Видео оонньуу консоля
Видео оонньуур консол, эбэтэр кылгастык оонньуур консол (ааҥл. video game console) диэн видео оонньууну оонньуурга анаан оҥоһуллубут электроннай тэрил. Оонньуу ойуутун дисплейга (ТВ, монитор, уо.д.а.) холбонон көрдөрөр.
Xbox — Америка хампаанньатын бастакы хомуур приставкалара. АХШ-ка уонна Канаадаҕа Xбх-га киириитэ 2001 сыл сэтинньитигэр, атыттарга 2002 с. буолбута. Бу оҥоһук бастакы уонна ситиһиилээхтик туруоруллар — Дьоппуон оҥорооччулара хас да сыл устата дьоппуоннары оҥорон таһаарааччылар Дьиэ-уот ырыынагар тахсалларыгар уонна кини өлүүлэрин ылалларыгар кыах биэрбиттэрэ. Алтыс көлүөнэ приставката быһыытынан, Xxony 2 сонуну кытта быһаччы күрэстэһэр.[1]
Аат үөскээhинэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]"Видео оонньуур консол" диэн аакка "видео" диэн тыл растр дисплейдартан барбыта. Онтон билигин ол аат дисплейдар бары көрүҥнэригэр уонна форматтарыгар сыhыаннаах. "Консол" диэн тылы официаллык оонньуу электроннай тэрилин ааттааhыҥҥа, аан бастаан Fairchild Semiconductor диэн компания 1976 с. туттубута. Ол иннинэ "видео оонньуур консол" диэн оннугар "видео оонньуур системата" дииллэрэ.
Бүтүн элеменнара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Контроллер: информацияны киллэрэр уонна ойууга баар объектарга дьайар тэрил.
- Хааччыйар: уот ситимигэр холбонон консолу уотунан хааччыйар.
- Консол киин блога: дисплей, контроллер уонна оонньуу программата холбонор түмүктэрэ; видео оонньуур консол киинэ.
- Медиа: видео оонньуур консолларыгар үгүстэригэр программалара тас медиа тэриллэргэ (картриджтарга, харайар дискэҕэ, компакт дискаларга уо.д.а.) бааллар.
- Өйдүүр хаарта: cорох оонньуу консоллара (холобур, PlayStation уонна Nintendo GameCube) билэни харайар, холбуур уонна сотор өйдүүр хаарталаахтар.
Остуоруйата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бастакы көлүөнэ (1972-1977)
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Оонньуу консоллярын бастакы көлүөнэтэ.
- Magnavox Odyssey (1972)
- Magnavox Odyssey 100 (1975)
- Magnavox Odyssey 200 (1975)
- Atari/Sears Telegames Pong (1975)
- Coleco Telstar (1977)
Иккис көлүөнэ (1976-1984)
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Оонньуу консоллярын иккис көлүөнэтэ 1976 с. Fairchild Channel F уонна 1292 Advanced Programmable Video System тахсааhыннарыттан саҕаламмыта.
- Fairchild Channel F (1976-1978)
- Atari 2600 (1977-1992)
- Magnavox Odyssey² (1978-1984)
- Mattel Intellivision (1980-1991)
- Atari 5200 (1982-1984)
- Milton Bradley Vectrex (1982-1984)
- Emerson Arcadia 2001 (1982-1983)
- ColecoVision (1982-1984)
- Sega SG-1000 (1983-1985)
Бастакы портативнай оонньуур консоллара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бастакы портативнай оонньуур консолунан буолар Smith Engineering оҥорбут Microvision диэн консола, 1979 с. кинини Milton-Bradley компания тарҕаппыта уонна атыылаабыта. Бу консол дисплейа аhары кыра уонна кэбирэх уонна олус аҕыйах оонньуулаах эбит. Икки сылынан оҥоhуллан бүппүтэ.
- Milton Bradley Microvision (1979-1981)
- Nintendo Game & Watch (1980-1991)
1983 c. видео оонньуур индустриятын эстиитэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1983-1984 cc. консоллар уонна оонньуулар маркетын аан дойдутааҕы эстиитэ буолбута (бастатан туран Америкаҕа). Онтон сылтаан Хотугу Америка оонньуур консолларын уонна дьиэ көмпүүтэрдэрин оҥорор элбэх компаниялара банкрот буолбуттара. Маны кытта оонньуур консолларын иккис көлүөнэлэрэ бүппүтэ. 1983 с. Дьоппуоҥҥа Nintendo Entertainment System (NES) диэн консоль тахсыбыта уонна кини икки сылынан Хотугу Америкаҕа ситиhиилээхтик тарҕаммыта. Бу түбэлтэни кризис бүтүүтэ дииллэр. Эстии бастыҥ түмүгүнэн аан дойду оонньуу индустриятын киинэ Хотугу Америкаттан Дьоппуоҥҥа көһүүтэ буолбута.
Үһүс көлүөнэ (1983-1992)
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Оонньуу консолларын үһүс көлүөнэлэрэ 1983 с. Дьоппуоҥҥа Famicom консол тахсааhыныттан саҕаламмыта. Бу кэми атыннык 8 бит эрата диэн ааттыыллар.
- NES/Famicom (1983-1985)
- PV-1000 (1983-1987)
- Super Cassette Vision (1984)
- Supergame VG 3000 (1985)
- Sega Master System (1985-1987)
- Atari 7800
Төрдүс көлүөнэ (1987-1996)
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Оонньуу консолларын төрдүс көлүөнэлэрэ алтынньы 30 к. 1987 с. Дьоппуоҥҥа PC Engine (Хотугу Америкаҕа TurboGrafx-16 диэн биллэр) консол тахсааhыныттан саҕаламмыта. Бу кэми атыннык 16 бит эрата диэн ааттыыллар.
- TurboGrafx-16/PC-Engine (1987-1990)
- Sega Mega Drive/Genesis (1988-1990)
- Neo Geo (1990-1991)
- Super Nintendo Entertainment System/Super Famicom (1990-1992)
Кыра кээмэйэдээх (нууч. - портативный) консоллар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Game Boy (1989-1990)
- Atari Lynx (1989-1990)
- Sega Game Gear (1990-1992)
- Watara Supervision (1992)