Иһинээҕитигэр көс

1980 сыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: 1980 көстө)
Сыллар
1976 1977 1978 197919801981 1982 1983 1984
Уоннуу сыллар
1950-с 1960-с 1970-с1980-с1990-с 2000-с 2010-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1980 сыл.

  • Кулун тутар 21 — АХШ бэрэсидьиэнэ Джимми Картер 1980 сыл сайыныгар Москубаҕа буолуохтаах Олимпиаданы АХШ бойкуоттуурун туһунан биллэрбит. Төрүөтэ: Сэбиэскэй Сойуус Афганистааҥҥа сэбилэниилээх күүстэрин киллэриитэ.
  • От ыйын 7Ирааҥҥа шариаты киллэрбиттэр.
  • От ыйын 18Ииндийэ бастакы спутнигын космос куйаарыгар Шрихарикота космодромтан таһаарбыт.
  • От ыйын 19 — Москубаҕа XXII Олимпиада оонньуулара аһыллыбыттар.
  • От ыйын 27Андрей Сахаров ССКП КК генеральнай сэкиритээригэр Брежневкэ аһаҕас сурук суруйбут: «Афганистааҥҥа сэрии сэттэ ый тухары барда. Тыһыынчанан сэбиэскэй дьон уонна уонунан тыһыынчанан Афганистаан дьоно, сүнньүнэн эйэлээх дьон, өллүлэр уонна инбэлиит буоллулар. Мөлүйүөнтэн тахса афганец олорбут сириттэн тэскилээтэ. ССРС иһигэр дойдуну дьадатар сверхмилитаризация бүрүүкээтэ, репрессиялыыр уорганнар кутталлаахтык күүһүрдүлэр». Сурук хоруйа суох хаалбыта.
  • Атырдьах ыйын 1 — Вигдис Финнбогадоттир Исландия бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт уонна аан дойдуга демократтыы талыллыбыт дойду бастакы дьахтар баһылыга буолбут.


  • Кулун тутар 23Христофор Максимов — Саха АССР норуодунай артыыһа, саха аатырбыт ырыаһыта, ырыа айааччыта. Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырдарыгар, кэлин Саха судаарыстыбаннай музыка драма тыйаатырыгар үлэлээбит.