Үөһээ Бүлүү улууһа
Үөһээ Бүлүү улууһа Верхневилюйский улус | |
Гиэрбэтэ |
Былааҕа |
Дойду | Арассыыйа |
Регион | Саха Өрөспүүбүлүкэтэ |
Улуус киинэ | Үөһээ-Бүлүү |
Үөһээ Бүлүү | |
Иһигэр киирэллэр | 21 олохтоох тэриллии |
Улуус баһылыга | Поскачин Владимир Семенович |
Сурукка киирбитэ | 1734 эбэтэр XVII үйэ саҕаланыыта |
Улуус буолуута | 1931 с. |
Урукку аата | Куорамыкы |
Иэнэ | 42,0 тыһ. км² |
Муора таһымыттан үрдүгэ - Чыпчаала - Орто үрдүгэ - Намыһах сирэ |
400? м 200? м 100? м |
Климата | тосту-конт |
Олохтоох дьонун ахсаана • Чиҥэ • Омуктара • Конфессиялар |
21,4 тыһ. киһи (2002) 0,5 киһ./км² саха язычниктар |
Олохтоохторун аата | үөһээ-бүлүүлэр |
Кэм зоната | MSK+6 (UTC+9, сайын UTC+10) |
Төлөппүөн кода | 41—133 |
Почта индексэ | 678230 |
ОКАТО кода | 1 |
Commons`ка категорията | Verkhnevilujsk |
Официальнай ситим-сир | |
Яндекс.Карты |
Үөһээ Бүлүү улууһа — Бүлүү өрүс сүнньүгэр сытар нэһилиэктэрдээх, тайаан сытар сиринэн атын улуустарга тэҥнээтэххэ кыра гынан баран Саха Сиригэр суолталаах улуус. Киинэ — Үөһээ Бүлүү с. Билиҥҥи кыраныыссатынан 1935 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Булуу улууһуттан араарыллан төрүттэммит. Бу улуустан элбэх культура, наука, политика уонна уопсастыба үлэһиттэрэ тахсыбыттара. Былыр-былыргаттан биир олоҕунан, сороҕор биир кииннэнэн олорбут уруулуу улуустара Бүлүү уонна Ньурба буолаллар.
Демография
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2007 сылга улуус киһитин ахсаана 21 496 киһи. 2002 сыллааҕы сурутуу түмүгүнэн омуктар ахсааннара уонна өлүүлэрэ маннык: сахалар — 20 855 киһи (97,53%), нууччалар — 123 киһи (0,52%), эбэҥкилэр - 250 киһи (1,92%), эбээннэр — 54 киһи (0,25%), уонна атын омуктар — 139 киһи (0,66%).
Географията
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Саха сирин арҕаа өттүгэр, Бүлүү өрүс орто сүүрээнигэр тайаан сытар. Сирин ньуура дэхси.
Тохсунньуга орто температурата 36—40 кыраадыска диэри тымныы, от ыйыгар 15—17 кыраадыс сылаас.
Сыл устата 200—250 мм сөҥүү түһэр. Кыраныыссалаһар улуустара: хотуттан Өлөөн уонна Бүлүү улуустара, илинтэн Горнай улууһа, соҕурууттан Өлүөхүмэ улууһа, соҕурулуу-арҕааттан уонна арҕааттан Сунтаар уонна Ньурба улуустара.
Улууска кумах ардайдаах туой курдук тутуу матырыйаала, киэҥник таҕаммыт сиртэн хостонор баай биирдиилээн көрүҥнэрэ баар. Былыр көмүс сууйаллара.
Улууска 2006 сылтан поселенческай таһымнаах 21 олохтоох тэриллии үөскээн үлэлиир.
Тыа хаһаайыстыбатын сүрүн салаатынан ынах, сылгы сүөһүнү иитии буолар. Ону таһынан туораахтаах культураны, оҕуруот аһын, хортуосканы үүннэрииннэн дьарыктаналлар.
Историята
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Түүкээн үрэх Бүлүү өрүскэ түһэр сиригэр былыр нууччалар Бүлүүгэ бастаан кэлэн баран симиэбийэ (зимовье) туруорбуттара.
Онтуктара хас да сыллар усталарыгар бу эргин опорнай пуун быhыытынан турбута.
Онтон Олоҥноох диэн сиргэ билиҥҥи Нам сэлиэнньэтин сиригэр көһөрүллүбүтэ, Оленск диэн сурукка киирбитэ. Кэлин онтон билигин Бүлүү куората турар сиригэр киин буолбута.
Онон кырдьаҕас Бүлүү куоратын историята Верхневилюйскай симиэбийэттэн саҕаланар.
Администрацияларынан араарыы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]# | Нэһилиэктэр | Кииннэрэ | Кыра сэлиэнньэлэр | Улуус
кииниттэн, км |
Почта
индекса |
Нэһилиэнньэ
ахсаана (2007 сыл) |
---|---|---|---|---|---|---|
1 | Үөһээ Бүлүү | улуус киинэ | 0 | 6792 | ||
2 | Үөдүгэй | Андреевскай | Куду | 1 | 2092 | |
3 | Нам | Хомустаах | 15 | 1273 | ||
4 | Дүллүкү | Дүллүкү | Бүтэйдээх | 40 | 1264 | |
5 | Хоро | Хоро | 15 | 1217 | ||
6 | Боотулу | Боотулу | Көтөрдөөх | 250 | 1559 | |
7 | Далыр | Далыр | Быччыгдаан, Кулуһуннаах | 75 | 931 | |
8 | Кэнтик | Харыйалаах | 9 | 749 | ||
9 | Мэйик | Сайылык | Маай | 85 | 680 | |
10 | Ороһу | Ороһу | 25 | 675 | ||
11 | Тамалакаан | Тамалакаан | 30 | 593 | ||
12 | Өргүөт | Өргүөт | 60 | 580 | ||
13 | Маҥаас | Харбала | Чэҥэрэ | 113 | 554 | |
14 | Оҥхой | Оҥхой | 50 | 553 | ||
15 | Харбалаах | Күл | 40 | 503 | ||
16 | Кырыкый | Кырыкый | 90 | 494 | ||
17 | Сургуулук | Баҕадьа | Киэҥ Күөл | 150 | 467 | |
18 | Балаҕаннаах | Балаҕаннаах | 22 | 340 | ||
19 | Туобуйа | Туобуйа | 250 | 315 | ||
20 | Быракаан | Быракаан | 90 | 249 | ||
21 | Хомустаах | Хомустаах | 55 | 220 | ||
Барыта | 21496 |
Үөрэҕирии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Улуус тэрилтэлэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Улуус архыыба (Култуура уонна сиэр сайдыытын дэпэртээмэнин муниципальнай казеннай тэрилтэтэ), 2019 сыллаахтан начаалынньык Колесова Александра Петровна
Улуус биллиилээх дьоно
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Миронов Алексей Афанасьевич (11.04.1912—30.03.1945) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа.
- Тобуроков Петр Николаевич, Саха народнай поэта
- Сивцев Василий Тарасович (22.12.1933 төр.) — литератураны ырытааччы, тылбаасчыт, саха норуодунай поэта.
[[Билэ:|25px|Үөһээ Бүлүү улууһа]] | Бу Үөһээ Бүлүү улууһугар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |