1886
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1882 1883 1884 1885 — 1886 — 1887 1888 1889 1890 |
Уоннуу сыллар |
1850-с 1860-с 1870-с — 1880-с — 1890-с 1900-с 1910-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1886 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 29 — Карл Бенц бензининэн үлэлиир мотуордаах бастакы массыынатын патеннаабыт.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 13 — Харьков университетыгар мэдиссиинэҕэ үөрэнэ сылдьыбыт устудьуон Сергей Ястремскай 1879 сылтан хаатыргаҕа сылдьыбытыттан босхолонон Саха сиригэр көскө ыытыллыбыт. Көскө олорон саха тылын кырамаатыкатын чинчийбитэ, 1900 сыллаахха босхолонон Саха сириттэн барбыта, Одессаҕа олорбута.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 1 — Бирма Британия Ииндийэтигэр холбоммут.
- Ыам ыйын 29 — Кока-кола бастакы угуйуга (эрэкэлээмэтэ) хаһыакка тахсыбыт.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 3 — Ньиэмэс инженерэ Карл Бенц бастакы ис умайыылаах хамсатааччылаах (ДВС) массыынаны сүүрдүбүт.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 26 — Амма улууһун Абаҕатыгар оскуола аһыллыбыт. Билигин Абаҕа оскуолата аныгылыы дуальнай үөрэҕи биэрэр агрооскуола быһыытынан биллэр.
- Алтынньы 28 — Нью-Йоркка Көҥүл Мэҥэтэ аһыллыбыт, АХШ тутулуга суох буолуутун сүүс сылыгар Франция бэлэҕэ. Толору аата — "Аан дойдуну сырдатар Көҥүл".
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 26 — татаар уһулуччулаах бэйиэтэ Габдуллаа Тукаай.
- Алтынньы 22 - Боотуруус улууһугар Сылаҥҥа Сивцев Иннокентий Иванович - Мытыйыкы худуоһунньук, иконописец, таҥара дьиэтин тутааччы.
- Байкалов Карл Карлович (дьиҥнээх араспаанньата Некундэ) (1886 — 1950) — сэбиэттэр сэрии тойонноро. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа.
- Сэтинньи 14 — Алампа (Cофронов Анемподист Иванович) төрөөбүт — саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- Ахсынньы 12 — Николай Барамыгин — Өлүөхүмэ оройуонун Энгельс аатынан холкуос биригэдьиирэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 25 — Маак Ричард Карлович (Richard Maack), Натуралист, Сибиири уонна Уһук Илини чинчийээччи, педагог.