Иһинээҕитигэр көс

1941 сыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бэчээттииргэ аналлаах барыл өйөммөт уонна сыһалаах буолуон сөп. Браузер закладкаларын саҥарт уонна туспа этиллибэтэх браузер бэчээттиир функциятын тутун.
Сыллар
1937 1938 1939 194019411942 1943 1944 1945
Уоннуу сыллар
1910-с 1920-с 1930-с1940-с1950-с 1960-с 1970-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1941 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

Олунньу

  • Олунньу 12 — Ыарыһаҕы аан бастаан пенициллин көмөтүнэн эмтээн үтүөрдүбүттэр.
  • Олунньу 25 — Нидерлааҥҥа бобуллубут хомуньуус баартыйа ньиэмэстэр оккупациялаан олорор Амстердамнарыгар бүттүүн забастовканы тэрийбит. Забастовка нацистар Голландия дьэбириэйдэрин сойуолаһыыларын утары тэриллибитэ.

Кулун тутар

Муус устар

  • Муус устар 3Үһүс өрөспүүбүлүкэтэҕи хайыһарга күрэхтэһии «бүгүн эн хайыһардьыккын, онтон сарсын Сэбиэскэй Армия саллаатаҕын» диэн девизтээх ыытыллыбыт. Бүлүү, Горнай, Дьокуускай, Чурапчы, Хаҥалас, Таатта улуустара уонна киин куораттан икки хамаанда кыттыбыт. 10 км военизированнай сүүрүүгэ саха национальнай байыаннай оскуолатын курсаана Василий Брицкэй бастаабыт, иккискэ эмиэ бу оскуола младшай хамандыыра Федор Федоров тахсар. 20 км сиргэ Дьокуускайдааҕы маҥнайгы оскуола учуутала Н.Афанасьев, оттон 30 км кыайыылааҕынан эмиэ армеец Брицкэй тахсар.
  • Муус устар 4 — саха фольклорун чинчийээччи Г. М. Васильев Нам улууһугар тахсан 51 саастаах Дьиибэ Бытык диэн олоҥхоһуттан билэр айымньыларын - үс олоҥхону уонна үс ырыаны - суруммут. Ол иһигэр, улахан олоҥхо — «Туналҕаннаах туус маҥан аттаах Тойон Доҕуһуол бухатыыр» (Булуҥ кырдьаҕас олоҥхоһутуттан Курутуу Баһылайтан истибит эбит), уһаттахха 4 чаастан уһуур обургу соҕус «Иирээннээх кутурааннаах Игирэ Хара» олоҥхо (Уус-Дьааҥы кырдьаҕас олоҥхоһутуттан Көҕүрүйэ Уоһуктан истибит) уонна бэйэтэ айбыт «Оҕо Одьунаас Бөҕө» диэн аныгылыы сир дойду былдьаһыытын туһунан олоҥхото. Ыллыыр ырыаларыгар, А. Е. Кулаковскай Булуҥҥа суруйбутуттан ааҕа олорорун истибититтэн — «Тилигирээмэ турбут ырыата» (Ойуун көрүүлэммит), Нам оройуонун Белоусов диэн улахан ырыаһытыттан истибит «Борокуот ырыата» уонна Хатырык нэһилиэгин олохтооҕуттан, Василий Поповтан истибит «Мачайар Баһылай» диэн ырыалардааҕа суруллубут.
  • Муус устар 5Германия уонна Италия сэриилэрэ Югославияҕа уонна Грецияҕа саба түспүттэр.
  • Муус устар 6Аан дойду иккис сэриитэ: Нацистыы Германия Югославияҕа уонна Грецияҕа байыаннай операциялары саҕалаабыт.
  • Муус устар 13ССРС уонна Япония саба түспэт туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаспыттар.
  • Муус устар 14 — Трахома диспансера Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата буолбут.
  • Муус устар 15 — Люфтваффе икки сүүс бомбардировщига Белфаст куораты (Британия) буомбалаабытын түмүгэр тыһыынча кэриҥэ киһи өлбүт.
  • Муус устар 23 — Аан дойду иккис сэриитэ: Греция бырабыыталыстыбата уонна хоруол Георг II ньиэмэс сэриилэрэ киириэхтэрин иннинэ Афина куораттан эвакуацияламмытар.

