Pussy Riot
Pussy Riot (Пуусси Раайот, ааҥл. «Куоска утарылаһыыта» диэн тылбаастыахха сөп[1][2], патриот диэн тылы кытта дьүөрэлиир дьон эмиэ бааллар), феминизмы өрө тутар Арассыыйа панк-рок-бөлөҕө, дьон тоҕуоруһар сирдэригэр болҕомтону тардар араас ааксыйалары ыыталларынан биллэллэр.
Pussy Riot Москуба метротун станцияларыгар[3], троллейбус үрдүгэр, полиция силиэстийэлиир изоляторыгар, Кыһыл болуоссакка уонна Киристиэс храамыгар ааксыйалары оҥорбуттара.
Бөлөх састааба чуолкайа суох. Сорох ааксыйаларыгар 8 киһи кыттар. Ону таһынан ааксыйаҕа быһа кыттыбат кыттааччылар бааллар дииллэр. 2012 сыл кулун тутар 3 күнүгэр Киристиэс храамыгар оҥорбут ааксыйаларын иһин күлүгээннээһиҥҥэ уонна таҥараны итэҕэйээччилэри өһүргэтиигэ күтүрээн үс эдэр дьахтары (Надежда Толоконникова, Мария Алёхина, Екатерина Самуцевич) тутан хаайбыттара. Билигин суут бара турар. Бастаан бөлөххө уонна ааксыйаҕа кыттыбыттарын мэлдьэһэллэр этэ, онтон суут кэмигэр уонна тиһэх тылларыгар кыттыбыттарын бигэргэттилэр.
Бөлөх кыттааччылара ааксыйа кэмигэр харахтара уонна айахтара эрэ көстөр балаклава диэн баайыы бэргэһэ кэтэллэр.
Дьахтар бырааба кэһиллиитин, уопсастыбаҕа олохсуйбут дьахтары баттыыр үгэстэри утары охсуһабыт дииллэр. Дьахтары атаҕастааһыны авторитарнай былаас өйүүр диэн санаанан салайтаран Арассыыйа билиҥҥи былааһын уонна чуолаан бэрэсидьиэн Путины утарар тыллаах ырыалары ыллыыллар.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Цитата сыыһата: Сыыһа
<ref>
тиэк (тег);Костюченко
диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох - ↑ ааҥл. Pussy Riot pussy — тыһы куоска эбэтэр дьахтар сэбэ уонна riot — буун, өрө туруу
- ↑ В электрических колготках и оранжевом огне — Новая газета № 140, 2011, ахсынньы 14