2012 сыл
(Мантан: 2012 көстө)
Сыллар |
---|
2008 2009 2010 2011 — 2012 — 2013 2014 2015 2016 |
Уоннуу сыллар |
1980-с 1990-с 2000-с — 2010-с — 2020-с 2030-с 2040-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ |
2012 сыл.
Туох буолбута
уларытОлунньу
уларыт- Олунньу 7 — Мальдив Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Мохамед Нашид солотуттан уурайарын биллэрбит. Бу иннинэ бырабыыталыстыбаны утары 23 хонуктаах бырачыастар буолбуттара — дьон байыаннайдар хаайбыт судьуйаларын босхолууру модьуйбуттара.
Кулун тутар
уларыт- Кулун тутар 4 — Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнин быыбара. Владимир Путин үһүс болдьоххо талыллыбыт.
- Кулун тутар 4 — Айсен Николаев Дьокуускай куорат баһылыгынан талыллыбыт.
Муус устар
уларыт- Муус устар 11 — Дьокуускайга "Рэп-долгун" диэн саха рэбын бастакы бэстибээлэ буолбут.
Ыам ыйа
уларыт- Ыам ыйын 2 — Норвегия худуоһунньуга Эдвард Мунк пастель техникатынан уруһуйдаабыт «Хаһыы» диэн хартыыната 120 мөлүйүөн дуолларга атыыламмыт.
- Ыам ыйын 8 — Греция Олимпия куората Дьокуускай куорат доҕордуу куората буолар.
- Ыам ыйын 16 — Монте-Карлотааҕы 7-с аһымал киинэ фестивалыгар Никита Аржаков «Снайпер саха» үлэтин иһин «Бастыҥ режиссер» диэн ааты ылбыта.
- Ыам ыйын 24 (уруккуннан ыам ыйын 11) — Дьокуускай приходун оскуолатын үөрэнээччилэрэ манастыыртан Улахан уулуссанан хааман куорат таһыгар барбыттар. Хаартыскалар С-Пб РГИА архыыбыгар харалла сыталлар[1].
Бэс ыйа
уларыт- Бэс ыйын 4 — Саха өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн Саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр биир кэлим эксээмэни аан бастаан туттарыы буолбут[2]. 2012 сыллаахха оскуоланы бүтэрээччилэртэн 92 киһи бу эксээмэни талбыта биллэр[3]. Бэс ыйын 18 күнэ саппаас күнүнэн анаммыта.
Атырдьах ыйа
уларыт- Атырдьах ыйын 15 — Саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Алампа көмүс уҥуоҕа, Таатта улууһун олохтоохторун уонна бэйэтин аймахтарын көрдөһүүлэринэн, Ытык-Күөлгэ Хадаайы диэн сиргэ («Таатта» уус-уран литэрэтиирэ түмэлин аттыгар) иккистээн көмүллүбүтэ.
- Атырдьах ыйын 22 — Арассыыйа Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр киирбит.
Сэтинньи
уларыт- Сэтинньи 9 — Эдьигээн сэлиэнньэтигэр аэропорт вокзалын болуоссатыгар күндүөбэй балыкка өйдөбүнньүк туруоруллубут. Балык «илим» быыһыгар оҥоһуллубут, «илим» Эдьигээн улууһун картатыттан «хатыллыбыт».
Ахсынньы
уларыт- Ахсынньы 12 — Хотугу Кэриэйэ Кванмёнсон-3 («Чаҕыл сулус - 3») диэн бастакы спутнигын орбитаҕа бэйэтин ракетатын Ынха-3 («Халлаан Сиигэ - 3») көмөтүнэн таһаарбыт.
- Ахсынньы 21 — YouTube уонна интэриниэт устуоруйатыгар аан бастаан биир видеоклип көрүүтэ 1 миллиард буолбут. Бу видеонан Соҕуруу Кэриэйэ PSY диэн аатынан биллэр ырыаһытын «Gangnam Style» ырыата буолбут.
Төрөөбүттэр
уларытӨлбүттэр
уларыт- Кулун тутар 11 — Петрова Варвара Андреевна (15.12.1936—11.03.2012) — Ньурба улууһун баһылыга (1995—2002)
- Ыам ыйын 28 — учуонай, Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр аармыйа разведчига, кыайыыны Прагаҕа көрсүбүт Николай Самсонов. Ньурбаҕа Антоновка сэлиэнньэтигэр 1925 сыллаахха төрөөбүтэ. Дьоппуоннары кытта сэрии кыттыылааҕа, Порт-Артурга (билигин Кытай Далянь куоратын сорҕото) сэриини түмүктээбитэ.
- Балаҕан ыйын 8 — Зверев Дмитрий Сергеевич (11.06.1939—08.09.2012) — прозаик-публицист
- Сэтинньи 19 — Борис Стругацкай, фантаст-суруйааччы (1933 төр.)
- Ахсынньы 1 — Александр Мигалкин — саха уонна Арассыыйа бэлиитигэ уонна дипломаата, 1999—2006 сылларга СӨ тас сибээһин миниистирэ, Монголия Эрдэнэт куоратыгар Арассыыйа генеральнай консула.
- Ахсынньы 25 — Николаева Светлана Ефимовна - Өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ социальнай сулууспатын туйгуна,
- ↑ (Ф.835, оп. 3, д.616, л. 1-3)
- ↑ ЦМКО үөрэх управленияларыгар суруга 23.04.2012 № 01-14/54
- ↑ Интерфакс: В Якутии впервые пройдет ЕГЭ по якутскому языку и литературе