Сыллар
2007 2008 2009 201020112012 2013 2014 2015
Уоннуу сыллар
1980-с 1990-с 2000-с2010-с2020-с 2030-с 2040-с
Үйэлэр
XX үйэXXI үйэ — XXII үйэ

2011 сыл.

Туох буолбута

уларыт

Тохсунньу

уларыт
  • Тохсунньу 1Эстония официальнайдык евроҕа көһөр.
  • Тохсунньу 14Тунис бэрэсидьиэнэ Зин эль-Абидин Бен Али Саудовскай Аравияҕа күрээбит. Бу дойдуга кини былааһын утары буолбут хас да бөдөҥ демонстрацияны «Арааб сааһа» саҕаланыытынан ааҕаллар.
  • Тохсунньу 25Эгиипэт өрөбөлүүссүйэтин бастакы долгуна саҕаламмыт. Уулусса устун тэрээһиннээх хаамыылар, миитиннэр, былаас модьуйуутун истибэт буолуу аахсыйалара, забастовкалар уонна хааннаах киирсиилэр буолуталаабыттар.
  • Тохсунньу 27Арааб сааһа: Йиэмэҥҥэ өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт, 16 000 тахса бырачыастааччылар Санаҕа аарбыйалаан хаампыттар(демонстрация).

Олунньу

уларыт
  • Олунньу 11 — Арааб сааһа: Эгиипэккэ өрөбөлүүссүйэ 17 хонуктаах бастакы долгуна бэрэсидьиэн Хосни Мубарак былаастан туорааһыныгар тиэрдибит, былааһы байыаннай үрдүкү сэбиэт тутан хаалбыт.
  • Олунньу 14 — «Арааб сааһа»: Бахрейнҥа «Уордайыы күнэ» диэн ааттаммыт өрө туруу саҕаламмыт.
  • Олунньу 17 — «Арааб сааһа»:
    • Ливияҕа Муаммар Каддафины утары бырачыастар саҕаламмыттар.
    • Бахрейнҥа куттал суох буолуутун сэбилэниилээх күүстэрэ Манаамаҕа бырачыастааччылар утары рейдэ оҥорбуттар, бу түбэлтэ олохтоохторго Хааннаах чэппиэр диэн аатынан биллэр.

Кулун тутар

уларыт
  • Кулун тутар 1 — Арассыыйаҕа «Полиция туһунан» сокуон олоххо киирбит.
  • Кулун тутар 3-6 күннэрэ — Саха сирин дьахталларын XIII сийиэһэ буолбут.
  • Кулун тутар 11 — Японияҕа, Фукусима куоракка сир хамсааһын түмүгэр Чуумпу далайга сүүнэ улахан цунами кэлэн «Фукусима дай ичи» атом станциятын урусхаллаабыт.
  • Кулун тутар 12Японияҕа сир хамсааһынын уонна цунами кэнниттэн Фукусима-дайити АЭС ректора саахалламмыт, радиация тас эйгэҕэ быраҕыллыбыт.
  • Кулун тутар 27 — Арассыыйаҕа сайыҥҥы кэмҥэ көһүү тиһэҕин буолбут. Бу кэнниттэн сайыҥҥы-кыһыҥҥы диэн чаас сыҕарыйбат буолбута.

Муус устар

уларыт

Ыам ыйа

уларыт

Бэс ыйа

уларыт

Атырдьах ыйа

уларыт
  • Атырдьах ыйын 13 — Мииринэй оройуонугар Айхал бөһүөлэк олохтоммута 50 сылын бэлиэтээбиттэр. Рудник бастакы дириэктэрин, бөһүлэги төрүттээбит Георгий Кадзовы ахта-саныы биир дойдулааҕа Хотугу Осетия-Алания бырабыытылыстыбатын бэрэстээтэлин солбуйааччы Валентин Базров кэлэ сылдьыбыт. Айхалга параад буолбут, Кадзовка мэҥэ өйдөбүнньүк аһыллыбыт.
  • Атырдьах ыйын 22Дьокуускайга Сибиир, Уһук Илин куораттарын мээрдэрэ Япония Арҕаа Кытылын мээрдэрин кытта XXIII көрсүһүүлэрэ аһыллыбыт. Японияттан Хагодатэ, Акита, Юрихондзе, Ниигата, Цубамэ, Дзеэцу, Тояма, Такаока, Цуруга, Майдзуру, Арассыыйаттан Хабаровскай, Биробиджан, Благовещенскай, Камчааткатааҕы-Петропавловскай, Находка, Соҕуруу Сахалинскай, Улан-Удэ уонна Владивосток куораттар бэрэстэбиитэллэрэ кэлбиттэр. Туризм уонна көлө сайдыытын туһунан кэпсэппиттэр.
  • Атырдьах ыйын 23 — "Өлүөнэ турууктара" паарканы ЮНЕСКО-ттан кэлбит эспиэрдэргэ (Соҕуруу Кэриэйэттэн Ке Син Ху, Монголияттан Соранг Го) көрдөрбүттэр.

