Иһинээҕитигэр көс

Лао Шэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Барыл 04:33, 14 Ыам ыйын 2024; CommonsDelinker (ырытыы | суруйуу) (Removing Laoshe.jpg, it has been deleted from Commons by Krd because: No license since 6 May 2024.)
(уратыта) ←Инники барыл | Билиҥҥи барыл (уратыта) | Аныгыскы барыл→ (уратыта)
Лао Шэ
Айбыт аата Лао Шэ
Идэтэ роман уонна драманы суруйааччы
Илэ Кытай
омуга Маньчжур
Олорбут сирэ Кытай
Үөрэммит сирэ Пекин нормальнай университета
Бэлиэ үлэлэрэ Рикша уола
Чэй иһэр сир
Spouse(s) Ху Жиэцинг
Оҕото 4

Ла́о Шэ (老舍, пиньинь: Lǎo Shě; дьиҥ аата Шу Цинчунь, Shū Qìngchūn, 舒慶春; 1899 сыл олунньу 3 — 1966 атырдьах ыйын 24) — биллэр Кытай прозаига, драматура, публицист, реалистичнай уонна сатиристичнай прозанан биллибитэ. Кытай национальнай литературатыгар биир биллэр маастара. Маньчжурияттан төрүттээх. "Лао Шы" диэн боростуйодук быһыланыламмыт аата (көнөтүк "Кырдьаҕас Шэ" диэн тылбаастанар)

Олоҕун тиһиктэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Лао Шэ Пекиҥҥа дьадаҥы ыалга төрөөбүт. Аҕата саллаат эбит, уонна 1901 сыллаах Ихуатанэй бастаанньатын саба баттааһыныгар өлбүт. 1913 сыллаахха Пекин нормальнай үһүс оскуолатыгар киирбит, ол гынан баран харчы тиийбэтиттэн аҕыйах ый буолан баран бырахпыт. Ол сылга Пекин нормальнай университетыгар киирбит уонна 1918 сыллаахха бүтэрбит.

1924 сыллахха Англияҕа кытай тылын үөрэтэ Лондоҥҥа, онтон кэнин Оксфордка барбыт. 1926 сыллахха бастакы романын - "Ытыктабыллаах Чжан философия"тын Сяошо Юэбао диэн литературнай сурунаалга бэчээттээбит. 1927 сыл кулун тутар ыйыгар ол же сурунаалга аныгыскы романа - "Муударай эппитэ", онтон 1929 сыллахха "Икки Ма" диэн романнара бэчээттэнэллэр.

1929 сыллаахха төттөрү Кытайга кэлэр, уонна "Сяопо төрөөбүт күнэ" диэн романы сурунаалга бэчээтттир. Ол кэнниттэн Пекиҥҥа, онтон Цзинань уонна Циндао куораттарга олорор.

  • «Ытыктабыллаах Чжан философията» (老张的哲学)
  • «Муударай киһи эппитэ» (赵子曰)
  • «Икки Ма» (二马)
  • «Сяопо төрөөбүт күнэ» (小坡的生日)
  • «Ый сиэрпэтэ — «Даминху» ромаан фрагмена (月牙儿)
  • «Арахсыы» (离婚)
  • «Куоска куоратын туһунан сапыыскалар» (猫城记)
  • «Халлаан бэлэҕин туһунан кэпсээн» (小坡的生日)
  • «Рикша уола» (骆驼祥子)
  • «Чжан Цзычжун» (张自忠)
  • «Уоттаах көмүү» (火葬)
  • «Биир дьиэ кэргэн түөрт көлүөнэтэ» (四世同堂)
  • «Пурпурнай знамя анныгар» (正红旗下)
  • «Күн сырдыга» (阳光)
  • «Кэпсиир дьон» (鼓书艺人)
  • «Чэй иһэр сир» (茶馆)

Нуучча тылыгар тылбаастаныллан тахсыбыт айамньылара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Лао Шэ. Избранное: Сборник. — М.: Радуга, 1982. — 512 с. (Мастера современной прозы)
  • Лао Шэ. Избранные произведения / Сост. Е. Рождественской-Молчановой; вступ. ст. В. Сорокина. — М.: Худож. лит., 1991. — 703 с. (Библиотека китайской литературы) ISBN 5-280-01338-2