1990
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1986 1987 1988 1989 — 1990 — 1991 1992 1993 1994 |
Уоннуу сыллар |
1960-с 1970-с 1980-с — 1990-с — 2000-с 2010-с 2020-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1990 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 12 — Румыния урукку социалистыы лааҕыр дойдуларыттан бастакыннан хомуньуус баартыйатын боппут.
- Тохсунньу 20 — Азербайджааҥҥа дьалхаан буолбутугар, Бакуга Сэбиэскэй аармыйа чаастара киирэн Норуот фронун хам баттаабыттар, сүүстэн тахса олохтоох дьон өлбүт (бу түбэлтэ Азербайджан устуоруйатыгар Хара эбэтэр Хааннаах тохсунньу диэн ааттанар).
- Тохсунньу 29 — Дьокуускайга Саха сирин омуктарын музыкатын уонна фольклорун түмэлэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах буолбут. Бу түмэл биир сыл кэриҥэ уопсастыбаннай буолан үлэлээбитэ. Көҕүлээччи, тэрийээччи — Аиза Решетникова.
- Тохсунньу 31 — Москубаҕа бастакы McDonald’s ресторана аһыллыбыт. Бастакы күнүгэр рестораҥҥа 30 тыһ. киһи сылдьыбыт — McDonald’s ситимин устуоруйатыгар рекорд.
Олунньу
- Олунньу 2 — ЮАР бэрэсидьиэнэ Фредерик де Клерк Африка национальнай кэҥгириэһэ бобуллуута уһуллубутун биллэрбит уонна Нельсон Манделаны хаайыыттан таһаартарыам диэбит.
- Олунньу 7 — ССКП Киин кэмитиэтэ Горбачев туруорсуутунан хомуньуус баартыйа ССРС-ка былааска монополиятын тохтоппут.
- Олунньу 11 — Соҕуруу Африкаҕа дьон бырааптарын туһугар турууласпыт актыбыыс Нельсон Мандела түрмэ хаайыытыттан 27 сыл буолан баран босхоломмут. Сотору кэминэн кини Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта.
- Олунньу 26 — Чехословакияттан сэбиэскэй сэриилэр тахсыылара саҕаламмыт.
Кулун тутар
- Кулун тутар 4 — Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин XII ыҥырыытыгар быыбар буолбут. Манна дьокутаатынан кимнээх талыллалларыттан сүрүн мөккүөр түмүгэ тутулуктааҕа: Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлэ ким буолуохтааҕа быһаарыллыбыта — обкуом бастакы сэкиритээрэ Юрий Прокопьев дуу, соторутааҕыта Үрдүкү сэбиэт бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлэ буолбут Михаил Николаев дуу. Быыбар түмүгэр элбэх саҥалыы көрүүлээх дьон дьокутаат буолбуттара, холобур, Дьокуускай биир уокуругар суруналыыс Уйбаан Уһуунускай, Аммаҕа суруйааччы Баһылай Харысхал, Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Андрей Борисов (хос быыбарга) уо.д.а. эдэр дьон. Бу саҥа дьокутаат куорпуһа муус устар 25 күнүгэр Михаил Николаевы Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлинэн улахан утарылаһыыта суох талбыта[1].
- Кулун тутар 4 — РСФСР народнай дьокутааттарын сийиэһэ (дойду сокуону оҥорор үрдүкү былааһа) 5 сыллаах болдьоххо талыллыбыт. 1993 сыллаахха балаҕан ыйын 21 күнүгэр бэрисидьиэн Борис Ельцин ыйааҕынан боломуочуйата тохтообут, алтынньы 4 күнүгэр күүһүнэн ыһыллыбыт.
- Кулун тутар 9 — Берлиҥҥэ икки Германия холбоһоллорун туһунан кэпсэтии саҕаламмыт.
- Кулун тутар 11 — Литовскай ССР Сэбиэскэй Сойуустан тутулуга суоҕун биллэрбит, ССРС Конституциятын бэйэтин сиригэр дьайбатын туһунан эппит уонна 1938 сыллааҕы бэйэтин Конституциятын сөргүппүт.
