Былыргы түүрдэр
Былыргы түүрдэр — Киин Азияҕа Түүр хаҕанатын тэрийбит омук. Былыргы түүрдэр олохтоох Алтаай дьоно уонна кэлии Ашина аҕа ууһун булкуһуутуттан үөскээбиттэр.
Ааттара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Былыргы түүрдэри уонна билиҥҥи түүр тыллаах омуктары араарар гына чинчийээччилэр араас-араас терминнери тутта сатыыллар. Холобур, Улахан Нууччалыы Энциклопедияҕа (БРЭ) былыргы түүрдэри "собственно тюрки" диэн ааттыыллар.
Аатырбыт чинчийээччи Л.Н. Гумилев түркүт (нууч.: тюркют) диэн тылы туттар: түрк диэн түүрдэр бэйэлэрин ааттанар ааттара, -үт диэн моҕол тылыгар элбэх ахсаан сыһыарыыта.
Кытайдар былыргы түүрдэри кыт. 突厥 (пиньинь: tūjué) диэн ааттыыллара, ол иһин сорох нуучча чинчийээччилэрэ "тюрк-тюгю"[1] эбэтэр "тугю" (Н.Я. Бичурин "тукюе" диир) диэн ааттары тутталлар.
Сорох чинчийээччилэр буоллаҕына былыргы түүр тылынан суруллубут суруктарга олоҕуран "кёк тюрк" (көк түрк) диэн ааты ылыналлар[2]. Бу ааты былыргы түүдэр бэйэлэрин ааттанар ааттара дииллэр уонна "күөх түүрдэр" эбэтэр "халлаан түүрдэрэ" диэн тылбаастыыллар.
Археологтар буоллаҕына ордук "Алтаай-теле түүрдэрэ" диэн аатын тутталлар[3].
Түрк (былыргы түүр.: Türük[4][5], кыт. 突厥, пиньинь: Tūjué, орто кыт.: tʰuot-küot, грек.: Τούρκοις) диэн аат бастыкытын VI-с үйэҕэ туттуллубута биллэр. Ол курдук кытай суруктарыгар 542 сыллаахха түүрдэри ахталлар[6]. Европаҕа буоллаҕына түүрдэр туһунан бастыкытын Менандр уонна Феофан диэн Византия историктара суруйаллар[7]. Ышбара хаҕан (581–587 сс.) Кытай ыраахтааҕытыгар суругар бэйэтин "түүрдэр улуу хаҕаннара" дэнэр[8].
Араас былыргы суруктарга түүрдэр ааттара маннык суруллан хаалбыт: Согд тылынан — twrk, орто перстии — turk, араабтыы — trk (арааб.: ترك), Сирия тылынан – turkaye, гректии – τoύpκoç, санскриттии – turuška, Тибет тылынан — drug, drugu, Хотан тылынан – ttûrka, tturki[9].
Ону таһынан Византиятааҕы суруктарга түүрдэри "скиф" (Σκύθαι) диэн ааттыыллара биллэр[10][11]. Оттон пехлеви суруктарыгар (орто перс тылынан) түүрдэри "тур" диэн былыргы Туран олохтоохторун кытта булкуйар этилэр[12].
Былыргы түүрдэр уонна Ашина аҕа ууһун туһунан
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Былыргы кытайдар суруйбуттарынан түүрдэр хууннартан төрүттээхтэр[13].
Алтайга Ашина аҕа ууһун тула "түрк" диэн ааттаах биистэр холбоһуктара үөскүүр[14]. Бу кэмҥэ былыргы түүрдэр жуань-жуань диэн омуктан тутулуктаах этилэр[15]
Үгүс чинчийээччилэр, холобур, Х.В. Хауссиг[16], А.Н. Бернштам[17], Ю.А. Зуев[18], Д.Г. Савинов[19], С.П. Гущин[20], Рон-Таш[21], Р.Н. Фрай[22], Финдли[23], В.У. Махпиров[24] сабаҕалыылларынан Ашина аҕа ууһа сака-усунь төрүттээх. Картер Финдли этэринэн "Ашина" аҕа ууһун аата Орто Азиятааҕы Ираанныы төрүттээх тылларга "күөх" диэн суолталаах[25].
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Поздняков Д. В. Формирование древнетюркского населения Горного Алтая по данным антропологии // Археология, этнография и антропология Евразии 3 (2001): 142.
- ↑ Тишин, 2014, с. 79
- ↑ Савинов Д. Г. Формирование и развитие раннесредневековых археологических культур Южной Сибири. // Автореф. дисс. ... д-ра истор. наук: 07.00.06 — археология. Новосибирск: 1987.
