Иһинээҕитигэр көс

1863

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1859 1860 1861 186218631864 1865 1866 1867
Уоннуу сыллар
1830-с 1840-с 1850-с1860-с1870-с 1880-с 1890-с
Үйэлэр
XVIII үйэXIX үйэXX үйэ

1863 сыл.

  • Муус устар 17 — Суутунан таһыйары бобор туһунан Ыйаах тахсыбыт. Ол гынан баран бааһынайдары, штрафной саллааттары, сыылынайдары уонна хаатаргаҕа сылдьар дьон таһыллалларын бу Ыйаах уларыппатах.
  • Муус устар 26 — Тохсунньутааҕы өрө туруу: поляк өрө турааччылара Новая Весь аннынааҕы кыргыһыыга импиэрийэ сэриилэрин кыайбыттар.
  • Муус устар 29Арассыыйаҕа таһыйыыны хааччахтаабыттар.
  • Ыам ыйын 22 (эргэ истиилинэн ыам ыйын 10) күнүгэр Дьокуускайы улахан халаан уута ылбыт. Бастаан куорат соҕуруулуу-арҕаа өттө ууга барбыт. Икки хонугунан намыһах сиргэ турар дьиэлэр сарайдарыгар диэри ууга барбыттар, даллар отой көстүбэт буолбуттар.
  • Бэс ыйын 30 (урукку халандаарынан бэс ыйын 18 күнүгэр) — Арассыыйа импиэрийэтигэр үрдүк үөрэх туһунан саҥа ыйаах тахсыбыт, дьахталлар үрдүк үөрэххэ киирэллэрэ бобуллубут (ол иннинэ да көҥүллэммэт этэ, ол эрээри быһаччы бобуллубат буолан, аҕыйах дьахтар көҥүл истээччи быһыытынан университет лиэксийэлэрин истэллэрэ, төһө да дьупулуом ылар бырааптара суоҕун үрдүнэн).
  • Кулун тутар 12 — Владимир Вернадскай — учуонай, геохимия, биогеохимия, радиогеология үөрэҕин саҕалааччыта, биосфера, кини киhи дьайыытыттан ноосфераҕа (ол аата өй сфератыгар) кубулуйуутун уонна эволюциятын туhунан үөрэх айааччыта, Украина наукаларын академиятын бастакы бэрэсидьиэнэ.