- Кулун тутар 14 — ССРС бэрэсидьиэнин быыбара буолбут, онно М. С. Горбачёв кыайбыт, ССРС бастакы уонна бүтэһик бэрэсидьиэнэ.
- Кулун тутар 14 — ССРС Конституциятыттан ССКП салайар оруолун туһунан 6-с ыстатыйа сотуллубут.
- Кулун тутар 15 — Михаил Горбачев Сэбиэскэй Сойуус бастакы бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт.
- Кулун тутар 19 — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан Алексеевскай оройуон аата Таатта оройуона диэн буолбута.
- Кулун тутар 21 — Намибия 75 сыл кэнниттэн ЮАР-тан тутулуга суох буолбут.
Муус устар
- Муус устар 24 — «Хаббл» телескоп «Дискавери» хараабылтан ыытыллыбыт.
- Муус устар 25 — Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин XII ыҥырыытын дьокутааттара Михаил Николаевы Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлинэн талбыттар[2].
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 4 — Латвия Үрдүкү Сэбиэтэ Латвияны ССРС састаабыгар күүс өттүнэн киллэриини сыыһанан аахпыт уонна Латвия Өрөспүүбүлүкэтин тутулуга суох дойдунан биллэрбит.
- Ыам ыйын 4 — Латвийскай ССР өрөспүүбүлүкэ тутулуга суох буолуутун сөргүтэр туһунан декаларация ылыммыт, ССРС-тан тахсыбыт.
- Ыам ыйын 8 — Эстонияҕа дойду тутулуга суоҕа чөлүгэр түһэриллиитин туһунан сокуон ылыллыбыт, онон Эстония ССРС-тан тахсыбыт. Бу өрөспүүбүлүкэ сүбүрүнүтүөтү өссө 1988 сыллаахха сэтинньи 16 күнүгэр биллэрбитэ, ол эрээри Сэбиэскэй Сойуустан тахсыбакка олорбута.
- Ыам ыйын 9 — Бүлүү Дьөккөнүтүттэн төрүттээх учуутал Николай Кондаковка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Бу наҕараада кинини өлбүтүн кэннэ булбута. Дьиҥэр, сэрии кэмигэр артиллерия эдэр лейтенаана взводу хамаандалаан Одер өрүһү туораабытын, плацдарм ылбытын, өстөөх алта пулеметун суох гыммытын иһин өссө ол саҕана дьоруойга түһэриллибитэ.
- Ыам ыйын 16 — РСФСР норуодунай дьокутааттарын I сийиэһэ саҕаламмыт (бэс ыйын 22 күнүгэр диэри буолбута). Бу сийиэскэ Арассыыйа сүбэрэнитиэтин туһунан боппуруос көтөҕүллүбүтэ, ырытыллыбыта, уонна бэс ыйын 12 күнүгэр Арассыыйа тутулуга суох буолуутун туһунан декларация ылыныллыбыта. Маны ССРС-тан тахса илик атын өрөспүүбүлүкэлэр бэлиитиктэрэ кыраҕытык кэтээн көрбүттэрэ.
- Ыам ыйын 22 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ үс киһиэхэ туттарыллыбыт: суруйааччы Рафаэль Баҕатаайыскайга, композитор Валерий Кацка, бэйиэт Михаил Тимофеевка.
- Ыам ыйын 22 — Microsoft хампаанньа Windows 3.0 программаны таһаарбыт.
- Ыам ыйын 25 — ССРС Миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Рыжков "салайыллар ырыынак экономикатыгар" көһөр бырагырааманы билиһиннэрбит.
- Ыам ыйын 26 — Грузинскай ССР Прибалтика үс өрөспүүбүлүкэтин кэнниттэн төрдүһүнэн сүбэрэнитиэти биллэрбит.
- Ыам ыйын 29 — Оппозиционер дьокутаат Борис Ельцин РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлинэн талыллыбыт.
