Борисов Семен Захарович
Борисов Семен Захарович (24.08.1911—07.10.1999) — биллэр ил уонна баартыйа диэйэтэлэ, Саха АССР-га хостуур бырамыысыланнас сайдарыгар олук уурбут киһиннэн билиниллэр, ону таһынан Чурапчы холкуостарын көһөрүүгэ бөрүкүтэ суох кыттыыта ахтыллар, кини өрөспүүбүлүкэни салайар кэмигэр кини быһаччы дьаһалынан саха кылаассык суруйааччыларын уонна устуорук учуонайдарын омугумсуйууга буруйдаан айымньыларын бобо сылдьыбыттара.
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1911 сыл атырдьах ыйын 24 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас Бастакы Тыыллыма нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1926 сыллаахха Ороссолуодатааҕы сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрэр, 1930 сыллаахха орто үөрэҕи Дьокуускайга бүтэрэр.
1929 сыллаахха Нөөрүктээйи нэһилиэк сэбиэтин сэкрэтээринэн үлэтин саҕалыыр.
1930—1932 сс. Дьаҥхаады оскуолатын сэбиэдиссэйинэн, Мэҥэ-Хаҥалас райисполкомун устурууктарынан, норуот үөрэҕириитин салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1932 сылга ЯЦИК устурууктара, баартыйаҕа киирэр. 1934 сылга 23 саастаах сылдьан Сунтаар райисполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт.
1938 сылга Москубаҕа сэбиэт тутуутун үрдүкү куурустарыгар үөрэххэ ыытыллар уонна 1939 сыллаахха бүтэрэр.
1939—1941 сс. — устурууктар, көһөрүү салаатын начаалынньыга. Ити салааУкраинаттан уонна Бөлөрүүстэндьоннору көһөрүүнэн дьарыктаммыта.
Сэрии саҕаланаатын кытта Совнарком бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
1944 сыллаахха сири оҥоруу наркома, сүөһү иитии миниистирэ.
1946 сыллаахха Миниистирдэр Сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэ.
1951 сыллаахха ССКП Саха Сиринээҕи обкомун сэкэрэтээрэ. Бу дуоһунаска киириэн иннинэ ахсынньы 10 күнүгэр «Правда» хаһыакка «Саха литературатын историятын сөпкө сырдатар туһугар» диэн ыстытыйата тахсар. Ол ыстатыйаҕа Кулаковскай А. Е., Софронов А. И. уонна Неустроев Н. Д. тустарынан «Три якутских просветителя-реалиста» диэн кинигэ ааптарын Г. П. Башарины устуоруйаны токурутууга буруйдаабыта, суруйааччылары бэйэлэрин саралаабыта (холобур, Өксөкүлээҕи аһаҕастык үрүҥнэргэ сулууспалаабыта диэбитэ, Алампа «Ытык хайалар кэпсэтиилэрэ» айымньытын "контрреволюцоннай националистыы" диэн сыана быспыта), ону таһынан бэчээккэ, билим тэрилтэлэригэр уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһугар баччааҥҥа диэри бу "омсолоох" кинигэ аһаҕастык кириитикэлэнэ илигин ыйбыта, өрөспүүбүлүкэ идиэйнэй үлэһиттэрин уталыппакка манан дьарыктанарга ыҥырбыта[1].
Сойуолаһыытын салҕаабыта, 1952 сыл олунньу 5-6 күннэригэр буолбут Саха сиринээҕи ВКП(б) обкуомун бюротун мунньаҕа Башарин кинигэтин уонна үс суруйааччы кинигэлэрин боппута, 1944 сыл алтынньы 16 күнүгэр Ылдьаа Винокуров дьаныарынан тахсыбыт үс суруйааччыны сөргүтэр уурааҕы көтүрбүтэ, бэчээккэ Өксөкүлээх, Алампа уонна Н. Неустроев "реакционнай айымньыларын уонна көрүүлэрин" саралыырга сорудахтаабыта, оскуола программаларын уларытарга, учуонайы уонна суруйааччылары көмүскэспит дьону эппиэккэ тардарга уураахтаабыта[2].
Бу уураах 1962 сыллаахха эрэ сүнньүнэн көтүрүллүбүтэ, олунньу 16 күнүгэр буолбут ССКП Саха сиринээҕи обкуомун бюротун мунньаҕын быһаарыытыгар обкуом бастакы сэкиритээрэ Башарины олоҕо суохтук буруйдааһыҥҥа уонна саха норуотун литэрэтиирэҕэ нэһилиэстибэтин дьадатыыга буруйдааҕа этиллибитэ, ол эрээри, Борисов бэйэтин алҕастарын аһаҕастык билиммитин туһунан бэлиэтээбитэ[3]. Ол эрээри саҥа уураах урукку уурааҕы олоччу көтүрбэтэҕэ (ону Наталья Харлапьева бэйэтин кинигэтигэр[4] Борисов дуоһунаһыгар хаалбытынан быһаарар), онон уураах 1989 сыллаахха эрэ толору көтүрүллүбүтэ.
1965 сыллаахха пенсияҕа тахсар.
1999 сыл алтынньы 7 күнүгэр, 88 сааһын туолан баран өлбүтэ.
Аатын үйэтитии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Дьокуускайга киниэхэ аналлаах боруонса мэҥэ турбута, 2022 сыллаахха ахсынньы 10 күнүгэр үөрүүлээх аһыллыыта буолбута. Ааптар — скульптор Афанасий Романов[5].
2016 сыллаахха кини туһунан кинигэ "Бичик" кинигэ кыһатыгар "Выдающиеся люди республики" сиэрийэҕэ тахсыбыта. Ааптар Афанасий Кириллин.
Мөккүөрдээх санаалар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Борисов Семен Захарович салалтатынан Чурапчы холкуостарын сэрии кэмигэр хоту көһөрүү буолбута. Ол кэмҥэ кини көһөрүү наркомунан үлэлиирэ, арҕаа дойдулартан көскө кэлбит дьону оннуларын буллартыыра. Билиҥҥигэ дылы чурапчылары улахан алдьархайга тиэрдибит дьаһалы ким ылбыта чопчу биллибэт, көһөрүү оруннааҕын туһунан мөккүөрдэр да бааллар. Ол гынан баран, көһөрүү олохтоох, объективнай төрүөттээх да этэ диир буоллахха, көһөрүүнү бэлэмнээһин быстар мөлтөхтүк ыытыллыбыта, онтон сылтаан элбэх өлүү-сүтүү буолбута мөккүөрэ суох.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
- ↑ С. Борисов, А. Сурков, Л. Климович. За правильное освещение истории якутской литературы // газета "Правда", 1951, 10 декабря
- ↑ Протокол №93 заседания бюро Якутского обкома ВКП(б) от 5-6 февраля 1952 г. // НА РС(Я), фонд П-3, опись 128, дело 22
- ↑ Протокол №18 заседания бюро Якутского обкома КПСС от 16 февраля 1962 г. // НА РС(Я), фонд П-3, опись 220, дело 32
- ↑ Наталья Харлампьева Семен Данилов. — 2-е изд., испр.. — Москва: Молодая гвардия, 2021. — С. 137. — 285 с. — (Жизнь замечательных людей). — 1000 экз. — ISBN 978-5-235-04489-0
- ↑ В Якутске открыли памятник видному государственному деятелю Семену Борисову // ЯСИА