2010
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
2006 2007 2008 2009 — 2010 — 2011 2012 2013 2014 |
Уоннуу сыллар |
1980-с 1990-с 2000-с — 2010-с — 2020-с 2030-с 2040-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ |
2010 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 4 — Дубайга үөрүүлээх быһыыга-майгыга аан дойду саамай үрдүк тутуута, Бурдж-Халифа, аһыллыбыт.
- Тохсунньу 12 — Гаитига улахан сир хамсааһына буолбут. Түмүгэр 220 000-тан 300 000-ҕа дылы киһи өлбүт, Гаити киин куоратын Порт-о-Пренс үксэ урусхалламмыт.
- Тохсунньу 14 — Йемен "Аль-Каида" диэн террор тэрийэр бөлөххө аһаҕас сэриини биллэрбит.
- Тохсунньу 19 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев ыйааҕынан, федеральнай уокуруктар ахсааннара уларыйбыт (8 буолбут), Соҕуруу федеральнай уокурук састаабыттан Хотугу Кавказтааҕы федеральнай уокурук туспа араарыллыбыт.
- Тохсунньу 24 — Саха тыйаатырыгар Кындыл Уйбаан 80 сааһыгар аналлаах поэзия киэһэтэ ыытыллыбыт. Тэрээһин режиссера — Матрена Корнилова. 1960—1970 сс. тыйаатыр Сөдүөт Потапов уонна Кындыл Уйбаан тыйаатыра диэн аатынан биллэрэ.
- Тохсунньу 27 — Сан-Францискоҕа Apple хампаанньа тойоно Стив Джобс iPad диэн планшет көмпүүтэри көрдөрбүт.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 18 — WikiLeaks Челси Мэннинг диэн аатынан биллэр киһиттэн ылбыт сүүһүнэн тыһыынча кистэлэҥ докумуоннарыттан бастакытын бэчээккэ таһаарбыт.
- Олунньу 27 — Чиили киин оройуоннарыгар 8,8 бааллаах сир хамсааһына буолбут, 500-тэн тахса киһи ҕлбүт, тыһыынчанан дьон эмсэҕэлээбиттэр. Бу сир хамсааһыныттан саҕаламмыт цунами сотору кэминэн Гавайи арыыларыгар тиийбитэ.
- Олунньу 28 — Ванкуверга (Канаада) Кыһыҥҥы Олимпиада сабыллыбыт. Олимпиада былааҕа Сочи куоракка бэриллибит.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 9 — Ииндийэҕэ дойду түмэнин кырата үс гыммыт биирэ дьахталлартан туруохтааҕын туһунан сокуон ылыныллыбыт.
- Кулун тутар 20 — Эйафьадлайокудль вулкан эстиитэ саҕаламмыт. Муус устар 14 күнүгэр эстии күүһүрбүтэ.
- Кулун тутар 29 — Москуба метротугар икки терракт буолбут, 40 киһи өлбүт, олор истэригэр Дьокуускай олохтооҕо.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар — "Беркакит-Томмот-Дьокуускай" тимир суол Алдан уонна Хаҥалас улууһун кирбиилэрин куоһарбыт.
- Муус устар 3 — Apple Inc. хампаанньа бастакы iPad планшетын таһаарбыт.
- Муус устар 6 — Кыргызстааҥҥа өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт. Дойду бэрэсидьиэнин Курманбек Бакиев ыыппыт бэлиитикэтин утаран Талас куоракка дьон уулуссаҕа тахсыбыт. Сарсыныгар муус устар 7 күнүгэр айдаан Бишкекка тарҕаммыта. Бырачыастааччылар полициялыын кыргыhыылара буолбута. 74 киhи өлбүтэ уонна 400 эчэйбитэ биллэр. Токмок, Нарын уонна Ысык Күөл куораттарга айдааннар эмиэ буолбуттара. Бакиев Бишкектан күрээбитэ. Оппозиция басханнара саҥа дьаhалта тэрийэллэр, дьаhалта баhылыгынан урукку омук миниистирэ Роза Отунбаева буолар.
- Муус устар 6 — Кытайга Xiaomi хампаанньа тэриллибит.
- Муус устар 7 — Кыргыстааҥҥа иккис өрөбүүлүссүйэ буолбут.
- Муус устар 10
- түөрт үрдүк үөрэх кыһатыттан холбонон Уһук Илиннээҕи бэдэрээлинэй университет тэриллибит — Японияҕа аккредитациялаах Арассыыйа соҕотох үөрэх кыһата.
- Смоленскай аттыгар Ту-154 саахалыгар 96 киһи өлбүт, олор истэригэр Польша бэрэсидьиэнэ Лех Качиньски уонна Польша атын салайааччылара.
- Муус устар 14 — Исландияҕа Эйафьадлайокудль вулкаан эстиитэ күүһүрбүтэ.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 9 — Кемерово уобалаһыгар Распадскай шаахтаҕа метан эстибит.