- Ыам ыйын 31 — Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала диэн ытык аат Ороһутааҕы норуот педагогикатын түмэлин олохтооччутугар Константин Чиряевка иҥэриллибит.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 1 — Джордж Буш уонна Михаил Горбачев химическэй сэрии сэбин оҥорууну тохтотор туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
- Бэс ыйын 8 — Арассыыйа түмэнэ (парламена) Арассыыйа сокуоннара ССРС сокуоннарыттан үрдүктэрин туһунан сокуон ылыммыт.
- Бэс ыйын 12 — ССРС-ка цензура бобуллубут.
- Бэс ыйын 12 — РСФСР норуодунай дьокутааттарын I сийиэһигэр Арассыыйа тутулуга суох буолуутун туһунан декларация ылыныллыбыт.
- Бэс ыйын 12 — РСФСР дьокутааттарын I сийиэһэ РСФСР туспа судаарыстыба быһыытынан суверенитеттааҕын туһунан декларация ылыммыт. Бу иннинэ Прибалтика өрөспүүбүлүкэлэрэ уонна Грузия сүбэрэнитиэти биллэрбиттэрэ. Арассыыйа декларацията тахсаатын кытта атын хаалбыт өрөспүүбүлүкэлэр бары сүбэрэнитиэт биллэрэн, ССРС састаабыттан тахсыталаан барбыттара.
- Бэс ыйын 20 — Узбекскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
- Бэс ыйын 23 — Молдавскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
От ыйа
- От ыйын 16 — Украинскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
- От ыйын 18 — Саха ССР судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин туһунан Декларация бырайыага бэчээккэ дьүүлгэ тахсыбыт.
- От ыйын 20 — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ Михаил Николаев ССРС бэрэсидьиэнигэр Михаил Горбачевка приемҥа сылдьыбыт. Бу кэнниттэн Горбачев сорудаҕынан Михаил Николаев ССРС совминын бэрэстээтэлэ Николай Рыжковтуун, ССРС Үрдүкү сэбиэтин бэрэстээтэлэ Анатолий Лукьяновтыын, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Национальностар сэбиэттэрин бэрэстээтэллэрэ Рафик Нишановтыын көрсүтэлээбит. Ол эрээри, бу көрсүһүүлэр сүнньүнэн улахан түмүгү биэрбэтэхтэр, онон Борис Ельцинныын ситимнэһэр туһунан быһаарыы ылыллыбыт[1]
- От ыйын 27 — Белрусскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
Атырдьах ыйа
- Атырдьах ыйын 6 — РСФСР Үрдүкү сэбиэтин бэрэстээтэлэ Борис Ельцин Татарскай АССР-га тыл этэригэр: "Сүбэрэнитиэти төһөнү ыйыстаргытынан ылыҥ" диэн аатырбыт тылларын эппит. Бу этии тэлэбиидэнньэнэн эмиэ этиллибит, онтон Башкирскай АССР-га сылдьан эмиэ: "Былаастан төһөнү сатаан ыйстаргытынан ылыҥ" диэн бигэргэппит. Билигин бу этиитин иһин Ельцины буруйдууллар, ол эрээри, сорох устуоруктар санааларынан, бу этии Арассыыйа Федерациятын чөл хаалларбыта, өрөспүүбүлүкэлэр ыһыллан, арахсан барыыларын тохтоппута. Бу кэнниттэн урукку АССР-дар утуу-субуу сүбэрэнитиэт биллэрбиттэрэ эрээри федерацияттан тахсыбатахтара.
- Атырдьах ыйын 9 — Карельскай АССР Арассыыйа Федерациятын өрөспүүбүлүкэлэриттэн бастакыннан сүбэрэнитиэт биллэрбитэ, ол эрээри Арассыыйаттан арахсарын туһунан эппэтэҕэ.
- Атырдьах ыйын 19 — Нүөрүҥгүрү куораттан Дьокуускайга көтөн иһэр 85 пассажирдаах ТУ-154 сөмүөлүөтү 15 хаайыылаах былдьаабыт, Красноярскайынан Ташкеҥҥа тиийбиттэр. Онно 45 пассажиры босхолообуттар, 4 хаайыылаах бэриммиттэр. Уоннааҕылара Пакистааҥҥа Карачи куоракка көппүттэр, онно хаайыылаахтары барыларын тутан хаайбыттар, сууттаан баран өлөрүүгэ уурбуттар. Икки террорист бэйэлэригэр тиийинэн өлбүттэр, биир итииттэн сылтаан хаайыыга өлбүт. 1991 сыллаахха атыттарын өлүөхтэригэр дылы хаайыыга сытарга диэн бириигэбэрдэрин уларыппыттар.
