Иһинээҕитигэр көс

1992 сыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1988 1989 1990 199119921993 1994 1995 1996
Уоннуу сыллар
1960-с 1970-с 1980-с1990-с2000-с 2010-с 2020-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1992 сыл.

  • Тохсунньу 2Арассыыйаҕа табаар сыаната босхо ыытыллыбыт (либерализация цен). Бу дойду экэниэмикэтин төрдүттэн уларыта тутуу (радикальнай реформа) саҕаланыыта этэ.
  • Тохсунньу 6 — Байыаннайдар өрө турууларын кэнниттэн Грузия бэрэсидьиэнэ Звиад Гамсахурдиа дойдуттан куотар.
  • Тохсунньу 9 — Астрономнар устуоруйаҕа бастакынан Күнтэн атын сулус таһыгар планеталары булбуттар.
  • Тохсунньу 17Япония премьер-миниистирэ Киити Миядзава дьоппуон аармыйата Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр кэриэй дьахталларын кулут быһыытынан туһаммытын иһин Япония буруйдааҕын билиммит уонна кэриэйдэртэн хом санааны туппаттарыгар көрдөспүт.
  • Тохсунньу 19 — СӨ Тас ситимнэрин министиэристибэтэ тэриллибит.
  • Тохсунньу 29
    • Борис Ельцин «Атыы-эргиэн көҥүлүн туһунан» (нууч. О свободе торговли) ыйаах таһаарбыт. Дойдуга чааһынай урбаан көҥүллэммит. Бу ыйаах сыананы көҥүл ыытыы содулун сымнатар соруктааҕа, Арассыыйа олохтоохторун суттан быыһаабыта, санаа-оноо уларыйарыгар төһүү буолбута.
    • РСФСР Судаарыстыбыаннай баанын Саха АССР-дааҕы Сүрүн управлениета СӨ Национальнай баана диэн ааттаммыт.
  • Олунньу 4Венесуэла бэрэсидьиэнин Карлос Андрес Переһы Уго Чавес күүһүнэн былаастан туораппыт.
  • Олунньу 5СӨ Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан Ленинскай оройуон аата Ньурба оройуона буолбута.
  • Олунньу 7 — «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятын суутун туһунан» сокуон ылыныллыбыт.
  • Олунньу 7Европа Сойууһун олохтуур Маастрихт дуогабара түһэрсиллибит. Европа Сойууһа биир өттүттэн судаарыстыбалар холбоһуктара буолар, биир өттүттэн бэйэтэ судаарыстыба буолар. Билигин Европа Сойууһугар 27 дойду киирэр, нэһилиэнньэтин ахсаана 453 мөлүйүөн киһи, экэниэмикэтин сабардамынан быһа холоон АХШ уонна Кытай тэҥнээхтэрэ.
  • Олунньу 12Монголия билиҥҥи конституцията олоххо киирбит.
  • Олунньу 16Экэниэмикэҕэ бииргэ үлэ тэрилтэтин (нууч. ОЭС) мунньаҕар Тегераҥҥа ОЭС чилиэннэринэн Азербайджан, Узбекистан, Туркменистан, Кыргыстаан уонна Таджикистан буолбуттар.
  • Олунньу 19 — «Якуталмаз» тэрилтэлэрин түмэр "«Арассыыйа-Саха алмаастара» (нууч. Алмазы России-Саха) аахсыйалаах хампаанньа тэриллиитин туһунан" диэн №158-С Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕа тахсыбыт. Саҥа хампаанньа алмаас 95 бырыһыанын бэйэтэ атыылыыр бырааптаммыта, 5 бырыһыанын судаарыстыба "Алмазювелирэкспорт" хампаанньата атыылыыр буолбута. Биир ыйтан арыый ордугунан кулун тутар 31 күнүгэр Арассыыйа уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин ыккардыларыгар түһэрсиллибит экэниэмиэкэ сөбүлэҥинэн алмаас 20% Саха өрөспүүбүлүкэтэ атыылаһар кыахтаммыта. Күһүн алмааһы кыраныысса таһыгар «Арассыыйа-Саха алмаастара» эрэ атыылыахтаахтарын туһунан ыйаах тахсыбыта.
