Сэтинньи 2
күнэ-дьыла
Сэтинньи 2 диэн Григориан халандаарыгар сыл 306-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 307-c күнэ). Сыл бүтүө 59 күн баар.
Бэлиэ күннэр
уларыт- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы суруналыыстарын утары буруйу оҥоруу сэмэлэммэккэ хааларын тохтотуу күнэ
- АХШ (Хотугу Дакота, Соҕуруу Дакота) — Судаарыстыбаннас күнэ
- Маврикий — Ииндийэттэн кэлии күнэ. Сорох дойдуларга (Кариб байҕалын тула, Фиджи, Соҕуруу Африка) Ииндийэ субконтиненыттан дьон олохсуйа кэлбитин судаарыстыба бэлиэтиир. Маврикийга бу күн 1879 сыллаахха бастакы хараабыл үлэҕэ хантараак түһэрсибит дьону аҕалбыт
- Өлбүттэри кэриэстиир күн (Рим католик сыаркаба, англиканство)
- Хайле Селассие хоруоналаныыта (Растафари)
Түбэлтэлэр
уларыт- 619 — былаас былдьаһыытын түмүгэр Арҕаа Түүр каганаатын баһылыгын Кытайга Тан импиэрийэтин төрүттээччи Гаоцзу бүрүстүөлгэ олорбутун кэннэ илиҥҥи түүрдэр өлөрбүттэр.
- 1721 — Швецияны утары сэриини кыайыылаахтык түмүктээн баран ыраахтааҕы Бүөтүр I импэрээтэр титулун ылбыт. Арассыыйа импиэрийэ буолбут. Бу саҕана Арассыыйа нэһилиэнньэтин ахсаана 15 мөлүйүөн киһи эбит, Европаҕа Францияттан эрэ аҕыйах.
- 1914 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Арассыыйа Импиэрийэтэ Осмаан Импиэрийэтигэр сэриини биллэрбит. Биллэрин курдук ,бу икки импиэрийэ аҕыйах сылынан суох буолбутттара.
- 1917 — Бальфур декларацията этиллибит. Улуу Британия тас дьыалаҕа миниистирэ лорд Бальфур сионистар басханнарыгар Лайонел Ротшильдка суругар эппитинэн Улуу Британия бырабыыталыстыбата дьэбириэйдэр Палестинаҕа түөлбэлээн олохсуйалларагар сөбүлэспит. Дьэбириэйдэр Палестинаҕа күргүөмнээх көһүүлэрэ саҕаламмыт.
- 1926 — саха тылынан тахсар уус-уран литэрэтиирэ сурунаала "Чолбон" төрүттэммит. Саха АССР обкуомун бүрүөтүн 107 нүөмэрдээх боротокуолугар олоҕуран "Саха омук" култуура-сырдатар уопсастыба уонна Үөрэҕирии, доруобуйа харыстыабылын наркоматын кыттыгас таһаарыыларын быһыытынан олохтоммута. Төрүттээччилэринэн суруйааччы Алампа (сурунаал бастакы эрэдээктэрэ), литэрэтиирэ кириитигэ Василий Леонтьев, тылбаасчыт Алексей Бояров буолбуттара.
- 1943 — Хотугу Кавказка олорор карачаайдар депортациялара саҕаламмыт. 3 күн иһигэр 68 тыһыынча киһи хомуллан Орто Азияҕа 34 пуойас эшелонунан ыытыллыбыт. Көһүүгэ дьон 20% сутаан өлбүтэ биллэр. 1956 сыллаахха депортацияламмыт омуктар босхоломмуттара, төттөрү дойдуларыгар көһүүлэрэ саҕаламмыта.
- 1956 — Венгрия бырабыыталыстыбата Варшаватааҕы байыаннай дуогабартан тахсарын туһунан биллэрбит, уонна ХНТ-тан сэбиэскэй сэриилэр дойдуга киириилэрин тохтоторугар көрдөспүт. Ол эрээри ССРС Венгрияҕа буола турар балаһыанньаны ХНТ быһаарсарын вето быраабынан туһанан тохтотон кэбиспит.
- 1956 — Вильнюска уонна Каунаска Литва ыччата үс устудьуону үөрэхтэн уһулууну утаран демонстрацияҕа тахсыбыт. Бу дьон бу иннинэ "Венгрия өрөбөлүүссүйэтэ туругурдун!" диэн суругу көстөр сиргэ таһаарбыттар эбит.
- 1965 — ССРС куйаар орбитатыгар «Протон-2» станцияны таһаарбыт.
- 1993 — Англикааннар сыаркаптарыгар дьахталлары ийэбиит оҥорор туһунан быһаарыыны Британия түмэнэ бигэргэппит.
- 2002 — Санкт-Петербурга (Сан Бөтөрбүүр) Саха сирин күннэрэ аһыллыбыттар.
Төрөөбүттэр
уларыт- 971 — Махмуд Газни (1030 өлб.)
- 1965 — Шахрух Хан — аатырбыт Ииндийэ киинэ актера, продюсера уонна телеведущайа. Кинини "Болливуд хоруола" диэн ааттыллар.
Өлбүттэр
уларыт- 1922 — Всеволод Ионов — этнограф, народниктар хамсааһыннарын чилиэнэ. Саха сиэрин-туомун чинчийбит, оскуолалары тэрийээччи уонна педагог быһыытынан биллибит киһи. Саха дьахтарын ойох ылбыта, кини биллиилээх учуонай буоларыгар көмөлөспүтэ, түөрт оҕоломмуттарыттан икки кыыстара улахан дьон буолбуттара.
- 1937 — Владимир Иохельсон — этнограф, народник, Саха сиригэр көскө олоро сылдьыбыт киһи, Нью-Йорка өлбүтэ. Кини сахалар култуураларын туһунан ытыктабыллаахтык суруйбута, элбэх саха малын-салын омук түмэллэригэр хомуйбута, сахалары үөрэтиигэ дьоһуннаах кылааты киллэрбитэ.
- 1950 — Джордж Бернард Шоу, Ирландия суруйааччыта, драматург уонна кириитик, Нобель бириэмиэйтин лауреата (1856 төр.).