- Ыам ыйын 15 — 16 саастаах Австралия кыыһа Джессика Уотсон Сири соҕотоҕун тохтообокко устан эргийбит саамай эдэр киһи буолбут. 10 миэтэрэ уһуннаах парустаах оҥочото Сиднейтэн 2009 сыл алтынньы 18 күнүгэр тахсыбыт, 201 күн устата экватор соҕуруу өттүнэн устан (Антлантикаҕа экваторы быһа охсубут) төттөрү бу күн кэлбит. Австралия Улахан хомотугар күүстээх тыалга түбэһэ сылдьыбыт, мачтата үстэ ууга охсуллубут, долгуннар үрдүктэрэ 12 миэтэрэҕэ тиийэр эбит. Кыыс устарын тухары оҥочотун өрөмүөнүн туораттан көмөтө суох бэйэтэ оҥорбут. Кэлбитэ үс хонон баран кыыс 17 сааһын бэлиэтээбит.
- Ыам ыйын 19 — Таиланд сэбилэниилээх күүстэрэ диктатуураны утары өрө турууну хам баттаабыттар, өрө туруу баһылыктара бэринэргэ күһэллибиттэр.
- Ыам ыйын 31 — СӨ иккис бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров эмискэ дуоһунаһыттан барбыт, бэрэсидьиэн эбээһинэһин толорооччунан Егор Борисов буолбут.
Балаҕан ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Балаҕан ыйын 25 — Күөрдэм ыстаансыйаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга тимир суол "үрүҥ көмүс" тиһилигэ ууруллубут.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 6 — Инстаграм диэн хаартысканы уонна видеону тарҕатар, ону кытары түмэт-ситим өҥөтүн оҥорор сиэрбис төрүттэммит.
- Алтынньы 14 — Бүтүн Арассыыйатааҕы 2010 сыллааҕы биэрэпис саҕаламмыт.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 11 — Москубаҕа «Архнадзор» диэн түмэт-тэрилтэ "Арассыыйа Федерациятын норуоттарын култуураларын утумун туһунан" (нууч. «О культурном наследии народов Российской Федерации») сокуону уларытары утаран миитин тэрийбит. Бу уларытыы архитектура мэҥэлэрин алдьатары көҥүллүүр этэ. Маннык миитиннэр Арассыыйа элбэх куораттарыгар буолбуттар.
- Ахсынньы 17 — Туниска Мохамед Буазизи диэн ырыынак атыыһыта бэйэтин уматыммыт. Мантан сылтаан улахан бырачыастар тоҕо тардылыбыттара, Тунис өрөбөлүүссүйэтэ уонна Арааб сааһа саҕаламмыттара.
- Ахсынньы 19 — Минскэйгэ бэрэсидьиэн быыбарын күнүгэр оппозиция аахсыйатын хам баттаабыттар.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Розинская Полина Константиновна (28.08.1912—2010) — саха норуодунай артыыһа.
- Тохсунньу 3 — Кашин Виталий Александрович (08.03.1946 төр.) — археолог, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- Тохсунньу 13 — Надежда Николаева — учуонай, музыковед, хандьыдаакка диссэртээссийэтэ олоҥхоҕо уонна саха оператын олоҕуруутугар анаммыта.
- Олунньу 11 — Дмитриев Роман Михайлович — көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ
- Ыам ыйын 16 — Элгээйиттэн төрүттээх композитор Аркадий Самойлов өлбүт (1948 төр.), Арассыыйа композитордарын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- Ыам ыйын 23 — Ангелина Файрушина — саха ырыаһыта, ырыа суруйааччыта
- Бэс ыйын 1 — Андрей Вознесенскай (1933 с.т.), бэйиэт уонна прозаик, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмиэйтин лауреата.
- Бэс ыйын 2 — Докалова Надежда Петровна (1957 с. төрөөбүт), хотугу норуоттар ырыаларын айааччы уонна ырыаһыт.
- От ыйын 13 — Берестов Николай Савельевич (1932 — 2010), композитор.
- От ыйын 18 — Рыбаковскай Эдуард Михайлович (20.08.1927—18.07.2010) — биллиилээх суруналыыс.
- Балаҕан ыйын 6 — Еремисов Михаил Николаевич - сүүрүк-спортсмен, марафонец.
- Балаҕан ыйын 9 — Харитонов Николай Иванович (Чуор) (02.06.1935—09.09.2010) — бэйиэт, литэрэтиирэни ырытааччы.
- Алтынньы 24 — Егор Алексеев — аатырбыт саха устуоруга, публицист, СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, Кулаковскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Нам, Таатта, Үөһээ Бүлүү, Ньурба улуустарын, Бүлүүчээн нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
- Сэтинньи 6 — Гаврилова Мария Кузьминична, география доктора, СӨ Наукаларын академиятын академига
- Сэтинньи 14 — Моисей Ефимов — Саха норуодунай бэйиэтэ. Түөрт уонтан тахса сахалыы, нууччалыы тахсыбыт хоһоон хомуурунньугун ааптара. Хас да хомуурунньуга атын омук тылынан тахсыбыта.