Иһинээҕитигэр көс

1913

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1909 1910 1911 191219131914 1915 1916 1917
Уоннуу сыллар
1880-с 1890-с 1900-с1910-с1920-с 1930-с 1940-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1913 сыл.

Күнэ-дьыла чопчулана илик эбэтэр биллибэт

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • "Саха саҥата" сурунаалга Оонньуулаах Уйбаан "Сут ырыата" бэчээттэммит. 1910-14 сылларга Саха сиригэр улахан кураан буолбута[1].
  • Тохсунньу 14 (урукку ааҕыынан тохсунньу 1 күнүгэр) — Дьокуускай уокуругун Боотуруус улууһа икки улууска хайытыллыбыт: Боотуруус уонна Таатта. Таатта улууһугар Алдан, Тыараһа, 2-с Дьохсоҕон, 1-кы Игидэй, 1-кы Дьохсоҕон, Уус-Амма, Дьүлэй, 1-кы Хайахсыт, 4-с Дьохсоҕон, 2-с Игидэй, 3-с Дьохсоҕон уонна Күнээйи, барыта 12 нэһилиэк киирбит. Ол эбэтэр саҥа улууска 4219 дууһа, 2113 үлэһит бэриллибит, эр киһитэ - 4434, дьахтара - 4313.
  • Ыам ыйын 30 — Лондоннааҕы сөбүлэҥҥэ илии баттаммыт, Балкаан бастакы сэриитэ түмүктэммит. Албания тутулуга суох дойду буолбут.
  • Бэс ыйын 14Дьокуускайга көскө Емельян Ярославскай (Миней Губельман) кэргэнинээн кэлбиттэр. 1917 сыллаахха Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Дьокуускай дьокутааттарын салайбыта, сайын Москубаҕа көспүтэ. Кремль бастакы хамыһаара буолбута, Москуба байыаннай уокуругун хамаандалыы сылдьыбыта, кэлин ССРС-ка таҥараһыттары утары үлэни тэрийбитэ.
  • Атырдьах ыйын 13Пономарев Михаил А. Саха уобалаһын күбүрүнээтэринэн ананар. Бу дуоһунаска үс аҥаар эрэ ый үлэлиир. Кини кэнниттэн бу дуоһунаска Рудольф Витте уонна барон Тизенгуазен үлэлээбиттэрэ.
  • Алтынньы 31АХШ сирин-уотун байҕалтан байҕалга диэри туоруур бастакы шоссе, Линкольн шоссета, аһыллыбыт.
  • Ахсынньы 1Ford Motor Company бастакы конвейеры үлэлэппит. Бу технология массыына оҥоруутугар өрөбөлүүссүйэ оҥорбута.
  • Ахсынньы 21 — «New York World» ("Нью-Йорк Уорлд") хаһыакка бастакы аныгылыы кроссворд тахсыбыт, ааптара — Артур Уинн.
  • Ахсынньы 23 — Федеральнай резервэ систиэмэтин туһунан сокуоҥҥа АХШ бэрэсидьиэнэ Вудро Вильсон илии баттаабыт. Мантан ыла АХШ дуоллара аан дойдуга эрэллээх харчы быһыытынан билиниллэн барбыта.


  1. Ойунская С.П. В песнях - душа народа // народные песни в переводе Александра Плитченко Якутские народные песни. — Якутск: Якутское книжное издательство, 1988. — С. 3-9.