Иһинээҕитигэр көс

Рошане Зафар

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Рошане Зафар
Roshaneh Zafar
Үлэтэ:

түмэт урбаан, менеджер

Төрөөбүт сирэ:

Лахор


Рошане Зафар (ааҥл. Roshaneh Zafar; төр. Лахор, Пакистан) — пакистан урбаанньыт дьахтара уонна менеджер, Kashf Foundation уонна FINCA Microfinance Bank Limited тэрийээччитэ уонна салайааччыта; түмэткэ, дьахталлар бырааптарын уонна кыахтарын кэҥэтиигэ хас да аан дойдутааҕы бөлөхтөр уонна бырабыыталыстыбаннайа суох тэрилтэлэр дириэктэрдэрин сэбиэтин чилиэнэ[1][2][3][4][5].

Рошане Зафар Пакистааҥҥа Лахорга биллэр интеллигент дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ[1]. Кини аҕата — табыллыылаах юрист уонна консультаан[6][1].

Рошане Зафар Уортон биизинэс оскуолатыгар экэниэмикэ уонна финаанстар уобаластарыгар бакалаавр уонна Йель үнүбүрсүтүөтүгэр аан дойду экэниэмикэтин сайдыытын уобалаһыгар магистр истиэпэннэрин ылбыта[3][2][1][4][6].

1990-с сыллар саҕаланыыларыгар ООН сайдыы бырагыраамматыгар уонна Аан дойдутааҕы бааҥҥа сайдыыга специалист карьератын туппута[7][1][6].

Ити кэмҥэ кини Пакистааҥҥа бастакы дьахталларга аналлаах Bedari криизис киинин олохтоһооччунан буолбута[2].

Дьахталлар аан дойдуга балаһыанньаларыгар уонна кинилэр экэниэмикэҕэ сайдалларыгар аналлаах кэмпэриэнсийэҕэ Рошане Зафар Grameen Bank тэрийээччитин Мухаммад Йунусу көрсүбүтэ, Юнус кинини урбаанньыт опытын үөрэтэ Бангладешка барарыгар мэктиэлээбитэ[7][8].

Икки ыйдаах тэтимнээх чинчийии кэнниттэн Зафар тэрилтэтин биизинэс-моделын Пакистааҥҥа сөп түбэһиннэрэргэ быһаарыммыта[7].

1996 сыллаахха Зафар Пакистааҥҥа кэммиэрсийэтэ суох Kashf Foundation тэрилтэни тэрийэн салайбыта, ити тэрилтэни кытта кини инники карьерата ситимнэммитэ[7][2][6].

Сотору кэминэн Kashf Foundation клиеннара депозиттарга наадыйбыттара[5]. Ол эрэн Пакистаан сокуона микрокредит тэрилтэлэригэр дьонтон үп ылаларын бобор[5].

ити кыһалҕаны быһаараары Рошане Зафар Kashf Microfinance Bank тэрийэн салайбыта[6], 2013 сыллаахха сэтинньигэ аата уларыйбыта - FINCA Microfinance Bank Limited[5][9].

Награадалара уонна премиялара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Түмэт урбаан уобалаһыгар уонна дьахталлары сайдыыларыгар үлэлэһэрин иһин Рошане Зафар хас да наҕараада уонна бириэмийэни ылбыта[3].

2005 сыллаахха кини Пакистаан бэрэсидьиэниттэн судаарыстыба биир үрдүкү наҕараадатын Tamgha-e-Imtiaz ылбыта[1][4].

1997 сыллаахха Зафар Ашока пуонда бастакы стипендиаттарыттан биирдэстэрэ буолбута[2], кэлин Шваб пуондатынан (2003[1]) уонна Сколл пуондатынан (2007[8]) сыл түмэт урбаанньытынан ааттаммыта[3][3][4].

  1. 1,0 1,1 1,2 1,3 1,4 1,5 1,6 Roshaneh Zafar(ааҥл.). Шваб түмэт урбаанын пуондата (2003). Тургутулунна 13 Бэс ыйын 2015.
  2. 2,0 2,1 2,2 2,3 2,4 ROSHANEH ZAFAR(ааҥл.). Ашока (пуонда) (1997). Тургутулунна 13 Бэс ыйын 2015.
  3. 3,0 3,1 3,2 3,3 3,4 Roshaneh Zafar(ааҥл.). Women's World Banking. Тургутулунна 13 Бэс ыйын 2015.
  4. 4,0 4,1 4,2 4,3 Executive Profile Roshaneh Zafar(ааҥл.). Bloomberg. Тургутулунна 13 Бэс ыйын 2015.
  5. 5,0 5,1 5,2 5,3 Roshaneh Zafar(ааҥл.). Vital Voices (2010). Тургутулунна 13 Бэс ыйын 2015.
  6. 6,0 6,1 6,2 6,3 6,4 [iipdigital.usembassy.gov/st/english/publication/2012/02/20120227123445ael0.2555898.html Roshaneh Zafar: Social Entrepreneur Empowers Women](ааҥл.). IIP Digital (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 13 Бэс ыйын 2015.
  7. 7,0 7,1 7,2 7,3 Mahboob Mahmood, Melanie Hui. Kashf Foundation: A Pakistani Microfinance Organization Gears up for Dramatic Growth(ааҥл.). INSEAD (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 12 Бэс ыйын 2015.
  8. 8,0 8,1 Kashf Foundation(ааҥл.). Сколл Пуондата (2007). Тургутулунна 13 Бэс ыйын 2015.
  9. Company Overview of FINCA Microfinance Bank Limited(ааҥл.). Bloomberg. Тургутулунна 13 Бэс ыйын 2015.