Иһинээҕитигэр көс

Дягилев Андрей Алексеевич

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дягилев Андрей Алексеевич1920-с сылларга Үөһээ Бүлүү кыһыл дружинатыгар хамандыыр.

1872 сыллаахха Томскай губерния Смоленскай волоһын Бийскэй уеһын Красный Яр дэриэбинэтигэр төрөөбүт. Духовнай семинария 5 кылааһын бүтэрбит. 1895 сыллаахха байыаннай сулууспаҕа ыҥырбыттар. 2 сыл сулууспалаабыт. Онтон Порт-Артур куоракка байыаннай оскуолаҕа делопроизводителинэн үлэлээбит. Онно сылдьан нуучча-дьоппуон сэриитин кэмигэр политическай буруйдааһыҥҥа түбэһэн Илин Сибииргэ (Саха уобалаһыгар) Бүлүү уокуругар 32 сыл хаатыргаҕа суутунан уурахтанан кэлбит. 1902 сыллаахха бэс ыйын 28 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Хороҕо кэлэн олохсуйар.

  • 1902 сыллаахха олохтоох баайы кытта сатаспакка биир сыл Ньурба Чуукаарыгар «көннөрүнэргэ» диэн ыытыллыбыт. Биир сыл ыалтан ыалга көһө сылдьыбыт.
  • 1903 сыллаахха Бүлүүтээҕи араҥ ыарыылаахтар балыыһаларын бырааһа Зоядинскай ыҥырыытынан араҥнар колонияларыгар суруксутунан үлэлээбит. Төннөн кэлэн 1905 сыллаахха кэргэннэнэр. Харастар кыыстарын Өрүүнэни кэргэн ылбыт.Сэттэ оҕолоноллор. (Серафим, Дуня, Алексей, Павел учуутал буолбуттара; Саня атыыһыт, Марфа фельдшер, Андрей связист этилэр).
  • 1908-09 сылларга Ньурба Сүлэтигэр учууталлыыр.
  • 1910 с. Марха народнай управатыгар суруксут көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир.
  • 1912 с. Ньурба волоһын суруксута.
  • 1918 с. байыаннай коллегия чилиэнэ.
  • 1918 с. алтынньытыттан 1919 с. тохсунньу 1 күнүгэр диэри колчаковецтар тутаннар Бүлүү түрмэтигэр хаайан кээһэллэр.
  • 1920 с. тохсунньу 1 күнүттэн Бүлүү уеһын 3 учаастагар милииссийэ начальнига.
  • 1922 с. Бүлүү уеһын сэбиэтин сийиэһигэр делегатынан кыттар. Саха уобалаһын Сэбиэтин сийиэһигэр дэлэгээтинэн талыллар.
  • 1922 с. бандьыыттары утары добровольнай дружинаҕа киирэр.
  • 1923 с. атырдьах ыйын 4 күнүттэн 1924 сыл бүтүөр диэри 2-3 учаастактарга народнай судьуйанан үлэлиир.
  • 1926 с. Хоро оскуолатын сэбиэдиссэйэ уонна учуутала, 1934 с. өлүөр диэри.