- Атырдьах ыйын 22 — Туркменскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
- Атырдьах ыйын 23 — Армянскай ССР ССРС-тан тахсарын туһунан биллэрбит.
- Атырдьах ыйын 24 — Армянскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
- Атырдьах ыйын 24 — Таджикскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
- Атырдьах ыйын 31 — Татарскай АССР РСФСР өрөспүүбүлүкэлэриттэн иккиһинэн (бастакы Карельскай АССР этэ) сүбэрэнитиэт биллэрбитэ, ол эрээри федерацияттан тахсарын туһунан эппэтэҕэ.
Балаҕан ыйа
- Балаҕан ыйын 4 — Михаил Николаев Борис Ельцинныын аан бастаан сирэй көрсөн кэпсэппит. Бу көрсүһүү улахан суолталаах буолбута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүбэрэнитиэтэ Арассыыйаны мөлтөппөтө этиллибитэ. Борис Ельцин ылыныллыахтаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүбэрэнитиэтин туһунан декларацияны утарыа суох уонна ытыктыах буолан эрэннэрбитэ[1].
- Балаҕан ыйын 27 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суверенитетын Декларацията ылыныллыбыт.
Алтынньы
- Алтынньы 3 — Илин Германия эстибит уонна Арҕаа Германия састаабыгар киирбит. Хат холбоммут Германия Арҕаа Европаҕа баһыйар улахан нэһилиэнньэлээх уонна күүстээх экэниэмикэлээх дойду буолбут.
- Алтынньы 5 — Тахсыбыта 150 сыл буолбут Мельбурн куорат (Австралия) The Herald хаһыата бүтэһик нүөмэрэ туспа тахсыбыт.
- Алтынньы 8 — Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтин Сүбэринитиэтин Декларацията ылыныллыбыт.
- Алтынньы 9 — Барнаул куоракка «Рок-Азия» диэн муусука бэстибээлэ саҕаламмыт (алтынньы 14 диэри буолбута). Бу бэстибээлгэ икки саха бөлөҕө кыттыбыта – «Сэргэ» уонна «Чолбон». Түмүгүнэн «Чолбон» бэстибээл уһулуччу бөлөҕө (супер-группа фестиваля) ааты сүкпүтэ.
- Алтынньы 15 — ССРС бэрэсидьиэнэ Михаил Горбачёв Нобель эйэ бириэмийэтин ылбыт. Кини оҥорбут өҥөтө — дойдулар ардыларынааҕы тыҥааһыны чэпчэтии уонна былаас аһаҕас буолуутун (гласность) бэлиитикэтин ыытыы.
- Алтынньы 16 — Кэрээк автономиялаах уокуруга бэйэтин өрөспүүбүлэннэн биллэрбит.
- Алтынньы 17 — Григорий Явлинскай РСФСР миниистирдэрин сэбиэтин солбуйааччы бэрэстээтэлин дуоһунаһыттан уурайбыт.
- Алтынньы 18 — Ямал-Ненец автономиялаах уокуруга Тюмень уобалаһыттан тахсарын туһунан биллэрбит.
- Алтынньы 22 — Кыргыстаан суверенитетын туһунан сокуон ылыныллыбыт.
- Алтынньы 24 — Чуваш ССР судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыныллыбыт.
- Алтынньы 24 — Саҥа Сир арыыга бүтэһик ядернай дэлби тэптэрии буолбут.
- Алтынньы 25
- ССРС-ка итэҕэли көҥүл талыы туһунан сокуон ылыныллыбыт.
- Хайалаах Алтаай автономиялаах уобалаһа бэйэтин РСФСР иһинэн өрөспүүбүлүкэнэн биллэрбит.
