Сэтинньи 21
күнэ-дьыла
Сэтинньи 21 диэн Григориан халандаарыгар сыл 325-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 326-c күнэ). Сыл бүтүө 40 күн баар.
Бэлиэ күннэр
уларыт- ХНТ — Аан дойдуга Телевидение күнэ (ХНТ Генеральнай Ассамблеята 1996 с. олохтообут).
- Аан дойдутааҕы Эҕэрдэлэһии күнэ (World Hello Day). Бу күн үгэс курдук уонтан тахса киһини кытта дорооболоһуохтааххын. 1973 сыллаахха сэриини тохтоторго дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһаллара суолталаах диэн санааттан икки ини-бии МакКормактар олохтообуттара
- Арассыыйа — Арассыыйа нолуок уорганнарын үлэһитин күнэ
- Баҥладеш — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Греция — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Серб Өрөспүүбүлүкэтэ — Сүрүн сөбүлэҥ түһэрсиллибит күнэ. 1995 сыллаахха Дейтон сөбүлэҥинэн үс аҥаар сыл тухары барбыт Босния сэриитэ бүппүт Босния уонна Герцеговина диэн икки сүрүн чаастан турар дойду үөскээбит
- Украина — Дьоһун уонна көҥүл күнэ
Түбэлтэлэр
уларыт- 1325 — Алтан Ордууга Тверь кинээһэ Дмитрий Михайлович Уордаах Харах (нууч. Грозные Очи) Москуба кинээһин Юрий Даниловиһы өлөрбүт. Бу аҕатын иэстэһии этэ. Ол эрээри ол саҕана Алтан Ордууга баһылыктаан олорбут Узбек Хаан күтүөтүн өлөрбүт киһини бырастыы гымматаҕа, ону таһынан Дьаһаах этэринэн суута суох өлөрөр бобуллара, онон Тверь кинээһин өлүүгэ уурбута.
- 1386 — Тимур Грузия киин куоратын сэриилээбит, Грузия ыраахтааҕытын Баграт V билиэн ылбыт.
- 1620 — «Мэйфлауэр» диэн аалынан Англияттан байҕалы туораан кэлбит пилигримнэр Хотугу Америка кытылын булбуттар. Сотору кэминэн кинилэр манна англичаннар бу континеҥҥа бастакы олохтоох холуонньаларын — Плимуту — олохтообуттара. Пилигримнэр олохторун устуоруйата, итэҕэл көҥүлүн көрдөөн далайы туорааһыннара АХШ устуоруйатыгар уонна култууратыгар сүрүн миэстэни ылар.
- 1699 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I рекрут бэбииннэһин туһунан ыйаах таһаарбыт. Маҥнай утаа рекруттары бары сословиелартан ылаллара, рекрутунан аармыйаҕа ыҥырыллыбыт киһи олоҕун тухары саллаат буолара. Рекрукка хомууру кэмиттэн кэмигэр ыраахтааҕы ыйааҕынан ыыталлара. Онтон билиҥҥи курдук призывтаах хомуур 1874 сыллаахха олохтоммута.
- 1783 — Парижка икки киһи, Жан-Франсуа Пилатр де Розье уонна Франсуа Лоран д'Арланд, аан дойду устуоруйатыгар бастакынан баайыыта суох салгын шаарынан көппүттэр. 25 мүнүүтэ иһигэр салгын шаара 915 миэтэрэ үрдүккэ көтөн тахсыбыт уонна төттөрү түһэн сири булбут.
- 1877 — Америка айааччыта Томас Эдисон тыаһы суруйар уонна таһаарар тэрили, фонограбы, айбытын туһунан биллэрбит.
- 1894 — Кытай-Дьоппуон сэриитин саҕана Порт-Артуру дьоппуоннар сэриилээн ылбыттар. Ол эрээри сотору соҕус Арҕаа дойдулар ыгыыларынан Дьоппуон пуорду Кытайга төннөрбүтэ. Үс сылынан Порт-Артуру Арассыыйа бэйэтигэр ылбыта, Чуумпу далайдааҕы флотун баазатынан оҥостубута.
- 1905 — Альберт Эйнштейн маасса уонна энергия эквивалентнайдарын туһунан ыстатыйата тахсыбыт. Маасса уонна энергия ыккардыларыгар аатырбыт формула арыллыбыт,E = mc².
- Саха сиригэр Мончуур баабырын бултаабыттар
- 1920 — РКП(б) Саха сиринээҕи бюрота саха хомуньуустарын уонна хомсомуолларын «Саха омук» уопсастыбаҕа киирэргэ соруйбут. Кинилэр онно бас-көс оруолу бэйэлэригэр ылан уопсастыбаны Сэбиэскэй былаас туһугар үлэлэтиэхтээхтэрэ.
- 1942
- Ньиэмэстэр Ф. Паулюс салалталаах 6-с аармыйалара Сталинград анныгар төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит.
- Красноярскайдааҕы судаарыстыбаннай мэдиссиинэ института олохтоммут.
- 2012 — АХШ Кэнгириэһэ Джексон — Вэник көннөрүүтүн (ааҥл. Jackson–Vanik amendment) дьайыытын тохтоппут. Бу көннөрүү АХШ атыы-эргиэн сокуонун уларытан, киһи быраабын кэһэр дойдулары кытта эргиэни хааччахтыыра.
