1912
Сыллар |
---|
1908 1909 1910 1911 — 1912 — 1913 1914 1915 1916 |
Уоннуу сыллар |
1880-с 1890-с 1900-с — 1910-с — 1920-с 1930-с 1940-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1912 сыл.
Туох буолбута
уларыт- Титаник тимирбит.
Тохсунньу
уларыт- Тохсунньу 1 — Нанкиҥҥа Цин импиэрийэтин оннугар Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ биллэриллибит.
- Тохсунньу 5 — РСДРП VI Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэтэ Прагаҕа аһыллыбыт. Бу кэмпириэнсийэ кэмигэр Владимир Ленин уонна кини диэки буолааччылар баартыйаттан хайдан, туспа бассабыык баартыйа буолбуттар.
- Тохсунньу 6 — Ньиэмэс геофизига Альфред Вегенер бастакытын континеннар дрейфтэрин туһунан түөрүйэтин билиһиннэрбит.
- Тохсунньу 17 — Британия айанньытын Роберт Скотт бөлөҕө Соҕуруу полюска тиийбит. Онно кинилэртэн биир ый иннинэ Норвегия айанньытын Руаль Амундсен бөлөҕө тиийбит эбит этэ.
- Тохсунньу 23 — Гаагаҕа Опиум туһунан аан дойдутааҕы конвенцияҕа илии баттаммыт.
Олунньу
уларыт- Олунньу 12 — Кытай бүтэһик импэрээтэрэ 6 саастаах Сюаньтун (Пу И) бүрүстүөлүттэн батыммыт. Кэлин Аан дойду иккис сэриитин саҕана дьоппуоннар тэрийбит Манчжоу Го судаарыстыбаларын баһылыга буола сылдьыбыта.
Кулун тутар
уларытМуус устар
уларыт- Муус устар 8 — Арассыыйа бастакы ойуулуга (мультига) көрдөрүллүбүт: В. А. Старевич уһулбут «Прекрасная Люканида, или Война усачей с рогачами» куукула киинэтэ этэ.
- Муус устар 10 — «Титаник» бэйэтин бастакы уонна тиһэх айаныгар Саутгемптон куораттан (Англия) аттаммыт.
- Муус устар 14 — «Титаник» саахалламмыт.
- Муус устар 17 — Өлүөнэ бириискэлэригэр Бодойбоҕо үҥсүү илдьэн испит оробуочайдары ытыалаабыттар. Хамнастара намыһаҕын, астара-үөллэрэ мөлтөҕүн, үлэлиир симиэнэлэрэ уһунун утаран бу иннинэ бириискэлэргэ стачка биллэрбиттэрэ, 17 чыыһыла түүнүгэр стачка кэмитиэтин чилиэннэрин Бодойбоҕо хаайбыттар, ону истэн 3 тыһыынча кэриҥэ киһи борокуратуураҕа үҥсүү суруйан куоракка тиийбиттэр. Кинилэри саллааттар көрсүбүттэр уонна ытыалаабыттар. 372 киһи бааһырбыт, онтон 170 киһитэ өлбүт. Бу алдьархай туһунан дьокутаат Александр Керенскэй Дуума түрүбүүнэтиттэн биллэрбитин кэннэ Арассыыйаҕа улахан айдаан тахсыбыта.
Ыам ыйа
уларыт- Ыам ыйын 24 (уруккуннан ыам ыйын 11) — Дьокуускай приходун оскуолатын үөрэнээччилэрэ манастыыртан Улахан уулуссанан хааман куорат таһыгар барбыттар. Хаартыскалар С-Пб РГИА архыыбыгар харалла сыталлар[1].
Бэс ыйа
уларыт- Бэс ыйын 6 — Аляскаҕа Новарупта вулкаан эстибит. XX үйэ саамай улахан вулкаана.
Сэтинньи
уларыт- Сэтинньи 3 — Монголия киин куоратыгар Ургаҕа (билиҥҥитэ Улаанбаатар) Арассыыйа уонна Монголия ыккардыларыгар доҕордоһуу туһунан сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Бу түгэн биир сыл иннинэ Кытайтан тутулуга суоҕун биллэрбит Монголияны Арассыыйа билиммит уонна бэйэтин протекторатынан оҥостубут. Кэлин 1945 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус ыгыытынан Кытай Монголияны туспа судаарыстыбанан билиммитэ. Ол кэннэ атын дойдулар эмиэ билинэн барбыттара. 1961 сыллаахха Монголия ХНТ-га киирбитэ.
