1662
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1658 1659 1660 1661 — 1662 — 1663 1664 1665 1666 |
Уоннуу сыллар |
1630-с 1640-с 1650-с — 1660-с — 1670-с 1680-с 1690-с |
Үйэлэр |
XVI үйэ — XVII үйэ — XVIII үйэ |
1662 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 1 — Кытай пираата Чжэн Чэнгун Тайваҥҥа баар Нидерланды кириэппэһин Зеландияны тоҕус ыйдаах төгүрүктээһин кэнниттэн ылбыт. Инньэ гынан кытайдар Тайваны бэйэлэригэр төннөрбүттэр.
- Атырдьах ыйын 4 — Москубаҕа урукку ааҕыынан от ыйын 25 күнүгэр "Алтан өрө туруута" (Медный бунт) буолбут. Польшаны кытта 1654—1667 сс. сэрии кэмигэр Москуба судаарыстыбатын экэниэмикэтэ мөлтөөн кыһыл уонна үрүҥ көмүс тиийбэккэ манньыаты алтантан кутар буолбуттар. Элбэх сымыйа манньыат баар буолбут. Онтон сылтаан табаар сыаната аһара үрдээбит. Маны тулуйбакка куорат дьадаҥылара өрө турбуттар. Ыраахтааҕы олорор сирин төгүрүйбүттэр, буруйдаахтары өрө турааччыларга биэрэрин модьуйбуттар. Стрелецтэр кэлэн саата-саадаҕа суох дьону кыргыбыттар, сорохторун ол күн ыйаан, сорохторун өрүскэ тимирдэн өлөрбүттэр (тыһыынчаҕа тиийэр киһи өлбүт бадахтаах). Элбэх киһини кэлин силиэстийэлээн баран илиилэрин-атахтарын, тарбахтарын бысталаан Казааҥҥа, Астрахаҥҥа, Сибииргэ иҥин төннүбэттии ыыталаабыттар.