- 2013 — Украинаҕа бэрэсидьиэн Виктор Янукович Европа Сойууһун кытары ассоциация туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттааһыны тохтоппут. Ол кэнниттэн Евромайдан диэн ааттаммыт маассабай бырачыастар саҕаламмыттар. Үс ыйдаах быыстала суох бырачыастар кэннилэриттэн, онно сүүстэн тахса киһи өлбүтүн кэнниттэн былаас уларыйбыта, Янукович дойдуттан күрээбитэ.
Төрөөбүттэр
уларыт- 1694 — Вольтер — Франция сырдатааччы бөлүһүөгэ, суруйааччы, устуорук.
- 1896 — Андрей Саввин — Өндөрүүскэ (31.05.1951 өлб.) — учуутал, саха аһын-үөлүн, көмөр сиэрин-туомун чинчийбит этнограф учуонай, кыраайы үөрэтээччи, түмэл үлэһитэ. Чурапчытааҕы устуоруйа уонна этнография түмэлигэр кини аата иҥэриллибит.
- 1898 — Михаил Мегежекскай — сэбиэт былааһын, Саха Сирин автономиятын олохтооччулартан биирдэстэрэ, саха биллиилээх уопсастыба уонна бэлиитикэ диэйэтэлэ, 1926—1927 сс. ЯЦИК бэрэстээтэлэ.
- 1908 — Николай Заболоцкай — Чысхаан (01.04.1987 өлб.) — прозаик, литератураны ырытааччы, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1944), Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини аатын Өймөкөөн улууһун Томтор орто оскуолата сүгэр.
- 1919 — Михаил Кильчичаков — хакаас бэйиэтэ, суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, түмэт уонна бэлиитикэ диэйэтэлэ, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа.
- 1920 — Михаил Федоров — 1961—1969 сс. Саха АССР прокурора, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үтүөлээх юрииһа, юридическай билим дуоктара, профессор, Дьокуускай куоратын Ытык киһитэ (1995), Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык киһитэ (2000).
- 1923 — Михаил Воронкин — саха түөлбэ тылын чинчийбит бөдөҥ учуонай, СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС БА Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, тыыл бэтэрээнэ, устуоруйа билимин дуоктара.
- 1928 — Иннокентий Артамонов — хоһоонньут, тылбаасчыт. Аҕа Дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. 1964 сылтан ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. "Мин мантан сэриигэ барбытым" хоһоон ааптара.
- 1928 — Михаил Габышев — түмэт диэйэтэлэ, историк, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Память» кинигэ бас эрэдээктэрэ, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыба бириэмийэтин лауреата.
- 1929 — Иннокентий Игнатьев — Саха АССР ил уонна баартыйа диэйэтэлэ, 1972—1992 сылларга Саха АССР Москубатааҕы Постояннай бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта. Алдан улууһун (1984), Мэҥэ-Хаҥалас улууһун (1989), Дьокуускай куоратын (1999), Саха Өрөспүүбүлүкэтин (2009) Ытык киһилэрэ.
- 1948 — Иван Попов - Уйбаан Бахсылыырап — Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин киинэтин бэтэрээнэ. Уус-Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин, Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгин Ытык киһитэ.
- 1963 — Михаил Мамиашвили — греко-римскэй истииллээх сэбиэскэй тустуук, Олимпиада чөмпүйүөнэ, ССРС Успуордун үтүөлээх маастара (1988), ССРС уонна Арассыыйа үтүөлээх тириэньэрэ (1992), Арассыыйа спортивнай тустууга федерациятын бэрэсидьиэнэ (ФСБР).
Өлбүттэр
уларыт- 1914 — Иван Крафт — 1906-1913 сылларга Саха уобалаһын күбүрүнээтэрэ, 1913-1914 сылларга Енисей күбүөрүнэтин күбүрүнээтэрэ. Кини салайар кэмигэр Саха сирэ балысхан сайдыыны ситиспитэ биллэр: потребительскай уопсастыбалар тэриллибиттэр; булт, балык бэрээдэктэммит; бааннар аһыллыбыттар; сир баайын хостооһуна кэҥээбит; Өлүөнэ өрүһүнэн айан-сырыы обургутук элбээбит; дьүлэйдэргэ, хараҕа суохтарга уонна иирээкилэргэ анал приюттар тутуллубуттар; балыыһа ахсаана 63%, быраастар ахсааннара 73%, биэксэллэр ахсааннара үс төгүл улааппыт; төлөпүөн, телеграф, кинематограф, электричество баар буолбуттар; алын оскуола ахсаана 17 тиийбит; учууталларга педагогика куурустара үлэлээбиттэр; икки мэндиэмэннээх училище уонна дьахталлар гимназиялара тутуллубуттар. Крафт кэпсэтиитинэн Петербуурдааҕы Билим академията Эдуард Пекарскай саха тылдьытын бэчээттээһинин саҕалаабыта, бу тылдьыты сотору кэминэн Мустафа Кемал Ататүрк туурак тылын реформатыгар туһаммыта.
- 1934 — Герасим Бястинов – Бэс Дьарааһын — прозаик, очеркист. Кини аатын Таатта улууһун Чымнаайы орто оскуолата сүгэр.
- 1999 — Георгий Масленников — 1943-1946 сыллардаахха ВКП(б) Саха обкуомун бастакы сэкирэтээрэ.