- ↑ Kultegin’s Memorial Complex, TÜRIK BITIG Khöshöö Tsaidam Monuments
- ↑ Bilge Kagan’s Memorial Complex, TÜRIK BITIG Khöshöö Tsaidam Monuments
- ↑ Акишев К. История Казахстана, 1996 (1-том). С.296
- ↑
В начале четвертого года царствования Юстина в Византию прибыло посольство от турок.
(Менандр. Отрывок 18) - ↑ 新亞研究所 – 典籍資料庫. Тургутулунна 18 Кулун тутар 2015. Төрүт сириттэн архыыптанна 21 Олунньу 2014.
- ↑ Golden P. An introduction to the history of the Turkic peoples: Ethnogenesis and state-formation in medieval and early modern Eurasia and the Middle East, Wiesbaden: O. Harrassowitz: 1992, P. 117.
- ↑ G. Moravcsik, Byzantinoturcica II, P. 236-39.
- ↑ Византийские историки Дексипп, Эвнапий, Олимпиодор, Малх, Петр Патриций, Менандр, Кандид, Ноннос и Феофан Византиец.
- ↑ Авеста в русских переводах. — Санкт-Петербург, 1997. — С. 457. — ISBN 5-88812-039-1.
- ↑ Бичурин Н.Я. Собрание сведений о народах Средней Азии. — Москва-Ленинград:: Академия наук СССР, 1950. — С. 220.
- ↑ http://www.nsc.ru/HBC/hbc.phtml?11+389+1 Архыыптаммыт 2020, Бэс ыйын 12 күнүгэр.
- ↑ Савинов Д. Г. Народы Южной Сибири в древнетюркскую эпоху. — Л.: Изд-во ЛГУ, 1984. — С. 32.
- ↑ Haussig Н.W. Byzantinische Qullen über Mittelasien in ihrer historischen Aussage // Prolegomena to the sources on the history of pre-Islamic Central Asia. Budapest, 1979. S. 55-56.
- ↑ Бернштам А.Н. Никита Яковлевич Бичурин (Иакинф) и его труд «Собрание сведений…» М.-Л., Наука, 1950.
- ↑ Зуев Ю.А. Тамги лошадей из вассальных княжеств (Перевод из Китайского сочинения 8-10 вв. Танхуйяо, том 3, глава (цзюань) 72, стр. 1305—1308)
- ↑ Савинов Д. Г. Владение Цигу древнетюркских генеалогических преданий и таштыкская культура. // Историко-культурные связи народов Южной Сибири. Абакан: 1988. С. 64-74.
- ↑ Муратов Б. А. ДНК-генеалогия тюркоязычных народов Урала, Волги и Кавказа. Том 4, серия «Этногеномика и ДНК-генеалогия», ЭИ Проект «Суюн». Vila do Conde, Lidergraf, 2014, илл. ISBN 978-5-9904583-2-1.
- ↑ Róna-Tas 280.
- ↑ Frye Richard N. Turks in Transoxiana
- ↑ Findley 39.
- ↑ Махпиров В.У. Имена далеких предков / В. У. Махпиров. — Алматы: Инс-т востоковедения МН АН РК, 1997, С.137-138.
- ↑ CARTER VAUGHN FINDLEY.THE TURKS IN WORLD HISTORY. 2005, с.39,41.
Эбии көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Литература
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тюрки / И. Л. Кызласов // Телевизионная башня — Улан-Батор. — М. : Большая российская энциклопедия, 2016. — С. 621–622.
- Ганиев Р. Т. Восточно-тюркское государство в VI—VIII вв. — Екатеринбург: Издательство Уральского университета, 2006. — С. 152. — ISBN 5-7525-1611-0
- Тишин В. В. К интерпретации сочетания kök türk // Проблемы востоковедения. — 2014. — Т. 63, № 1.
- Гаврилова А. А. Могильник Кудыргэ как источник по истории алтайских племен. М.-Л., 1965.
- Савинов Д. Г. Формирование и развитие раннесредневековых археологических культур Южной Сибири// Автореф. дисс. ... д- ра истор. наук: 07.00.06 – археология. Новосибирск: 1987.
- Трифонов Ю. И. Кочевнические элементы в материальной культуре оседлого населения Южного Казахстана в период раннего средневековья. // Конф. "Взаимодействие кочевых культур и древних цивилизаций»: Тез. док. А-Атаһа, 1987.
- Кызласов Л. Р. Городская цивилизация тюркоязычных народов Южной Сибири в эпоху средневековья. // Взаимодействие кочевых культур и древних цивилизаций. Алма-Ата, 1987.