Иһинээҕитигэр көс

Бэс

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бэс

Бэс (лат. Pinus spp., нууч. Сосна) — куруук көҕөрөр мастар бөлөхтөрө. Манна 70-ча көрүҥ киирэр. Олортон Саха сиригэр үһэ баара биллэр: Ойуур бэһэ, Сибиир сыалааҕа, Болбукта.

Бэс диэн тылынан саха тылыгар үксүн көннөрү эбэтэр атын аата ойуур бэһин (лат. Pinus sylvestris L.) ааттыыллар.

Ойуур бэһин ареала

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бэс Саха сирин киин уонна арҕаа өттүгэр тарҕаммыт мас, Өлүөнэ-Бүлүү уонна Өлүөнэ-Алдан өрүстэр ыккардыларыгар, Өлүөнэ, Алдан хочолоругар үүнэр. Саха сирин соҕуруу өттүнээҕи хайаларыгар 800-1000 м дылы үөһэ тахсар. Ареалын хотугу кыраныыссата Бүлүү өрүс үөһээ тардыытынан, кини салаата Марха орто тардыытынан, Эдьигээн бөһүөлэгин хоту өттүнэн, онтон Өлүөнэ уҥа кытылыгар тахсан баран ону кыйа Алдан уҥа кытылын кыйа хоту барар уонна Хабааровскай кыраайга тиийэр.

Тас көстүүтэ, үүнүүтэ, сайдыыта

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бэс 20-45 м үрдүктээх, умнаһын диаметра 20-100 см. Саха сиригэр 30 м дылы үүнэр. Умнаһа толору мас (полнодревесный), аллараа өттө буровато-сиэрэй хайыттаҕас халыҥ хатырыктаах. Үөһээ өттүгэр хатырыга кыһыллыҥы оранж өҥнөөх буолар уонна чараас суба (пленка) буолан арахса турар.

Кураанах кумах, кыра туой булкаастаах кумах уонна хайалаах сиргэ таастаах буордарга үүнэр. Буор кыра тууһун тулуйар. Сырдыгы сөбүлүүр, сырдык, паарка тииптээх бэс чагдалары үөскэтэр.

Айылҕаҕа кыра кыыллар уонна көтөрдөр олохсуйалларыгар тоҕоостоох ойуурдары үөскэтэр, манна кинилэр сайдалларыгар сөптөөх аһылыгы булаллар. Кыһын тымныы тыалтан хаххаланаллар. Бэс чагдаларга уонна бэстээх тыаларга тэллэйдэр сөбүлээн үүнэллэр.

Ойуур бэһэ кумахтары уонна алдьаммыт сирдэри мастыырга (облесение), маһынан бөҕөргөтөргө мастартан саамай табыгастаах. Силиһэ үчүгэйдик сайдар буолан кумах сири хамнаппат уонна бэйэтэ да кумахтаах буор тыйыс усулуобуйатын үчүгэйдик тулуйар. Тукулааннарга, холобур, бэс эрэ үүнэр. Атын мас кыайан тулуйан үүнэр кыаҕа суох.

Норуот хаһаайыстыбатыгар суолтата сүҥкэн.

Бэс мас үүнэр сирдэрэ (ускуобка иһигэр территория тыатын сабардамыттан бэс төһөтүн ылара көстөр) — Саха Сирэ (57 %), Канаада (75 %), АХШ (41 %), Швеция (69 %), Норвегия (17 %), Дания (11 %), Германия (7,47 %), Польша (30 %), Арассыыйа (87,9 %), Дьоппуон (0,9 %), Кытай (13,1 %).