Ефимов Моисей Дмитриевич

Ефимов Моисей Дмитриевич (04.08.1927—14.11.2010) — саха норуодунай бэйиэтэ.

Ефимов Моисей Дмитриевич

Олоҕун олуктара

уларыт
  • 1927 сыллаахха атырдьах ыйын 4 күнүгэр Үөһээ Дьааҥыга Дулҕалаах нэһилиэгэр төрөөбүт.
  • Дьокуускайдааҕы пединституту 1953 сыллаахха бүтэрэн баран, «Эдэр коммунист» хаһыакка отдел сэбиэдиссэйинэн, «Кыымҥа» уонна «Хотугу сулус» сурунаалга үлэлиир, орто оскуолаҕа учууталлыыр.
  • 1957 с. — ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
  • 1963—1983 сс. — Саха Сирин суруйааччыларын Сойуустарын бырабылыанньатын эппиэттиир сэкиритээринэн, бэрэссэдээтэл солбуйааччытынан буола сылдьыбыт.
  • 1991 с. — Саха республикатын суруйааччыларын Сойуустарын исполкомун бэрэссэдээтэлэ.
  • 2010 сыл сэтинньи 14 күнүгэр күн сириттэн барбыт.

Айар үлэтэ

уларыт

Моисей Ефимов 40-н тахса сахалыы, нууччалыы тахсыбыт хоһооннор кинигэлэрин ааптара. Хас да хомуурунньуга атын омуктар тылларынан тахсыбыта.

Суруйааччы бастакы хомуурунньуга «Киирбэт күннээх дойдуга» 1954 сыллаахха тахсыбыта.

М. Ефимов тылбаасчыт быһыытынан эмиэ биллэр. Сахалыы тылынан А. Малышко «Прометей» поэматын (Сэмэн Даниловтыын), С. Щипачев «Павлик Морозов», М. Горькай сорох остуоруйаларын уонна кэпсээннэрин, Н. Некрасов, С. Маршак, Казахстан, Киргизия поэттарын хоһооннорун саҥардыбыта.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

уларыт
  • Саха норуодунай поэта
  • Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан
  • Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата
  • Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин «Алаш» литературнай бириэмийэтин лауреата

Өссө маны көр

уларыт

Туһаныллыбыт сирдэр

уларыт