- Казахстан сүбэринитиэтин декларацията ылыллыбыт.
- Алтынньы 27 — Чувашияҕа «Чуваш ССР тылларын туһунан» сокуон ылыллыбыт. Чуваш тыла нуучча тылын кытта тэҥ бырааптаммыт.
В 1990 году, с 9 по 14 октября в Барнауле проходил фестиваль, на который были приглашены две якутские группы По итогам выступлений был признан супер-группой фестиваля.
Сэтинньи
- Сэтинньи 12 — Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума Дьокуускайдааҕы бибилитиэкэҕэ «национальнай» стаатус иҥэрбит.
- Сэтинньи 12 — Тим Бернерс-Ли Аан ситими тэрийэр туһунан этиитин бэчээттээбит.
- Сэтинньи 14 — Арҕаа Германия бэйэтин конституциятыгар уларытыы киллэрэн Польшаны кытары Одер — Нейсе өрүстэринэн ааһар кыраныыссаны билиммит. Бу кыраныысса Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн олохтоммута. Кыайыылаах кыттыгастыы дойдулар Германия илиҥҥи өттүттэн элбэх сири былдьаан Польшаҕа биэрбиттэрэ уонна онно олорбут ньиэмэстэри арҕаа үүрбүттэрэ. Арҕаа Германия Одер — Нейсе лиинийэтин өр билиммэтэҕэ, оннооҕор урукку сирдэрин күүс өттүнэн төннөрүөх буолара. Ол эрэн Илин уонна Арҕаа Германиялар холбоһоллоругар тас дойдулар көҥүл биэрэллэрин мэктиэтигэр ити кыраныыссаны билиммитэ.
- Сэтинньи 19 — Парижка Европатааҕы көннөрү сэрии сэбин туһунан сөбүлэҥҥэ (нууч. Договор об обычных вооружённых силах в Европе) илии баттаммыт.
- Сэтинньи 24 — Сүбэрэнитиэт биллэриллибин кэннэ Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсөн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ саҥалыы сайдыахтаах оҥкулун оҥорбуттар. Көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ совминын бэрэстээтэлэ Владислав Шамшин уонна быраабыыталыстыба атын чилиэннэрэ бааллара.
- Сэтинньи 28 — Британия премьер-миниистирэ Маргарет Тэтчер Консерватордар партияларын салайан бүппүт, онон премьер дуоһунаһыттан уурайбыт. Икки дуоһунаһыгар иккиэннэригэр кинини Джон Мейджор солбуйбут.
Ахсынньы
- Ахсынньы 9 — Лех Валенса быыбарга кыайан Польша аан бастакы быһа куоластааһынынан талыллыбыт бэрэсидьиэнэ буолбут.
- Ахсынньы 11 — Албания үрдүнэн устудьуоннар уонна оробуочайдар уулуссаҕа тахсыбыттар, тиһэҕэр бу Албанияҕа хомуньуус былааһа сууллуутугар тиэрдибитэ.
- Ахсынньы 15 — Киргизскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит. Кыргыстаан Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сүбэтэ Кыргыстаан судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылбыт.
- Ахсынньы 22 — "Солидарность" идэлээх сойуус тойоно Лех Валенса Польша бэрэсидьиэнэ буолбут.
- Ахсынньы 22 — Маршалл Арыылара уонна Микронезия Федеративнай Штаттара ХНТ куттал суох буолууга Сүбэтин быһаарыытынан дьиҥнээхтик тутулуга суох буолбуттар.
- Ахсынньы 23 — Словения олохтоохторун 88,5% Югославияттан тутулуга суох буолуу иһин куоластаабыттар.
- Ахсынньы 26 — РСФСР совминын "Ырыынак сыһыаннарыгар көһүү кэмигэр Саха ССР социальнай-экэнэмиичэскэй кыһаҕаларын быһаарарыгар экэниэмикэ өттүнэн бэйэтин бэйэтэ дьаһаныытын кэҥэтэр туһунан" 603№ уурааҕа тахсыбыт. Бу уураах ый ынараа өттүгэр Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсүһүүтүн түмүгүнэн тахсыбыта. Уураахха айылҕа баайын туһаныы рентата өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнүөхтээҕэ, алмаас, көмүс уонна атын кыраныысса таһыгар тахсар бородууксуйа иһин валютанан төлөбүр киириэхтээҕэ, өрөспүүбүлүкэ валюта пуондалаах буолуохтааҕа ыйыллыбыт.
