Иһинээҕитигэр көс

1990

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1986 1987 1988 198919901991 1992 1993 1994
Уоннуу сыллар
1960-с 1970-с 1980-с1990-с2000-с 2010-с 2020-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1990 сыл.

  • Кулун тутар 4 — Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин XII ыҥырыытыгар быыбар буолбут. Манна дьокутаатынан кимнээх талыллалларыттан сүрүн мөккүөр түмүгэ тутулуктааҕа: Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлэ ким буолуохтааҕа быһаарыллыбыта — обкуом бастакы сэкиритээрэ Юрий Прокопьев дуу, соторутааҕыта Үрдүкү сэбиэт бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлэ буолбут Михаил Николаев дуу. Быыбар түмүгэр элбэх саҥалыы көрүүлээх дьон дьокутаат буолбуттара, холобур, Дьокуускай биир уокуругар суруналыыс Уйбаан Уһуунускай, Аммаҕа суруйааччы Баһылай Харысхал, Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Андрей Борисов (хос быыбарга) уо.д.а. эдэр дьон. Бу саҥа дьокутаат куорпуһа муус устар 25 күнүгэр Михаил Николаевы Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлинэн улахан утарылаһыыта суох талбыта[1].
  • Кулун тутар 4 — РСФСР народнай дьокутааттарын сийиэһэ (дойду сокуону оҥорор үрдүкү былааһа) 5 сыллаах болдьоххо талыллыбыт. 1993 сыллаахха балаҕан ыйын 21 күнүгэр бэрисидьиэн Борис Ельцин ыйааҕынан боломуочуйата тохтообут, алтынньы 4 күнүгэр күүһүнэн ыһыллыбыт.
  • Кулун тутар 9Берлиҥҥэ икки Германия холбоһоллорун туһунан кэпсэтии саҕаламмыт.
  • Ыам ыйын 4Латвия Үрдүкү Сэбиэтэ Латвияны ССРС састаабыгар күүс өттүнэн киллэриини сыыһанан аахпыт уонна Латвия Өрөспүүбүлүкэтин тутулуга суох дойдунан биллэрбит.
  • Ыам ыйын 4Латвийскай ССР өрөспүүбүлүкэ тутулуга суох буолуутун сөргүтэр туһунан декаларация ылыммыт, ССРС-тан тахсыбыт.
  • Ыам ыйын 8Эстонияҕа дойду тутулуга суоҕа чөлүгэр түһэриллиитин туһунан сокуон ылыллыбыт, онон Эстония ССРС-тан тахсыбыт. Бу өрөспүүбүлүкэ сүбүрүнүтүөтү өссө 1988 сыллаахха сэтинньи 16 күнүгэр биллэрбитэ, ол эрээри Сэбиэскэй Сойуустан тахсыбакка олорбута.
  • От ыйын 16Украинскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
  • От ыйын 18 — Саха ССР судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин туһунан Декларация бырайыага бэчээккэ дьүүлгэ тахсыбыт.
  • От ыйын 20 — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ Михаил Николаев ССРС бэрэсидьиэнигэр Михаил Горбачевка приемҥа сылдьыбыт. Бу кэнниттэн Горбачев сорудаҕынан Михаил Николаев ССРС совминын бэрэстээтэлэ Николай Рыжковтуун, ССРС Үрдүкү сэбиэтин бэрэстээтэлэ Анатолий Лукьяновтыын, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Национальностар сэбиэттэрин бэрэстээтэллэрэ Рафик Нишановтыын көрсүтэлээбит. Ол эрээри, бу көрсүһүүлэр сүнньүнэн улахан түмүгү биэрбэтэхтэр, онон Борис Ельцинныын ситимнэһэр туһунан быһаарыы ылыллыбыт[1]
  • От ыйын 27Белрусскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
  • Атырдьах ыйын 6 — РСФСР Үрдүкү сэбиэтин бэрэстээтэлэ Борис Ельцин Татарскай АССР-га тыл этэригэр: "Сүбэрэнитиэти төһөнү ыйыстаргытынан ылыҥ" диэн аатырбыт тылларын эппит. Бу этии тэлэбиидэнньэнэн эмиэ этиллибит, онтон Башкирскай АССР-га сылдьан эмиэ: "Былаастан төһөнү сатаан ыйстаргытынан ылыҥ" диэн бигэргэппит. Билигин бу этиитин иһин Ельцины буруйдууллар, ол эрээри, сорох устуоруктар санааларынан, бу этии Арассыыйа Федерациятын чөл хаалларбыта, өрөспүүбүлүкэлэр ыһыллан, арахсан барыыларын тохтоппута. Бу кэнниттэн урукку АССР-дар утуу-субуу сүбэрэнитиэт биллэрбиттэрэ эрээри федерацияттан тахсыбатахтара.
  • Атырдьах ыйын 9Карельскай АССР Арассыыйа Федерациятын өрөспүүбүлүкэлэриттэн бастакыннан сүбэрэнитиэт биллэрбитэ, ол эрээри Арассыыйаттан арахсарын туһунан эппэтэҕэ.
  • Атырдьах ыйын 19Нүөрүҥгүрү куораттан Дьокуускайга көтөн иһэр 85 пассажирдаах ТУ-154 сөмүөлүөтү 15 хаайыылаах былдьаабыт, Красноярскайынан Ташкеҥҥа тиийбиттэр. Онно 45 пассажиры босхолообуттар, 4 хаайыылаах бэриммиттэр. Уоннааҕылара Пакистааҥҥа Карачи куоракка көппүттэр, онно хаайыылаахтары барыларын тутан хаайбыттар, сууттаан баран өлөрүүгэ уурбуттар. Икки террорист бэйэлэригэр тиийинэн өлбүттэр, биир итииттэн сылтаан хаайыыга өлбүт. 1991 сыллаахха атыттарын өлүөхтэригэр дылы хаайыыга сытарга диэн бириигэбэрдэрин уларыппыттар.
  • Атырдьах ыйын 22Туркменскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
  • Атырдьах ыйын 23Армянскай ССР ССРС-тан тахсарын туһунан биллэрбит.
  • Атырдьах ыйын 24Армянскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
  • Атырдьах ыйын 24Таджикскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
  • Атырдьах ыйын 31Татарскай АССР РСФСР өрөспүүбүлүкэлэриттэн иккиһинэн (бастакы Карельскай АССР этэ) сүбэрэнитиэт биллэрбитэ, ол эрээри федерацияттан тахсарын туһунан эппэтэҕэ.
  • Балаҕан ыйын 4Михаил Николаев Борис Ельцинныын аан бастаан сирэй көрсөн кэпсэппит. Бу көрсүһүү улахан суолталаах буолбута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүбэрэнитиэтэ Арассыыйаны мөлтөппөтө этиллибитэ. Борис Ельцин ылыныллыахтаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүбэрэнитиэтин туһунан декларацияны утарыа суох уонна ытыктыах буолан эрэннэрбитэ[1].
  • Балаҕан ыйын 27Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суверенитетын Декларацията ылыныллыбыт.

