Сыллар
1823 1824 1825 182618271828 1829 1830 1831
Уоннуу сыллар
1790-с 1800-с 1810-с1820-с1830-с 1840-с 1850-с
Үйэлэр
XVIII үйэXIX үйэXX үйэ

Туох буолбута

уларыт

Олунньу

уларыт
  • Олунньу 8 (урукку ааҕыынан тохсунньу 27) — Саха уобалаһын начаалынньыга Николай Мягков салалтатынан «Туора урдустары салайыы устаабыгар» уонна 1824 сыллаахха Саха сирин дьокутааттара оҥорбут матырыйаалларыгар олоҕуран «Правила для единообразного учреждения порядка по управлению родовых и инородных управ Якутского округа» диэн докумуон тахсыбыт. Бу күн Саха сирин Истиэпэннээх дуумата — бастакы түмэнэ — тэриллибит күнүнэн ааҕыллар. Бу кэнниттэн олунньуга-кулун тутарга Дуумаҕа быыбар буолбута. Онтон кулун тутар 23 күнүгэр (уруккуннан 11) Дуума үлэтин саҕалаабыта.
  • Олунньуга уонна кулун тутар саҕаланыытын усталарыгар Истиэпэннээх Дуума сэтээтэллэрин уонна уустар сүрүн баһылыктарын (нууч. главный родоначальник) талыы буолбут. Саха уустарын сүрүн баһылыгынан Бороҕон кулубата Иван Мигалкин талыллыбыт[1].

Кулун тутар

уларыт
  • Кулун тутар 23 (урукку ааҕыынан кулун тутар 11) — саха салайааччыларын кытта тапсан ыкса үлэлээбит Саха уобалаһын начаалынньыгын Николай Мягков көҕүлээһининэн Саха Степной думата баар буолбут. Бу тыл "степь" диэнтэн буолбакка, "степень" диэн тылтан тахсар, оччотооҕу таба суруйуу быраабылатынан.

Күнэ-дьыла чопчуланыахтаах

уларыт
  • Саха уобалаһын начаалынньыга Өлүөхүмэ уонна Бүлүү уокуруктарын ревизиялаабыт (бу туһунан 1828 сыллаахха ыраахтааҕыга араапар суруйбута С-Пб РГИА харалла сытар[2]). Сахаларга сир тиийбэтэ, Бүлүү уокуругун сахаларыттан Иркутскай-Дьокуускай тыраагын өрөмүөнүгэр харчы ылаллара (кинилэртэн 800 биэрэстэ тэйиччи сытар суол дэммит), Сунтаар сыаркабын аҕабыыта ордук-хос харчы ирдиирэ, сыаркаптар сири былдьыыллара уонна Истиэпэнээх дуума повереннайдарын олохсуйарга сөптөөх сир көрдөтө ыытыы туһунан суруллубут.

Төрөөбүттэр

уларыт
  • Бэс ыйын 24Дмитриан Попов (29.04.1896 өлб.), Саха сиригэр үлэлээбит аҕабыыт, тылбаасчыт, учуутал. Кини дьонуттан хаалбыт уонна биэс уонча сыл бэйэтэ суруйбут саха тылын быһаарыылаах тылдьытын Пекарскайга биэрбитэ.

Өлбүттэр

уларыт
  1. О.Г. Сидоров От Алексея Кулаковского до Николая Лугинова. Штрихи к истории якутской культуры. — Якутск: Бичик, 2011. — С. 45. — 200 с. — 1300 экз. — ISBN 978-5-7696-3795-7
  2. Ф.1399. оп. 1. Д. 60. Л. 1