- Ахсынньы 27 — Борис Ельцин Саха сиригэр көтөн кэлбит, бу иннинэ совмин 603№ уурааҕар суһаллык илии баттаттарбыт уонна ол уураах тиэксин аҕалбыт. Ол күн киэһэ Михаил Николаевтыын биир бииргэ олорон кэпсэппиттэр, Сойуус былааһын кытта сатаспатын, баҕар сэбилэниилээх утары турсуу буолуон сөбүн кэпсээбит (аҕыйах ыйынан, кырдьык, путч буолбута)[3]. Аҕыйах хонук иһигэр Мэҥэ Хаҥаласка, Анаабырга, Мииринэйгэ сырытыннарбыттар, өрөспүүбүлүкэ хайдах олорорун дьиҥнээхтик, нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн хайдах ыраахтарын көрдөрбүттэр.
- Ахсынньы 27 — Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) Максим Аммосов аатын сүкпүт.
- Ахсынньы 29 — Борис Ельцин Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин бэһис сиэссийэтигэр сылдьыбыт, Саха ССР сүбэрэнитиэтин билинэрин туһунан официальнайдык эппит.
Төрөөбүттэр
- Тохсунньу 7 — Анастасия Диодорова — харбааһыҥҥа дойдулар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Арассыыйа уонна Европа хас да төгүллээх чемпиона, икки Аан дойду рекордун олохтообута.
- Сэтинньи 22 — Таха Акгюль — туурак тустууга, Олимпиада чөмпүйүөнэ, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа алта төгүллээх чөмпүйүөнэ (2012, 2013, 2014, 2017, 2018, 2019) уонна 2015 сыллааҕы Европа Оонньууларын чөмпүйүөнэ.
Өлбүттэр
- Леликов Алексей Емельянович, 1965 — 1966 сыллардаахха Саха АССР Министирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
- Трофимова Варвара Петровна (25.08.1911—1990) — Социалистическай Үлэ Геройа, «Дьокуускай» совхоз ыанньыксыта.
- Кулун тутар 4 — Елизавета Ивановна Убрятова (27.10.1907—04.03.1990) — филология билимин доктора, профессор
- Кулун тутар 11 — Николай Васильев (05.11.1938 төр.) — философия билимин хандьыдаата.
- Кулун тутар 21 — Барашков Петр Петрович (27.07.1910—21.03.1990) — Саха АССР культууратын үтүөлээх үлэһитэ.
- Муус устар 1 — Леонид Попов (Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгэр 14.08.1919 төр.) — саха норуодунай бэйиэтэ (1989)
- Муус устар 11 — Васильев Николай Васильевич (05.11.1938—11.04.1990) — философскай билим кандидата.
- Муус устар 30 — Амма Эмиһигэр саха норуодунай бэйиэтэ Күннүк Уурастыырап, Саха суруйааччыларын Сойууһун солбуйар бэрэстээтэлэ.
- Ыам ыйын 11 — Венедикт Ерофеев (1938 с.р.), суруйааччы («Москва — Петушки»).
- От ыйын 13 — Дьяконов Афанасий Лукич (02.12.1948—13.07.1990) — история билимин кандидата.
- Алтынньы 7 — Варвара Трофимова — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Бүлүү улууһун «Дьокуускай» сопхуос ыанньыксыта, Бүлүү улууһун Ытык олохтооҕо.
- ↑ 1,0 1,1 1,2 Николаев Иван Игнатьевич Объявление суверенитета // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 92-93. — 624 с. — 3000 экз.
- ↑ Николаев Иван Игнатьевич Новый депутатский корпус // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 73-76. — 624 с. — 3000 экз.
- ↑ Николаев Иван Игнатьевич Ельцин в Якутии // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 103-104. — 624 с. — 3000 экз.