Олунньу 26
күнэ-дьыла
Олунньу 26 диэн Григориан халандаарыгар сыл 57-с күнэ. Сыл бүтүө 308 күн (ордук хонуктаах сылга 309 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
уларыт- — Наҕыл буолуу күнэ. 2007 сыллаахха Италияҕа бэлиэтиир буолбуттар, икки сылынан атын дойдуларга тарҕаммыт. Бу күн уопсастыба түргэн тэтимиттэн тэйэ түһэн, бэйэҥ ис ыра санааҕар болҕомто уурарга, эбэтэр чугас дьоҥҥун кытта наҕыллык кэпсэтэргэ ыҥыраллар.
- Азербайджан — Ходжалы сиэртибэлэрин күнэ.
- Кувейт — Босхолонуу күнэ.
Түбэлтэлэр
уларыт- Б.э.и. 747 сыл — 23 сыл халдейдар баһылаан олорбуттарын кэннэ Набу-насир Вавилон ыраахтааҕыта буолбут, б.э.и. 734 сыллаахха диэри олорбута.
- 1233 — Чыҥыс Хаан сэриитэ Хотугу Кытайдааҕы Цзинь илин киин куоратын Кайфэны хас даҕаны ыйдаах төгүрүктээһин кэнниттэн ылбыттар.
- 1804 — Арассыыйа импиэрийэтигэр Томскай губерния олохтоммут (1925 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр дылы баар буола сылдьыбыт).
- 1815 — Наполеон Бонапарт көскө ыытыллыбыт сириттэн, Италия кытылын таһыгар баар Эльба арыытыттан, күрээбит. Кини Францияҕа тиийэн былааһы бэйэтигэр 100 күҥҥэ төннөрбүтэ.
- 1832 — Арассыыйа былааһын утары өрө туруу хам баттаммытын кэннэ Польша бэйэтин аармыйата уонна сеймэ (түмэнэ) суох хаалбыт.
- 1876 — Дьоппуон уонна Кэриэйэ ыккардыларыгар Канхвадо дуогабара түһэрсиллибит. Хас эмэ үйэ тухары хатанан олорбут Кэриэйэ Дьоппуон атыытыгар-эргиэнигэр күүс өттүнэн аһыллыбыт. Дьоппуон подданнайдара Кэриэйэҕэ экстерриториальность быраабын ылбыттар.
- 1878 — Франция филолога Эмиль Литтре биир учуонай көрдөһүүтүнэн микроб диэн тиэрмини айбыт.
- 1925 — РСФСР-га Коми-Пермяк уокуруга тэриллибит. Бу уокурук 2005 сыл ахсынньы 1 күнүгэр Пермь уобалаһыгар холбоммута, Пермь кыраайа үөскээбитэ. Коми-пермяктар (бэйэлэрин коми пермякезз, коми отир, коми морт дэнэллэр) диэн 95 тыһ. кэриҥэ ахсааннаах омук, тыллара коми тылыгар майгынныыр, алпаабыттара биир, ол эрээри литэрэтиирэлии тыллара тус туһунан.
- 1926 — Баку куоратыгар Бүтүн Сойуустааҕы тюркологтар сийиэстэрэ саҕаламмыт, кулун тутар 6 күнүгэр түмүктэммит. Бу сийиэскэ чуолаан түүр омуктарын суруктарын-бичиктэрин уонна литэрэтиирэлэрин сайыннарыыга болҕомто уурбут. Сийиэскэ Саха сириттэн Исидор Барахов, Анемподист Софронов уонна Георгий Сивцев кыттыбыттар.
- 1936 — Чурапчыга У-2 сөмүлүөт түспүт. Кулун тутартан сөмүлүөт сырыыта тиһиктээх буолбут[1].
- 1990 — Чехословакияттан сэбиэскэй сэриилэр тахсыылара саҕаламмыт.
- 1991 — "Саха Сэбиэскэй Социалистыы Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбалыы туругун туһунан" диэн сокуон ылыныллыбыт. Манна өрөспүүбүлүкэ бэйэтин территориятыгар баар тэрилтэлэри (ол иһигэр ССРС уонна РСФСР таһымыгар үлэлиир алмаас уонна көмүс хостуур) хаһаайыстабаннай үлэлэрин хонтуруоллуур кыахтааҕа этиллибитэ. Бу кэнниттэн атын автономнай өрөспүүбүлүкэлэр эмиэ маннык ирдэбиллэри Сойуус иннигэр туруоран барбыттара.
- 1992 — Карабах атааннаһыытын кэмигэр Ходжалытааҕы хаан тохтуута буолбут.
- 1995 — Ник Лисон диэн түөкүн брокер биржаҕа оонньоон 1,4 миллиард доллар сүтэрбитин иһин Британия саамай былыргы бааннарыттан биирдэстэрэ Barings Bank эстибит.
- 2004 — Латвия сейма НАТО-ҕа киирэр туһунан сокуону ылбыт.
- 2006 — Кыһыҥҥы XX Олимпииада Туриҥҥа түмүктэммит.
Төрөөбүттэр
уларыт- 1802 — Виктор Гюго — Франция суруйааччыта.
- 1917 — Алексей Бродников (25.06.1998 өлб.) — бэйиэт, прозаик, СӨ оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Аҕа дойду Улуу сэрии кыттыылааҕа. 1965 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- 1944 — Гаврил Филиппов — филология билимин дуоктара, профессор, РФ педагогическай уонна социальнай билимнэрин академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, CӨ билимин үтүөлээх үлэһитэ.
- 1954 — Реджеп Тайип Эрдоган — 2003-2014 сылларга Туурсуйа премьер-миниистирэ (дойду баһылыга), 2014 сылтан ыла Туурсуйа бэрэсидьиэнэ (конституцияҕа уларыйыы киирэн эмиэ дойду баһылыга).
Өлбүттэр
уларыт1969 — Карл Ясперс (1883 төр.), ньиэмэс бөлөһүөгэ, психолог уонна психиатр, экзистенциализм бэрэстэбиитэлэ.
- ↑ Зуев, Ю. Н. Авиация в Якутии : популярный очерк прошлого инастоящего авиации в Якутии / Ю. Н. Зуев, Ю. А.Остапенко, О. П. Бородин. - Якутск : Якутское книжное изд-во, 1985. – С.86.