Иһинээҕитигэр көс

Таллан Бүрэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Таллан Бүрэ

Сивцев Ефрем Степанович - Таллан Бүрэ (25.01.1909—01.03.1984) — Үчүгэй Өлүөнэ ырыаһыта, саха биллиилээх бэйиэтэ, уус-уран тыл хатыламмат маастара, тылбаасчыт.

Олоҕун олуктара

1909 сыллаахха тохсунньу 25 күнүгэр Нам улууһун Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэр Салбаҥҥа төрөөбүт. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа. 1929 с. бэчээттэнэн саҕалаабыт. 1932 с. Саха Сиринээҕи уобаластааҕы сэбиэскэй партийнай оскуоланы бүтэрбит. Бастакы кинигэтэ 1937 с. тахсыбыт. 1944 с. ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Үгүс сыл РОНО сэбиэдиссэйинэн, иниспиэктэринэн, саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит.

Таллан Бүрэ 1984 сыллаахха кулун тутар 1-гы күнүгэр өлбүт.

Айар үлэтэ

Кини саха бары поэттарыттан адьас атын, ураты айар суоллаах. Омос тута өйдөммөт, ардыгар түүл-бит курдук, илэтэ-чахчыта биллибэт, сороҕор наар муна-тэнэ, саарыы-мунаара сылдьардыҥы хоһооннорун уонна поэмаларын тоҕо эрэ тартаран ааҕабын. Хаста да төхтөрүйэн эргилиннэхпинэ, улам дириҥээн, сыыйа кэҥээн бараллар. Ыраах айаҥҥа иннигэр улахан өрүс тардыыта биллэн, сырыынньа сыыры түһүү саҕаланан, сырдык килбиэн эҥэлдьийэн эрэрин курдук.

(Рафаэль Баҕатаайыскай, бэйиэт)

***

"Саха литературнай тыла диэн баар эбит буоллаҕына, Таллан Бүрэ ол тыл үөскээһинигэр, сайдыытыгар, кини кэриҥин кэҥэтиигэ, баайын ханатыыга биир дьаныардаахтык үлэлээбит поэт буолара мөккүөрэ суох.

Кини поэзиятын тыла — эмиэ биллэр-көстөр уратылаах, кини истиилигэр, суруйар ньыматыгар сөп түбэһэр тыл. Кини саха баай, саха ийэ тылын дириҥ билэччитин эрэ курдук сыһыаннаспат. Кини саха тылыгар сыһыана син биир көһөҥө тааска скульптор, үүнээйилэр суортарыгар мичуринец, аан дойду дорҕоонноругар композитор сыһыаннарын курдук сыһыан. Кини өрүү тыл ойуулуур, оһуордуур кэриҥин, кыаҕын кэҥэтэр иһин охсуһар, ол иһин кинилэри араастык, ардыгар саҥарар тылга табыгаһа да суох курдук, алтыһыннарар, наада буоллаҕына, тылы кылгатар, уһатар эбэтэр атын дорҕооннору эбэр", - диэн Таллан Бүрэ туһунан Саха норуодунай бэйиэтэ Сэмэн Данилов этэн турар.

***

Сахаҕа кыталык , куба — ытык көтөрдөр, кинилэри өлөрөр аньыы. Таллан Бүрэ норуот ол өйдөбүллэригэр тирэҕирэн, психологическай өттүнэн күүстээх саҥа киһи уобраһын айар, бар-дьон туһугар кэрэтик өлүү планетарнай таһымнаахтык бэриллэр. Маҥан хаараг мифическэй хараҥа кубалыы сытар герой дууһа кыланыытын, эдэр олох быстах өлүүгэ түбэһэр абаккатын толору биэрэр курдук.

Василий Сивцев, бэйиэт

  • Таллан Бүрэ "Байҕалиада" кинигэтиттэн.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха АССР културатын үтүөлээх үлэһитэ
  • «Бочуот Знага» уордьан
  • мэтээллэр

Аатын үйэтитии

Кини аатынан Бөтүҥ орто оскуолата ааттаммыт.
1993 сылтан саҕалаан сыл аайы тохсунньу 25 күнүгэр Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын чулуу үөрэнээччитигэр Ефрем Степанович оҕолоро, сиэннэрэ Таллан Бүрэ аатынан стипендия туттаралл.
Бөтүҥҥэ суруйааччыга аналлаах түмэл баар.
Бөтүҥҥэ Таллан Бүрэ аатынан ыһыахтыыр сир баар.

Тахсыбыт кинигэлэрэ

  • Хоһооннор. М. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1937 . — 68 с.
  • Уолан Эрилик: Кыһыҥҥы дойҕох. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1944. — 58 с.
  • Көмүс долгуннар: Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1957. 76 с.
  • Үчүгэй Өлүөнэ. Поэмалар. — Дь., 1963. — 112 с.;
  • Өлүөнэ очуостара. Талыллыбыт хоhооннор. — Дь., 1971. — 352 с.;
  • Лена прекрасная. Стихи и поэмы. — М., 1972;
  • Кэллим кэпсээри. Хоһооннор, поэмалар. — Дь., 1979. — 176 с.
  • Байҕалиада: Хоһооннор, поэмалар. — Дь.: Бичик, 1999. — 174 с.
  • Көмүс муос. — Дь.: Чуораанчык, 1999. — 32 с.

Туһаныллыбыт сирдэр