  • Олунньу 21 — "Хостонор баай туһунан" (нууч. О недрах) Федерация сокуона ылыныллыбыт. Бу сокуоҥҥа "икки күлүүс" тосхоло (бириинсибэ) туһаныллыбыта, ол аата хостуур лиссиэнсийэ ыларга федерация уонна эрэгийиэн салалталара иккиэн көҥүл биэриэхтээхтэрэ. Бу тосхол Саха Өрөспүүбүлүкэтэ атаҕар турарыгар көмөлөспүтэ.
  • Олунньу 22 — Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтин конституцията ылыныллыбыт.
  • Олунньу 26 — Карабах атааннаһыытын кэмигэр Ходжалытааҕы хаан тохтуута буолбут.
  • Кулун тутар 3 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин 86№ ыйааҕынан «Саха» НКИХ олохтоммута. САССР тэлэбиидэнньэҕэ уонна араадьыйаҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин утумнаабыта.
  • Кулун тутар 17ЮАР-га буолбут референдумҥа (үрүҥ тириилээхтэр эрэ кыттыбыттар) саҥа конституция бигэргэтиллибит. Бу конституция хара уонна үрүҥ тириилээх дьон бырааптарын тэҥнээбитэ.
  • Кулун тутар 21Татарстааҥҥа референдум буолбут, олохтоохтор үс гыммыт иккилэрэ тутулуга суох дойду ыстаатыһын иһин куоластаабыттар.
  • Кулун тутар 22Албанияҕа Демокрааттыы партия дойду түмэнин быыбарыгар кыайбыт.
  • Кулун тутар 31
    • Москубаҕа Федерация сөбүлэҥэр (нууч. Федеративный договор) илии баттааһын буолбут. 18 өрөспүүбүлүкэ уонна атын субъектар илии баттаабыттар, Татарстан, Ингушетия уонна Чечня батыммыттар.
    • Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин уонна Саха бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев экэниэмикэ сөбүлэҥэр илии баттаабыттар. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин сиригэр хостонор көмүс 11,5 бырыһыанын уонна алмаас 20 бырыһыанын атыылаһар кыахтаммыт. Бу иннинэ олунньу 19 күнүгэр "Арассыыйа-Саха алмаастара" (нууч. Алмазы России-Саха, кэлин АЛРОСА диэн ааттаммыта) тэриллибитэ.
  • Ыам ыйын 5Кырыым түмэнэ Кырыым тутулуга суоҕун биллэрбит уонна бу туругу бигэргэтэр референдум атырдьах ыйыгар ыытыллыахтааҕын туһунан быһаарбыт.
  • Ыам ыйын 7 — Арассыыйа уонна Казахстаан бэрэсидьиэннэрин ыйаахтарынан РФ уонна Казахстаан сэбилэниилээх күүстэрэ олохтоммуттар.
  • Ыам ыйын 7 — Латвияҕа Латвия солкуобайа олоххо киирбит.
  • Ыам ыйын 7 — Арассыыйаҕа буокка уонна испиир көҥүл сыанаҕа атыыланар буолбут.
  • Ыам ыйын 9Армения сэриилэрэ Шуша куораты ылбыттар, бу түбэлтэ Нагорнай Карабах бастакы сэриитин сүрүн түгэнэ буолбута.
  • Ыам ыйын 13 — Риим Паапата Иоанн Павел II Ыарыһах күнүн бэлиэтииргэ ыҥырбыта. Бу күн онтон ыла сыл ахсын олунньу 11 күнүгэр бэлиэтэнэр буолбута.
