Болот Боотур
Соловьев Василий Сергеевич — Болот Боотур (15.04.1915—24.05.1993) — саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1966).
Болот Боотур | ||||
Төрөөбүт аата: |
Соловьев Василий Сергеевич | |||
---|---|---|---|---|
Төрөөбүт күнэ: | ||||
Төрөөбүт сирэ: | ||||
Өлбүт күнэ: |
24 ыам ыйын 1993 (78 сааһыгар) | |||
Дойдута: | ||||
Айар сыллара: |
1957 сылтан | |||
Айымньыларын тыла: | ||||
Наҕараадалара: |
|
Олоҕун олуктара
уларыт1915 с. муус устар 15 күнүгэр Боотур Уус улууһун (билигин Чурапчы) IV Хатылы нэһилиэгэр төрөөбүт. Кыра эрдэҕиттэн норуот уус-уран айымньытыгар убанан үөскээбит. 15 саастааҕар оройуоннааҕы сир салаатыгар бастакы артыаллары тэрийэргэ көмөлөспүт. Всеобуч учууталларын кылгас кэмнээх бэлэмниир курустарын бүтэрэн 1933 с. Мындаҕаайы бастакы сүһүөхтээх оскуолатыгар учууталынан анаммыт.
Үлэлии сылдьан репрессияҕа түбэспит, учуутал үлэтигэр 1939 с. биирдэ төннүбүт. Мугудай оскуолатыгар үлэлии сылдьан Дьокуускайдааҕы педагогическай институт тыл уонна литература факультетыгар кэтэхтэн үөрэммит. Сэрии саҕаланан үөрэҕэ уурайбыт.
1942 с. сэриилэһэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Калининград, Ленинград уобаластарын, Литваны, Белоруссияны, Польшаны босхолооһуҥҥа кыттыбыт, сэриини Германияҕа түмүктээбит. Ыараханнык бааһыра сылдьыбыт.
Сэрии кэнниттэн үөрэтэр үлэҕэ төннүбүт. Фольклор уонна этнография матырыйааларын хомуйууннан дьарыктаммыт, оскуола түмэлин тэрийбит. 1955 с. кэтэхтэн үөрэнэн Дьокуускайдааҕы педагогика институтун бүтэрбит.[1]
1993 с. ыам ыйын 24 күнүгэр өлбүт.
Айар үлэтэ
уларыт1957 с. кимиэхэ да биллибэт ааптар «Ол күн» диэн поэматынан Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 40 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куоҥкуруска кыттан иккис бириэмийэни ылбыт. Поэма 1958 с. туспа кинигэнэн тахсыбыта. «Сааскы дьыбардар» романа 1967 сыллаахха буолбут куонкуруска эмиэ иккис миэстэни ылан суруйааччы прозаик быһыытынан сиппитин-хоппутун көрдөрбүт. Айымньы 1971 с. бэчээттэммит. Роман саха литературатыгар көс эбээннэр олохторун-дьаһахтарын көрдөрбүт бастакы айымньыннан буолбут.
Айымньылара
уларыт- 1. Ол күн. Поэма. - Якутскай, 1959;
- 2. Сааскы дьыбардар. Роман. - Якутскай, 1971;
- 3. Весенние заморозки. Роман /Авториз.пер. В.Дудинцева, Н.Гордеевой. - М., 1974; 1982;
- 4. Уһуктуу. Роман.- Кн. 1-3. - Якутскай, 1975 - 1987;
- 5. Пробуждение. Роман /Авториз.пер. В.Кочеткова - М., 1978 - 1984;
- 6. Ол күнтэн — бу күҥҥэ. Хоhооннор, поэмалар. - Якутскай, 1985;
- 7. Хомурахтаах хоту сирим оҕолоругар. - Якутскай, 1992.
Оҕолорго айымньылара
уларытНаҕараадалара уонна ытык ааттара
уларыт- Албан аат III ст. уордьана
- Аҕа дойду Улуу сэриитин I ст. уордьана
- Саха норуодунай суруйааччыта
- Саха АССР П. А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэтин лауреата
Өссө маны көр
уларытБыһаарыылар
уларыт- ↑ Саха саарыннара. Хомуйан оҥордулар Л. Г. Николаев, А. Г. Николаев, Ф. Э. Данилов. — Дь.: Кудук, 1998. — ISBN 5-7863-0122-2