Төрөөбүттэр
уларыт- Дьячковскай Петр Прокопьевич (1912—1983) — Кыайыы параадын кыттыылааҕа
- Олунньу 2 — Николай Колесов — кырсаны бултааһыҥҥа бүтүн Сойуус рекордун олохтообут саха чулуу булчута, Сэссийэлиистии Үлэ Дьоруойа (1957), Ленин уордьанын кавалера (1957).
- Олунньу 12 — Колесов Николай Савич — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, саха чулуу булчута.
- Олунньу 18 — Леликов Алексей Емельянович, 1965—1966 сыллардаахха Саха АССР Министирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
- Кулун тутар 21 — Башарин Георгий Прокопьевич — саха аатырбыт историга, уопсастыбаннай диэйэтэлэ, РСФСР уонна Саха АССР науукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, история науукатын дуоктара, профессор.
- Кулун тутар 26 — Анна Иванова (1988 өлб.), устуоруйа билимин хандьыдаата, доцент.
- Муус устар 2 — Аммосов Терентий Васильевич (02.04.1912—04.09.1988) — биллиилээх саха муосчута, Саха АССР норуодунай худуоһунньуга.
- Муус устар 11 — Миронов Алексей Афанасьевич (11.04.1912—30.03.1945) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- От ыйын 12 — Бурцева Елизавета Ивановна (12.07.1912—02.10.1985) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- От ыйын 15 — Романова Агния Васильевна (15.07.1912—07.06.1985) — педагогическай билим кандидата.
- От ыйын 23 — Кугаевскай Павел Леонидович, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.
- От ыйын 31 — Милтон Фридман, АХШ экономиhа
- Атырдьах ыйын 12 — Ходулов Дмитрий Федорович (04.08.1912—03.10.1976) — ССРС народнай артыыһа, Саха АССР народнай артыыһа.
- Атырдьах ыйын 18 — Захаров Андрей Иванович (18.08.1912—29.12.1997) — биллиилээх саха политига.
- Атырдьах ыйын 28 — Розинская Полина Константиновна (28.08.1912—2010) — саха норуодунай артыыһа.
- Балаҕан ыйын 17 — Слепцов Николай Дмитриевич (Туобулаахап) (07.09.1912—16.12.1964) — суруйааччы, драматург
- Алтынньы 1 — Лев Гумилёв — былыргы түүрдэр, хунну, хазар уо.д.а истиэп омуктарын устуоруйаларын чинчийбит учуонай, бөлүһүөк, бэйиэт. Кини аатынан Казахстан Нур-Султаныгар универститет ааттаммыта.
- Алтынньы 16 — Бэрияк Алексей Алексеевич (1912—1979), поэт, прозаик уонна тылбаасчыт.
- Алтынньы 19 — Александр Галич (дьиҥнээх араспаанньата Гинзбург) — нуучча бэйиэтэ, сценариһа, драматура, ырыаһыта, бырааьы көмүскээччитэ. Сэбиэскэй кэмҥэ ситиһиилээх киһи (ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, эмискэ былааһы утарбыта, тиһэҕэр сойуустан бастаан Норвегияҕа көһөргө күһэллибитэ, онтон Германияҕа уонна Францияҕа олорбута. 1977 сыллаахха саахалга түбэһэн өлбүтэ, Парижка көмүллүбүтэ.
- Алтынньы 27 — Андреев Дмитрий Гаврильевич (Сунтаар улууһа, Кутана) — сүөһү иитээччи, «Элгээйи» сопхуос биригэдьиирэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- Сэтинньи 14 — Кулантай (Протодьяконов Василий Андреевич), суруйааччы.
- Сэтинньи 26 — Спиридонов Матвей Яковлевич (26.11.1912—1993) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, горняк.
Өлбүттэр
уларыт- ↑ (Ф.835, оп. 3, д.616, л. 1-3)