Балаҕан ыйа

уларыт

Алтынньы

уларыт
  • Алтынньы 6ХИФУ Чукоткатааҕы филиала аһыллыбыт.
  • Алтынньы 12-16 — Хабаровскайга аан бастаан Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын гастроллара буолбут. "Кыһыл ойууну" көрдөрбүттэр.
  • Алтынньы 15 — Аан дойду үрдүнэн 82 дойду 950 куоратыгар улахан бырачыастар буолбуттар. Бырачыас сүрүн тиэмэтэ — экономическай тэҥэ суох буолуу, корпорациялар судаарыстыбаларга сабыдыаллара, бэлиитикэҕэ коррупция.
  • Алтынньы 16 — "Азия оҕолоро" оонньуулары Азия Олимпиадаҕа кэмитиэтэ өйүүрүн биллэрбит. Ол туһунан меморандумҥа Ашхабаакка буолбут кэмитиэт мунньаҕар илии баттаабыттар.
  • Алтынньы 18 — Арассыыйа, Украина, Беларусь, Казахстан, Армения, Кыргыстаан, Молдавия уонна Таджикистан СНГ-га көҥүл атыы-эргиэн зонатын олохтуур сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
  • Алтынньы 20 — Ливияҕа гражданскай сэрии: өрө турааччылар Ливия диктаатарын Муаммар Каддафины туппуттар уонна сотору кэминэн өлөрбүттэр, манан Ливия бастакы гражданскай сэриитэ түмүктэммитэ.
  • Алтынньы 31 — Аан дойду дьонун ахсаана 7 миллиард буолбут.

Сэтинньи

уларыт

Ахсынньы

уларыт
  • Ахсынньы 1 — Алма-Атааҕа метрополитен аһыллыбыт.
  • Ахсынньы 18АХШ сэриилэрин бүтэһик чаастара Ираак сириттэн таһаарыллыбыттар. Кинилэр Ираакка 2003 сыллаахха Саддам Хусейн эрэсиимин сууллара киирбиттэрэ.
  • Ахсынньы 27 — "Саха сирин саҥалыы сайдыытыгар уопсастыба ис кыаҕа" (нууч. Духовный потенциал общества в инновационном развитии Якутии) диэн ааттаах уопсастыбаннас форумун түмүктүүр мунньаҕа буолбут. Форумҥа Саха сирин омуктарын төрүт сиэрдэрин-туомнарын декларацията (нууч. Декларация духовных ценностей народов Якутии) ылыныллыбыта[2].

Төрөөбүттэр

уларыт

Өлбүттэр

уларыт
  • Кулун тутар 2 — тюрколог учуонай, түмэт дьайыксыт, С. А. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата Юрий Васильев - Дьаргыстай. Алтаай тыатыгар учууталлыы сылдьан алтаай тылын үөрэппитэ, Новосибирскайга аспиратураҕа үөрэммитэ, Алма-Атаҕа хандьыдаат диссэртээссийэтин саха тылын тэҥниир ньымаларыгар 1981 с. көмүскээбитэ, 1992—1994 сс. Анкара университетыгар саха тылын туһунан лиэксийэлэри аахпыта.
  • Кулун тутар 29Степан Дадаскинов Егорович — "Геван" эрэдээксийэни олохтообут суруналыыс, бэйиэт, прозаик.
  1. Лукинов А.И., Мярикянова Э.Т., Филиппова Ю.А. Республика Саха: Год 2011. — Якутск: Бичик, 2012. — 210 с. — ISBN 978-5-7696-3744-5
  2. Лукинов А.И., Мярикянова Э.Т., Филиппова Ю.А. Республика Саха: Год 2011. Якутск: Бичик, 2012. 280 с. ISBN 978-5-7696-3744-5