Иһинээҕитигэр көс

Мэйии

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Киһи мэйиитэ

Мэйии диэн дьоҥҥо, кыылларга тула буолары өйдүүр уонна толкуйдуур этин чааһа. Билгэ органнартан даннайдары ылан туттары-хаптары уларытыан сөп. Дьоҥҥо мэйии тылы хонтуруоллуур, уонна абстрактнай толкуйу оҥоруон сөп.[1]Мэйии эти барытын хонтуруоллуур киинэ буолар.[2] Мэйии аналлаах килиэккэлэртэн турар. Кинилэр бэйэ бэйэлэрин кытта уонна атын органнарын кытта ниэрбэнэн холбоноллор. Кыылларга барыларыгар мэйии хаххалаах, дьоҥҥо чөмчөкө уҥуоҕа оннук хахха буолар.

Мэйии толкуйга үөрэнэргэ уонна билгэҕэ эппиэттиир. Дьоҥҥо өй-санаа төрүтэ буолар. Мэйии ону тэҥэ автоматтаммыт дьайыылары, ол курдук тыыныы, куртахха аһы буһарыытын, сүрэх тэбиитин хонтуруоллуур.

Үүтүнэн ииттээччилэргэ мэйии үс чаастан турар: улахан мэйии, мозжечок уонна мэйии умнаһа. Улахан мэйии ньуура мэйии коратыттан турар. Улахан мэйии икки аҥаардаах - эҥэлэйдээх (мэкэчэк, полушарие).

Киһиэхэ мэйии кээмэйэ, атын кыыллары кытта тэҥнээтэххэ олус улахан, ону тэҥэ ньуура олус улахан тоҕо диэн кора олус мырчыстыллыбыт. Атын кыылларга итинник эмиэ баар буолуон сөп, ол курдук дельфиннарга уонна слоннарга эмиэ мырчыстыллыбыт мэйии коралаахтар.

  1. Calvin, William H. [1996] 1998. How brains think: evolving intelligence, then & now. Phoenix, London. ISBN 0-75380-200-7
  2. Encyclopedia of discovery: science. Weldon Owen, 2001, 30Халыып:Ndash31. ISBN 1740893298