Иһинээҕитигэр көс

Кулун тутар

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Кулун тутар Très riches heures du duc de Berry

Кулун тутар — сааскы ый, 3 ый.

Кулун тутар — сааскы ый. Ол эрээри тымныы уораанын улгумнук ыһыкта охсон биэрбэт. Тымныы оҕуһа моонньоох баһа быстан баран, көхсүн түгэҕиттэн түөрт уон уораанынан, түөрт уон түөрт дьыбарынан тыынар. Ол да иһин кулун тутар тибиилээх-хаһыылаах, кубулҕаттаах. Бу ыйга уруу, сыбаайба буолбат.

Кулун тутарга күн уһуур, дьыбар тахсар. Ый сүүрбэтин диэки күннээх түүн тэҥнэһэллэр. Эмиэ бу бириэмэҕэ сааскы кэм маҥнайгы илдьиттэрэ — туллуктар кэлэллэр. Кинилэр мыраан сирэйин харалдьыктарыгар, далга, кыбыыга, бурдук куумнатыгар түһээччилэр. Сахалар туллук үөрэ халыҥ буоллаҕына, кус уөрэ халыҥ буолар диэн сылыктааччылар. Ол урукку сылларга сөптөөх билгэ буолара. Билигин, кус төрүт да аҕыйаан, туллук үөрэ халыҥыттан-чарааһыттан тутулута суох аҕыйах көтөн кэлэр.

Кулун тутардааҕы саҥа ый былыттаах халлааҥҥа таҕыстаҕына, ардахтаах сайын буолар. Сахалар саҥа ый хайдах тахсарын кэтээн көрөн, күнү-дьылы билгэлээччилэр. Ый сытыары таҕыстаҕына — саҥа ый хаардаах, тыаллаах-куустаах, оттон өргөһө үөһэ буоллаҕына, ардаҕа-хаара суох кураан ый буолар.


Кулун тутар ый күнүн-дьылын билгэтэ

Бу ыйга саас төһө эрдэ кэлэринэн, сайын хайдах буолуон билгэлииллэр. Кулун тутартан тоҕус тибии түстэҕинэ, угут бэлиэтэ. Ый икки тыаллаах: хаардаах көмнөҕү түһэрэр тыал уонна сыыр хастыыр тыал. Ый хаара — туллук кэлэр хаара. Кулун тутар ый балаҕан ыйы батыһар.

Араҥас сулус халлаан оройугар турдаҕына, саас эрдэлиир, ынах сүөһүгэ учүгэй сайын буолар. Арҕааттан, соҕуруулуу-арҕааттан олооһун тыал түстэҕинэ, хаар кэлэр. Сарсыарда дьэргэлгэн түстэҕинэ, былыта суох үчүгэй күн буолар. Сулустар өлбөөрөн көстөр буоллахтарына, халлаан сылыйар. Эрдэ хараардаҕына, үүнээйи сааскы хап-сыыртан тахсыыта бытаарар. Түүн тымныйдаҕына, сир аһа үүммэт.


Тохсунньу | Олунньу | Кулун тутар | Муус устар | Ыам ыйа | Бэс ыйа | От ыйа | Атырдьах ыйа | Балаҕан ыйа | Алтынньы | Сэтинньи | Ахсынньы

ak:Ɔbenem