Иһинээҕитигэр көс

Андреев Ананий Кононович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Барыл 19:36, 22 Ахсынньы 2017; Wortez (ырытыы | суруйуу) (Оло5о)
(уратыта) ←Инники барыл | Билиҥҥи барыл (уратыта) | Аныгыскы барыл→ (уратыта)
Андреев Ананий Кононович

Андреев Ананий Кононович (1901—1944), 1929—1931 сс. Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ.

Теруппуттэрэ уерэ5э суохтар этэ. Ананий дьиэ кэргэнин чугас до5ордоро соседтара Всеволод Ионов. Андреевтарга элбэхтэ ыалдьыттыыр эбит. Ионовтыын билсиһиититтэн уонна кэпсэтиититтэн уерэххэ интириэьэ киирбит. Ананий Андреев эдэр сааьыттан под руководством Мегежекского, Аржакова, Васильева стал активным борцом за советскую власть, одним из проводников политики продразверстки в Якутии, а на заключительном этапе – он в составе комиссии внес огромный вклад в мирную ликвидацию тунгусского повстанческого движения. Ананий кылгас оло5ун быьа билиини сырса, уерэнэ сатаабыт. Сахалартан бастакынан инженер- теплоэнергетика дипломун ылбыта (Всероссийская промышленная академия им. И.В. Сталина) ол кэннэ Дьокуускайдааҕы электростанция директора буолбута. Бастакы Саха АССР Коммунальнай хаһаайыстыба наркома. Ыарахан сылларга улээбитэ (время жестоких репрессий), 1938 сыл кулун тутар 3 кунугэр улэтиттэн уураппыттар, ол кэнниттэн 4 кун буолан баран, дьиэ кэргэннэрэ керен турдахтарына хаайыыга илдьэ барбыттар (Его обвинили в членстве троцкистской и буржуазно-националистической организации и приговорили к восьми годам заключения в исправительно-трудовом лагере.). Ол кэмҥэ кэргэнигэр Дьокуускайтан о5олорбутун кытта тургэнник куотун эрэ диэн этэн хаалбыт. Верхоянскай лаа5ырын хайыытыгар 4 сыл буолан баран өлбут. Кэргэнэ уонна о5олоро ыарахан оло5у ааспыттар этэ(заклейменные отпрысками «врага народа»). Пионер да, комсомол да буолбатахтар этэ, ол гынан оскуола предметтарын бэккэ диэн чэпчэкийдик уерэтэллэр эбит. Ананий кыыьа Альбина ЯГУ физико-математическай факультетын бутэрбит, уола Альберт горно-геологическайы. Билигин сиэннэрэ Нюрба5а, Мирнэйгэ, Дьокускайга, Санкт-Петербурга олороллор уонна улэлииллэр.

Андреев А.К. 115 сылын юбилейыгар кинигэ тахсыбыта(«Ананий Кононович Андреев»).

  • 1901 сыл балаҕан ыйын 23 кунугэр Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Свердлов аатынан Коммунист университетын уонна Сталин аатынан Бүтүн Союзтааҕы Промышленнай Академиятын бүтэрбитэ.
  • 1920—1921 сс.— Таатта улууһугар продразвёрстка болномуочунайа.
  • 1922—1923 сс.— РКП(б) Бүлүүтээҕи бюротун сэкрэтээрэ.
  • 1923 сылга — РКП(б) Саха обкомун тэрийэр отдел инспектора.
  • 1923—1924 сс.— Дьокуускай уокурук исполкомын бэрэссэдээтэлэ.
  • 1924—1925 сс.— Саха АССР Финансалар наркоматын Нолуок салалтатын сэбиэдиссэйэ.
  • 1925—1926 сс.— ВЦИК Лаамы Особай хамыыһыйа сэкрэтээрэ, Якутторг Охотскай куораттааҕы факториятын директора.
  • 1926—1928 сс.— Свердлов аатынан Коммунист университетын студена.
  • 1928—1929 сс.— ВКП(б) Дьокуускайдааҕы уокурук сэкрэтээрэ.
  • 1929 сыл кулун тутар — 1931 сыл бэс ыйа — Саха АССР ЦИК уонна Совнарком бэрэссэдээтэлэ.
  • 1931—1936 сс.— Сталин аатынан Бүтүн Союзтааҕы Промышленнай Академиятын үөрэнээччитэ.
  • 1936—1937 сс.— Дьокуускайдааҕы электростанция директора.
  • 1937—1938 сс.— Саха АССР Коммунальнай хаһаайыстыба наркома.
  • 1938 сыллаахха репрессияламмыта.
  • 1940 ыам ыйыгар үрдүкү мераҕа тардыллыбыта, кэнники уһун болдьоххо хаайыыга уларытыллыбыта.
  • 1944 сыллаахха өлбүтэ. Реабилитацияламмыта.

Саха Республикатын ил былаас официал сайта