Соҕуруу Кириэс (сулустар бөлөхтөрө)
Соҕуруу Кириэс (лат. Crux) — соҕуруу халлаан сулустарын бөлөҕө.
Түөрт чаҕылхай сулустара кириэс курдук көстөллөр, бу сулустар навигацияҕа туһаныллаллар: γ уонна α сулустары холбуур линияны 4,5 төгүл салҕаатахха Аан дойду соҕуруу полюһун ((Октант σ-та) булуохха сөп.
Ити суолтата улахан, тоҕо диэтэххэ соҕуруу полюс зенитыгар чаҕылхай сулус суох.
Интириэһиргэтэр объект
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бөлөххө Чохтоох Мөһөөччүк диэн былыт көстөр - Халлаан Сиигэр хараҥа объект.
Устуоруйата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Саҥа бөлөх. Кириэскэ маарыҥныыр астеризм былыргыттан биллэр. Ром астрономнара «Ыраахтааҕы Трона» диэн Август чиэһигэр ааттыыр этилэр. Арааб астрономнара эмиэ билэр этилэр, ол туһунан Данте XIV үйэҕэ суруйбута. Саҥа Кэм европаттан төрүттэх бу бөлөҕү ырыппыт киһинэн буолар Америго Веспуччи, 1501 кини «Миндаль» (ит. Il Mandorla) диэн ааттаабыт. Петер Планциус 1589 сыллаахха туспа бөлөх курдук киллэрбит.
Классик номохтор суохтар, ол гынан баран Аустралия олохтоох норуоттара икки какадуну көрөллөр, эбэтэр хараҥа тыынтар куотан маскэ тахсыбыт опоссум.
Бөлөх Ил символикаҕа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Биэс чаҕылхай сулустара (α, β, γ, δ уонна ε) Аустралия, Бразилия, Саҥа Зеландия, онтон ε сулуһа суох Папуа - Саҥа Гуинея, Самоа былаахтарыгар баар.
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- WIKISKY.ORG: Южный Крест
- Астромиф: Южный Крест Архыыптаммыт 2009, Ахсынньы 15 күнүгэр.