  • Ыам ыйын 23 — СНГ дойдуларын стратегическай кимэн киирэр сэрии сэптэрин аҕыйатар туһунан Лиссабоннааҕы боротокуолга илии баттаммыт.
  • Ыам ыйын 23Италияҕа мафияны кытта охсуһарынан киэҥник биллибит Джованни Фальконе диэн судьуйаны, кини кэргэнин уонна үс харабылын Корлеонези клаан бандьыыттара Сицилияҕа дэлби тэптэрэн өлөрбүттэр. Кини атаһын уонна кэллиэгэтин Паоло Борселлино диэн судьуйаны икки ый буолан баран өлөрбүттэрэ, бу түбэлтэлэр 1992 сыллаахха дойду бырабыыталыстыбата мафияны утары күүстээх үлэтин саҕалыырыгар олук буолбуттара.
  • Ыам ыйын 26 — Коми АССР Коми Өрөспүүбүлүкэтэ буолбута.
  • Бэс ыйын 3Австралияҕа суут төрүт омуктар сиргэ бырааптарын бигэргэтэр быһаарыы ылбыт. Сууту Эдди Мабо диэн киһи кыайбыт.
  • Бэс ыйын 4Ингушетия Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит.
  • Бэс ыйын 6 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин ыйааҕынан астаапкаҕа барбыт Гавриил Попов оннугар Москуба мээринэн Юрий Лужков анаммыт.
  • Бэс ыйын 8Далай аан дойдутааҕы күнэ аан бастаан ыытыллыбыт, Рио-де-Жанейро (Бразилия) куоракка Сир саммита буолар күнүгэр.
  • Бэс ыйын 19Молдавияҕа Бендеры куорат иһин кыргыһыы саҕаламмыт. Биир өттүттэн Приднестровьены тутулуга суох гына сатыыр күүстэр, иккис өттүттэн Молдавия бүтүн буоларын туруулаһааччылар кыргыспыттар. Приднестровье өттүттэн генерал Лебедь салайааччылаах ССРС 14-с аармыйатын чаастара кыттыбыттара. Бу баччааҥҥа диэри сүгүн чинчиллибэтэх кыргыһыы кэмигэр Лебедь өстөөҕө Костенко диэн, кинини кытта Афганистааҥҥа сулууспалаабыт эппиһиэр, биллибэт быһыыга-майгыга өлбүтэ (Лебедь Афганистааҥҥа "договорной" кишлак дьонун ытыалаабытын иһин Костенко кинини кырбаабыта биллэр).
  • Бэс ыйын 20Тываҕа Арассыыйаттан тутулуга суох буолуу туһунан референдум ыытарга илии батааһаны хомуйуута саҕаламмыт.
  • Балаҕан ыйын 28СӨ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан «СахаИнвест» Инвестициялыыр Пуонда тэриллибит.
  • Ахсынньы 6 — Ииндийэҕэ Уттар-Прадеш штаакка индуистар Бабри мэчиэтин урусхаллаабыттар, онтон сылтаан тахсыбыт өлөрсүүгэ 2000 кэриҥэ киһи өлбүт.
  • Ахсынньы 14 — Абхазия сэриитэ: Ткварчели сэлиэнньэттэн дьону тиэйэн иһэр бөртөлүөт суулларыллыбыт, 52 киһи өлбүт, ол иһигэр 25 оҕо өлбүт. Бу кэнниттэн сэриигэ Арассыыйа Абхахия өттүгэр кыттыыта күүһүрбүтэ.
  • Бэс ыйын 15Лев Гумилёв (1912 төр.), историк-этнолог, бөлүһүөк, бэйиэт, бэйиэттэр Анна Ахматова уонна Николай Гумилёв уоллара.
  • От ыйын 24Гавриил Илизаров (1921 төр.), хирург-травматолог, РАН академига, уҥуох тостуутун көннөрөргө анаммыт ортопедия аппараатын айбыта (Илизаров аппарата).