Хомер
Хомер (был.-гириэк. Ὅμηρος, Hómēros; VIII үйэ б.э.и.) диэн Илиада уонна Одиссея диэн грек эпостарын ааптардара.[1] Былыргы бириэмэ литературатыттан харайыллыбыт лиетартураттан биирдэстэрэ. Былыргы баайдартан биирдэстэринэн ааҕыллар. Троя сэриитин туһунан кэпсииллэр, ол сэрии биһиги эрабыт иннинэ 1190 сыллаахха ааспыта. Гомер айамньылара кэнники буолан баран суруллубутунан ааҕыллар.
Историята
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бу период историятын уустуга диэн Микеналар цивилизацията бу кэнниттэн хас да сүүс сыл эстии туругар сылдьыбыта, ол иһин аҕыйах матырыйаал хаалбыт. Бу период, Греция Хараҥа бириэмэтэ, быһа холоотоххо биһиги эрабыт иннинэ 800 сыллаахха тохтообут, ол бириэмэттэн саҥа греция алпабыытынан суруллуйбут матырыйаллар харайыыллыбыттара бааллар. Ол иһин Гомер бириэмэтигэр ол уструоруйалар дьонтон дьоҥҥо тылынан бэриллэрэ.
Гомер туһунан информация эмиэ аҕыйах. Сорохтор олох даҕаны олорботох киһи диэн быһаараллар, сорохтон дьахтар этэ диэн этэллэр[2] Үһүйээн быһыытынан Ионияҕа олоро сылдьыбыт хараҕа суох буолар, ол гынан баран онно дакаастабыл суох.
Троя баарын туһунан археология чинчийиилэрэ быһаараллар. Троя турбут сирин булбуттара уонна хастаабыттара. Бу эпос Трояны хаххалыыр бириэмэтигэр уһун кэпсээн курдук айыллыбыта, ол кэнниттэн сиһилии эбиискэлэр баар буолбуттара диэн толйдууллар.[3] Гомер хас хоһоонноро барыта саҥарарга чэпчэки буоларын курдук суруллубуттар диэн быһаараллар.[4][5]
Гомер олорбут бириэмэтэ уонна тылбаас
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Гомер хаһан олоро сылдьыбыта биллибэт. Геродот этэринэн Гомер кини иннинэ 400 сыл олорбута, ол аата биһиги эрабыт иннинэ 850 сыл буолар;[6][7][8][9][10][11] ол гынан баран атын источниктар Троя сэриитин кэнниттэн наһаа өр буолбаакка эрэ олоро сылдьыбыта диэн этэллэр.[12] Троя сэриитэ биһиги эрабыт иннинэ 1194—1184 сыллахха ааспыта.
Билигин учуонайдар сөбүлэһиилэринэн «Гомер бириэмэтин» олорбутунан буолбакка хаһан хоһооннор тарҕаммытынан ааҕыллар. Ол аата ордук эрдэлээбитэ биһиги эрабыт иннинэ 800 сыллаахтан ордук чугаһа 600 сыллаахха быһаарыллар.[13]
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Халыып:Citeweb
- ↑ http://www.atrium-media.com/rogueclassicism/Posts/00004001.html
- ↑ E. Bakker 1997. Poetry in speech: orality and Homeric discourse. Ithaca NY. ISBN 0-8014-3295-2
- ↑ Parry, Milman 1971. The making of Homeric verse: the collected papers of Milman Parry. (ed Adam Parry) Oxford.
- ↑ Ong, Walter. Orality and literacy: the technologizing of the word. Methuen, London & N.Y. Milman Parry’s discovery, p20-27.
- ↑ Herodotus 2.53.
- ↑ http://controversialhistory.blogspot.com/2008/03/date-of-homer.html
- ↑ http://www.gradesaver.com/author/homer/
- ↑ http://www.nndb.com/people/841/000087580/
- ↑ http://webcache.googleusercontent.com/search?q=cache:NtFnt7Nod-0J:www1.pu.edu.tw/~bmon/Literature/Iliad.doc&cd=9&hl=en&ct=clnk&gl=us
- ↑ http://www.greeka.com/cyclades/ios/ios-history/Homer-ios.htm
- ↑ Graziosi, Barbara (2002). «The invention of Homer»: 98–101.
- ↑ Nagy, Gregory (2001). «Homeric poetry and problems of multiformity: the Panathenaic Bottleneck» (Classical Philology) 96: 109–119.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |