөөбүт күнэ:

25 сэтинньи 1919({{padleft:1919|4|0}}-{{padleft:11|2|0}}-{{padleft:25|2|0}})

Төрөөбүт сирэ:

Орто Бүлүү улууһа,
Саха уобалаһа

Өлбүт күнэ:

4 атырдьах ыйын 1947({{padleft:1947|4|0}}-{{padleft:8|2|0}}-{{padleft:4|2|0}}) (27 сааһыгар)

Дойдута:

Россия империята Россия империятаССРС ССРС

Дьарыга:

сэһэнньит, поэт

Айымньыларын тыла:

саха

Бастакы кинигэтэ:

Мэхээлэчээн булчут (1943)

Наҕараадалара:
«Хорсунун иһин» мэтээл — 1944 «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл — 1943

Сметанин Тимофей Егорович (25.11.1919—04.08.1947) — саха суруйааччыта, прозаик, поэт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

1919 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр Орто Бүлүү улууһун кырыы нэһилиэгэр Чачыга (кэлин Кэбээйи нэһилиэгэ, Кэбээйи улууһа) дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Аҕата Егор Николаевич иккис кэргэниттэн Левина Анастасия Степановнаттан үс оҕоломмут, Тимофей бастакылара этэ.

Оскуолаҕа хойутаан, төрөппүттэриттэн көҥүлэ суох, 11 сааһыгар 1930 сыллаахха, үөрэх дьыла бүтэрэ чугаһаабытын кэннэ киирбит. 1933 сыллаахха ситиһиилээхтик төрдүһү бүтэрбит. Онтон 13 сааһыгар Калинин аатынан колхуос көмөлөһөөччү суоччутунан анаммыт. Онтон Намҥа киирэн суоччут куурсун бүтэрэн 1934 сыл олунньутуттан колхуоһугар суоччут буолбут. 1936—37 үөрэх сылларыгар Кэбээйи оскуолатыгар кэлин биллиилээх поэт буолбут Пантелеймон Тулааһынап директорынан үлэлии сылдьан литературнай куруһуок ыыппыт. Ол куруһуокка Тимофей актыыбынай чилиэнинэн буолбут, илиинэн таһаарар сурунаалларыгар худуоһунньуктаабыт.

1942 сыл атырдьах ыйыгар Кэбээйи оройуонун военкоматынан Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 284-с минометнай полкаҕа сулууспалаабыт, старшай телефонист. «Хорсунун иһин» (18.01.1944)[1], «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» (22.06.1943)[2] мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Фронтан, ыалдьан, 1944 сыллаахха төннүбүт.

  • Лоокуут уонна Ньургуһун. Драма. 1945 сыллааҕы саха бастыҥ драмата буолбут.
  • Егор Чээрин. Сэһэн.
  • Талыллыбыт айымньылар: Хоһооннор, кэпсээннэр уонна драма. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1951. — 252 с.
  • Талыллыбыт айымньылар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1969 —464 с.
  • Күөрэгэй: Остуоруйа. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1945. — 20 с.; 1984. — 24 c.
  • Саллаат сүрэҕэ: Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1945. — 59 с.
  • Куоска олоҥхото: Кыра оҕолорго остуоруйа. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1946. — 18 с.; 1961. — 20 с.; 1976. — 16 с.
  • Егор Чээрин: Орто уонна улахан саастаах оҕолорго. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1947. — 60 с.; 1963. - 75 c., 1985. — 56 с.
  • Көрүдьүөс күн: Кыра саастах оҕолорго. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1947. — 24 с.
  • Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ: Кыра уонна орто саастаах оҕолорго / Т. Е. Сметанин, Я. В. Стручков. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1961. — 44 с; 1986 – 56 с.
  • Көрсүһүөхпүт: Кэпсээннэр, сэһэннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1979. — 175 с.
  • Айымньылар: 2 т. — Дь.: Бичик, 1999. 1 т. — Кэпсээннэр, сэһэннэр, пьесалар, хоһооннор. — 204 с.— 2 т. — Хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр, драмалар. — 204 с.
  • Сүрэхтэн кэпсэтии: Хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр,сэһэн, драма/ Хомуйан оҥордо уонна аан тылын суруйда П. Аввакумов. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1989. — 191 с.
  • Тимофей Сметанин (Олоҕо уонна айымньыта). Н. З. Копырин. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1976 — 128 с.