В 1990 году, с 9 по 14 октября в Барнауле проходил фестиваль, на который были приглашены две якутские группы По итогам выступлений был признан супер-группой фестиваля.

  • Ахсынньы 26РСФСР совминын "Ырыынак сыһыаннарыгар көһүү кэмигэр Саха ССР социальнай-экэнэмиичэскэй кыһаҕаларын быһаарарыгар экэниэмикэ өттүнэн бэйэтин бэйэтэ дьаһаныытын кэҥэтэр туһунан" 603№ уурааҕа тахсыбыт. Бу уураах ый ынараа өттүгэр Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсүһүүтүн түмүгүнэн тахсыбыта. Уураахха айылҕа баайын туһаныы рентата өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнүөхтээҕэ, алмаас, көмүс уонна атын кыраныысса таһыгар тахсар бородууксуйа иһин валютанан төлөбүр киириэхтээҕэ, өрөспүүбүлүкэ валюта пуондалаах буолуохтааҕа ыйыллыбыт.
  • Ахсынньы 27Борис Ельцин Саха сиригэр көтөн кэлбит, бу иннинэ совмин 603№ уурааҕар суһаллык илии баттаттарбыт уонна ол уураах тиэксин аҕалбыт. Ол күн киэһэ Михаил Николаевтыын биир бииргэ олорон кэпсэппиттэр, Сойуус былааһын кытта сатаспатын, баҕар сэбилэниилээх утары турсуу буолуон сөбүн кэпсээбит (аҕыйах ыйынан, кырдьык, путч буолбута)[3]. Аҕыйах хонук иһигэр Мэҥэ Хаҥаласка, Анаабырга, Мииринэйгэ сырытыннарбыттар, өрөспүүбүлүкэ хайдах олорорун дьиҥнээхтик, нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн хайдах ыраахтарын көрдөрбүттэр.
  • Ахсынньы 27Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) Максим Аммосов аатын сүкпүт.
  • Ахсынньы 29 — Борис Ельцин Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин бэһис сиэссийэтигэр сылдьыбыт, Саха ССР сүбэрэнитиэтин билинэрин туһунан официальнайдык эппит.
  • Тохсунньу 7Анастасия Диодорова — харбааһыҥҥа дойдулар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Арассыыйа уонна Европа хас да төгүллээх чемпиона, икки Аан дойду рекордун олохтообута.
  • Сэтинньи 22 — Таха Акгюль — туурак тустууга, Олимпиада чөмпүйүөнэ, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа алта төгүллээх чөмпүйүөнэ (2012, 2013, 2014, 2017, 2018, 2019) уонна 2015 сыллааҕы Европа Оонньууларын чөмпүйүөнэ.
  1. 1,0 1,1 1,2 Николаев Иван Игнатьевич Объявление суверенитета // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 92-93. — 624 с. — 3000 экз.
  2. Николаев Иван Игнатьевич Новый депутатский корпус // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 73-76. — 624 с. — 3000 экз.
  3. Николаев Иван Игнатьевич Ельцин в Якутии // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 103-104. — 624 с. — 3000 экз.