1865
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1861 1862 1863 1864 — 1865 — 1866 1867 1868 1869 |
Уоннуу сыллар |
1830-с 1840-с 1850-с — 1860-с — 1870-с 1880-с 1890-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1865 сыл.
Туох буолбута
Олунньу
- Олунньу 6 — Санкт-Петербурга күн оройун бууска ытыытынан бэлиэтиир үгэс олохтоммут.
Муус устар
- Муус устар 11 — өлөрүллүөн 3 хонук иннигэр АХШ бэрэсидьиэнэ Авраам Линкольн хара тириилээх дьоҥҥо быыбардыыр быраабы биэрэр туһунан тыл эппит.
- Муус устар 15 — АХШ бэрэсидьиэнэ Авраам Линкольн тыйаатырга Джон Уилкс Бут диэн артыыс бэстилиэтинэн ыппытын нөҥүө күнүгэр өлбүт.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 17 — Электросвязь дойдулар ыккардыларынааҕы сойууһа олохтоммут.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 10 — Мюнхеҥҥа Рихард Вагнер «Тристан уонна Изольда» оператын аан бастаан көрдөрбүттэр.
- Бэс ыйын 16 — Нуучча сэриилэрэ Ташкены ылбыттар.
Ахсынньы
- Ахсынньы 18 — АХШ конституциятыгар кулуттааһыны суох оҥорор 13-с Көннөрүү ылыныллыбыт.
- Ахсынньы 24 — Ку-клукс-клан диэн расистыы тэрилтэ үөскээбит.
Төрөөбүттэр
- Ахсынньы 8 — Ян Сибелиус — биллиилээх фиинн композитора, дирижёр, педагог.
- Ахсынньы 30 — Редьярд Киплинг (1936 өлб.), суруйааччы, бэйиэт. "Маугли" ааптара.