Ыам ыйа

  • Ыам ыйын 6Иосиф Сталин Совнарком бэрэстээтэлэ буолбут. 1930 сыллаахтан Рыков уһуллубутун кэннэ бу дуоһунаска Молотов олорбута, ол эрээри дойду дьиҥ салайааччыта син биир Сталин (баартыйа киин кэмитиэтин сэкирэтээрэ) этэ.
  • Ыам ыйын 9Аан дойду иккис сэриитэ: U-110 ньиэмэс подлодкатын Британия сэбилэниилээх күүстэрэ былдьаабыттар. Хараабылга Enigma диэн шифрдыыр аппараат баар этэ, ону кэлин криптографтар ньиэмэс салалтатын бирикээстэрин ааҕарга туһаммыттара.
  • Ыам ыйын 17 — 1934—1938 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэстээтэлинэн олорбут Александр Габышев суута буолбут. Троцкайы өйөөтө диэн буруйданан 8 сыл хаайыыга ыытыллыбыт. Ол эрээри 1942 сыллаахха ыам ыйын 21 күнүгэр бириигэбэрэ хос көрүллэн ытарга ууруллубут. Кини Марха улууһун Куочай буолаһын Александровка сэлиэнньэтиттэн төрүттээҕэ.
  • Ыам ыйын 25 — ньиэмэс сэриилэрэ Ливияҕэ киирбиттэр.

Бэс ыйа

От ыйа

Алтынньы

  • Алтынньы 16Москубаҕа ньиэмэс аармыйата чугаһаабытыгар, үрдүкү салалта Куйбышев куоратыгар кистэлэҥ эвакуациятын кэнниттэн паника саҕаламмыт. Куоракка улахан аймалҕан, анархия буолбут, сүүһүнэн тыһыынча салайар үлэһит дьиэ кэргэттэрин кытары Москубаттан күрээбиттэр. Үс-түөрт хонугунан кытаанах миэрэлэр ылылланнар бэрээдэк олохтоммут, уулуссаҕа байыаннай уонна милиция патруллара тахсыбыттар.
  • Алтынньы 19 — Москубаҕа осада балаһыанньата биллэриллибит. Паниканы, анархияны, халабыры уонна маассабай дезетирдааһыны тохтотууга кытаанах миэрэлэр ылыныллыбыттар.
  • Алтынньы 30Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Делано Рузвельт ленд-лиз быһыытынан кыттыгастыы дойдуларга 1 миллиард дуоллардаах көмө оҥорорго дьаһайбыт.

Сэтинньи

  • Сэтинньи 12Аан дойду иккис сэриитэ: Москуба аттыгар ол сыл аан бастаан тымныйыы буолбут (−12° C), сылаас таҥаһа суох ньиэмэстэри утары Кыһыл аармыйа хайыһардаах чаастарын бырахпыттар.
  • Сэтинньи 12 — Аан дойду иккис сэриитэ: сэбиэскэй «Червона Украина» кириэйсэр Севастополь иһин кыргыһыы кэмигэр тимирбит.


  • Сэтинньи 25Финляндия, Румыния, Болгария уонна ньиэмэстэр оккупациялаабыт сирдэригэр баар дойдулар Хорватия, Словакия, Дания Коминтерн утары пакт диэн сөбүлэҥҥэ холбоспуттар. Маны таһынан сөбүлэҥҥэ Япония оккупациялаабыт Кытай сорҕото киирбитэ. Бу сөбүлэҥи бастаан Германия уонна Япония 1936 с. түһэрсэллэригэр Сэбиэскэй Сойууһу утары хайысхалаах этэ, ол иһин "хомуньуус идеологията аан дойдуга тарҕаныытын хааччахтыырга" диэн соруктааҕа, кэлин 1939 с. Германия уонна ССРС ыккардыларыгар атын сөбүлэҥ (Риббентроп-Молотов пакта) түһэрсиллибитин кэннэ, Британияны уонна атын арҕаа дойдулары утары хайысхалана сылдьыбыта.
  • Сэтинньи 26 — Вице-адмирал Тюити Нагумо хамаандалаах дьоппуон флотун эскадрата Курил арыыларын Хитокаппу (Касатка) хомотуттан Пёрл-Харборга айанын саҕалаабыт.

Ахсынньы

  • Ахсынньы 25 — Керчь-Феодосия десаан эппэрээссийэтэ саҕаламмыт.
    • Гонконг иһин кыргыһыы түмүктэммит, куораты дьоппуоннар оккупациялаабыттар.
  • Ахсынньы 27 — билиэнтэн босхоломмут Кыһыл Аармыйа сулууспалаахтарыгар анаан сүүмэрдиир лааҕырдары оҥорор, кинилэр истэриттэн үспүйүөннэри уонна дезертиирдэри булар туһунан № 1069сс нүөмэрдээх ГКО уурааҕа тахсыбыт.
  • Ахсынньы 29Феодосия куоракка сэбиэскэй десант түһэриллибит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр